Эһигини Саха сирин аҕаларын күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Аҕа оруола дьиэ кэргэҥҥэ сүҥкэн суолталаах. Оҕо аҕатын тус холобуругар иитиллэн улаатар.
Дьиэ кэргэн олоҕор уонна үүнэр көлүөнэни иитэн атаҕар туруорууга аҕа баһылыыр-көһүлүүр оруоллаах. Аҕа буолуу — эр дьон олоҕор саамай эппиэтинэстээх кэм. Хас биирдии эр киһиэхэ аҕа буолуу үөрүүтүн билэригэр уонна бу дьоһун аатын ураты эппиэтинэстээхтик уонна киэн туттуулаахтык илдьэ сылдьалларыгар баҕарабыт.
Ытыктабыллаах аҕалар, бу күн эһиэхэ истиҥ махтал тылларын аныыбыт уонна үтүө доруобуйаны, или-эйэни, бары былааннаргыт уонна саҕалааһыннаргыт ситиһиилээхтик олоххо киирэллэригэр баҕарабыт. Оҕолоргут эһигини өрүү үөрдэ турдуннар!
“Өймөкөөн улууһа“ муниципальнай оройуон дьаһалтата