Убаастабыллаах Өймөкөөн улууһун олохтоохторо!

Эһигини Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр ылыныллыбыт Саха сирин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан декларация – өрөспүүбүлүкэ федерация субъегын, Улуу Россия быстыспат сорҕотун быһыытынан сайдыытын биир сүрүн кэрдиис кэмин туоһулуур устуоруйа докумуона буолар.

 Суверенитет туһунан Декларация судаарыстыбабыт үрдүнэн улахан уларыйыылар сылларыгар норуот санаатын өрө көтөхпүт, айарга-тутарга, ыарахаттары туоруурга кынаттаабыт, итиэннэ сайдыыбыт аартыгар бигэ туруктаах киириибитин хааччыйбыт сүҥкэн оруолу толорбут өҥөлөөх. Кини сүрүн идиэйэлэрэ Төрүт сокуоммутугар киирэн, күн бүгүҥҥэ диэри дойдубут социальнай-экономичэскэй сайдыытын ситиһиилэринэн бигэргэтиллэ, барыбыт уйгутун түстүү тураллар. Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Российскай Федерация биир тэтимнээхтик сайдар субъегынан буолар. Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар нэһилиэнньэ олоҕун таһымын үрдэтэр хайысхалаах улахан инвестиционнай бырайыактары, социальнай бырагыраамалары киллэриигэ утумнаах уонна дьоһуннаах үлэ ыытыллар.

Инникитин даҕаны өрөспүүбүлүкэбит чэчирии сайдарыгар бары сырдык эрэллээхпит. Ол эрэлбит олоххо киирэригэр хас биирдиибит таһаарыылаах үлэтинэн, бастыҥ үөрэҕинэн, уопсастыбаннай олоххо көҕүнэн кылаатын киллэрдин! Үүнэ-сайда, чэчирии тур, тапталлаах төрөөбүт дойдубут Саха сирэ!

“Өймөкөөн улууһа” МТ баһылыга

Александр ОКОНЕШНИКОВ