Убаастабыллаах Өймөкөөн улууһун олохтоохторо!

Муус устар 27 күнэ — саха норуотун устуоруйатыгар дьоһун суолталаах бэлиэ күн. Бу күн 1922 сыллаахха РСФСР иһинэн Саха АССР тэриллибитэ.  1992 сыллаахха, Саха автономиятын 70 сыллаах үөрүүлээх күнүгэр, муус устар 27 күнэ – Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн биллэриллибитэ.

Бу сааскы,  өрөспүүбүлүкэбитигэр сүүнэ суолталаах күҥҥэ биһиги судаарыстыбаннаһы төрүттээччилэри – Максим Аммосовы, Платон Ойуунускайы, Исидор Бараховы уонна кинилэри кытта өрөспүүбүлүкэ кэскилин туһугар үлэлээбит дьону  дириҥ ытыктабылынан ахтабыт.

Саха сирин дьоно эрэллээхтэр, тулуурдаахтар. Онон араас тургутууну чиэстээхтик ааһан, өрүүтүн тэтимнээх үлэ үөһүгэр сылдьаллар, олоҕу, төрөөбүт кыраайдарын эҥкилэ суох таптыыллар, сайдыылаах олох туһугар туруулаһаллар.

Күндү доҕоттор! Бу бэлиэ күн эһиэхэ барыгытыгар чөл туругу, дьолу, ыарахаттары ситиһиилээхтик туоруургутугар, бары үтүөнү уонна эйэни баҕарабыт! Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн!

“Өймөкөөн улууһа” муниципальнай тэриллии дьаһалтата

Читайте дальше