Эһигини Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн итиитик-истинник эҕэрдэлиибин!
Ийэ дойдубут ыҥырыытынан Арассыыйа Федерациятын Сэбилэниилээх Күүстэрин кэккэтигэр киирэн байыаннай дьайыыга сылдьар модун санаалаах саха буойуннарынан — биир дойдулаахтарбытынан, кинилэр хорсун быһыыларынан киэн туттабыт.
Өстөөҕү кытта кыргыһыыга биһиги биир дойдулаахтарбыт буойун уонна гражданин быһыытынан үрдүк бэлэмнэрин көрдөрөллөр.
Биһиги бүгүн барыбыт олохпут, инникибит туһугар олохторун толук уурбут хорсун буойуннарбыт сырдык кэриэстэригэр сүгүрүйэбит. Эһэлэрбит, хос эһэлэрбит албан ааттаах хорсун быһыыларын ытыктыырбыт курдук, хорсуннук кыргыһа сылдьар дьоммутун кэнэҕэски ыччаппыт умнуо суоҕа, устуоруйабытын билэр уонна харыстыыр буолуоҕа диэн эрэнэбит.
Эһиги эстибэт эрчимнээх, бигэ тирэхтээх, уостубат тускуллаах, чөл куттаах, уйгу-быйаҥ олохтоох буоллаххытына саха саргыта салаллыа, норуот уйгута уһаарыллыа, үүнэр-сайдар кэскиллэниэ!
Олох тускула дьиэ кэргэҥҥэ, дьиэ кэргэн уйгута Аҕа баһылыкка тирэҕирэр. Кытаанах тускуллаах, бигэ тирэхтээх, байылыат олохтоох буолуҥ!
Тус олоххутугар ситиһии, табыллыы, дьол-саргы эрэ арыалластын, эҥэрдэстин!
“Өймөкөөн улууһа” МТ дьаһалтатын баһылыгын э.т. Иван МАКСИМОВ