Өймөкөөн улууһугар аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэриттэн 535 эбээн олохсуйан олорор.
Кинилэр сүрүннээн Томтор, Үчүгэй, Сордоҥноох нэһилиэктэригэр түөлбээн олороллор. Ханна буоларын курдук, сүрүн кыһалҕалара – бэйэлэрин төрүт тылларын билэр дьон ахсааннара аччаан, өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит култуураларын сайыннарыыга уустуктардаах.
Өймөкөөн улууһугар бу үлэни сөргүтэр инниттэн «Ай-Молкээн» (Дьэҥкир ыраас уу) улуустааҕы эбээннэр Ассоциациялары үлэтин сөргүппүтэ. Икки сыллааҕыта эрэ тэриллибит уопсастыбаннай тэрилтэ диэтэххэ, быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар олох чаҕылхай тэрээһини ыытан, өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотохто дорҕоонноохтук ааттана түстэ. Ил Дархан Айсен Николаев Олоҥхо ыһыаҕар бу тэрилтэ тэрийбит тэрээһинигэр анаан аадырыстаан ыалдьыттаабыта – улахан ситиһии.
“Бу үлэ барыбытын биир тыыннаата…”
— Быйыл сыл саҥатыгар Арассыыйа Бэрэсидьиэнин граныгар киирсэн 458 тыһ. солк. ылан, ылыммыт сорукпутун түөрт ый иһигэр турунан, олоххо киллэрдибит, — диэн кэпсиир тэрилтэ салайааччыта Марианна Таркова.
— Улууспутугар таба иитииитинэн дьарыктанар биэс родовой община баар. Бары ыстаадалар баазаларыгар аныгылыы оҥоһуулаах дьиэлэр, баанньыктар тутуллан, эбээннэр төрүт ураһаларын умнубуттара быданнаата.
Ол ону сөргүтэр инниттэн Өймөкөөн эбээннэрэ түмсэн, өбүгэ саҕанааҕы ураһаны таба тириититтэн тигэн оҥорон Олоҥхо Ыһыаҕар туруорарга санаммыппыт. Маныаха улуустааҕы Култуура управлениетын салалтата өйөөн, үлэбит бэрт тэтимнээхтик барбыта.
Махтал тылбытын этиэхпитин баҕарабыт биир дойдулаахпытыгар, филологическай билим хандьыдаатыгар, Арассыыйа суруйааччыларын чилиэнигэр, эбээн норуотун тылын-өһүн, култууратын абыычайын тарҕата сылдьар киһибитигэр Варвара Белолюбскаяҕа-Аркукка.
Кини “Тымныы полюһугар эбээн ураһата” диэн быыстапкалыыр комплексы билиһиннэрии сынаарыйын суруйан, Ил Дархан Айсен Николаевка уонна кинини арыаллыы сылдьар миниистирдэргэ үс тылынан – сахалыы, нууччалыы, эбээннии олус дириҥ ис хоһоонноохтук билиһиннэрбитигэр.
Өймөкөөн эбээннэрин ассоциацията, аата да этэринии, адаар таас хайа дьэҥкир ыраас үрүйэтинии, Өймөкөөҥҥө туризм биир суолталаах – аҕыйах ахсааннаах норуоттар олохторун сырдатар үлэ биир көрүҥүн тыастаахтык саҕалаата. Мантан инньэ «Ай-Молкээн» (Дьэҥкир ыраас уу) бэйэтин аатын өссө да дорҕоонноохтук ааттатан иһиэҕэ диэн эрэнэбит.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Өймөкөөн улууһун пресс-сулууспата