Убаастабыллаах Өймөкөөн улууһун учууталлара, иитээччилэрэ, эбии үөрэхтээһин педагогтара, педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ!

Эһигини норуот сырдык бырааһынньыгынан – Учуутал күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Хас биирдиибит олоҕор, дьылҕатыгар Учуутал олус улахан оруолу ылар. Эһиги оҕо тулалыыр эйгэтин билэригэр, бу олоххо бэйэтин булунарыгар, ыарахаттары туоруу, бэйэтин дьоһун уонна тус санаатын көмүскүү үөрэнэригэр көмөлөһөҕүт.

Учуутал – көннөрү идэ эрэ буолбакка, олох бэлэҕэ, анала. Эһиги оҕоҕо билиини биэрэри, толкуйдуурга үөрэтэри таһынан, үтүөҕэ, кэрэҕэ, сырдыкка уһуйаҕыт. Оскуолаҕа хас биирдии оҕоҕо сиэр-майгы, билии-көрүү бигэ акылаата ууруллар буолан, биир эрэ киһи дьылҕата буолбакка, улуус, өрөспүүбүлүкэ, дойду кэскилэ эмиэ түстэнэр.

Эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, тус олоххутугар дьолу-соргуну, табыллыыны баҕарабыт. Сыралаах үлэҕит ситиһиилэннин, үөрэтэр оҕолоргут чиҥ билиилээх буоллуннар!

Александр ИВАНОВ, «Өймөкөөн улууһа» муниципальнай оройуон баһылыгын э.т.

Читайте дальше