РФ биллэриллибит Педагог уонна уһуйааччы сыла түмүктэннэ. Ол чэрчитинэн педагогтартан бу бэлиэ сыл кинилэргэ хайдах ааһан эрэрин, туох ситиһии, бэлиэ түгэн баарын туоһуластыбыт.
Ярослав Винокуров, Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатынан Томтор орто оскуолатын история уонна обществознание учуутала:
— Бу сыл мин үлэбэр үрдүк ситиһиилэри уонна саҥа саҕалааһыннары аҕалла диэн сыаналыыбын. Ол курдук икки өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарга кытынным. Соторутааҕыта сылы түмүктүүр тэрээһиҥҥэ улуустааҕы Үөрэх управлениетын Махтал суругун тутан үөрүүм үксээтэ. Учууталга, уһуйааччыга саамай сыаналааҕа диэн кинини оҕо таптыыра, кини үөрэҕин ылынара буоллаҕа. Мин 2014 сыллаахха Томтор орто оскуолатын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитим. 2016 с. Дьокуускайга экономист-финансист үөрэҕэр үөрэммитим. Онтон 2016 с. үөрэммит оскуолабар эдэр исписэлиис быһыытынан үлэлии киирбитим. Салгыы 2018 с. идэм таһымын үрдэттэн, эбии саҥалыы бэлэмниир кууруска үөрэммитим. Билигин үлэлиир кэммэр ХИФУ историческай факультетыгар 4-с кууруска кэтэхтэн үөрэнэ сылдьабын. Үлэм уопсай ыстааһа 7 сыл. Быйыл оскуолабыт иһинэн ыытыллыбыт эдэр учууталларга анаммыт тэрээһиҥҥэ алтыа буолан кыттыбыппыт. Онно мин 1-кы миэстэни ылбытым. Муус устарга Дьокуускайга X «Серебряный пеликан-2023» диэн Ил Түмэн дьокутаата, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Александр Миронов кэриэһигэр ыытыллыбыт учууталлар педагогическай маастарыстыбаларын сыаналыыр куонкуруска кыттан, 5 туйгун кыттааччы иһигэр киирэн, лауреат аатын ылбытым. Ол кэнниттэн улуустааҕы «Сыл учуутала-2023» кыттан, улуус баһылыгын Граныгар тиксибитим. Бу ситиһиим мээнэҕэ буолбатаҕа, «Сыл учуутала-2023» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кыттар чиэскэ тиксибитим. Үрдүк таһымнаах куонкуруска өрөспүүбүлүкэ 15 бастыҥ уһуйааччытын ахсааныгар киирбитим миэхэ улахан ситиһии буолар. Бу тэрээһиҥҥэ Саха сирин араас улуустарыттан барыта 30 педагог кыттыбыта.
Түгэнинэн туһанан, улахан таһымнаах куонкурустарга кыттарбар күүс-көмө, өйөбүл буолбут кэлэктииппэр махтанабын. Кинилэргэ барыларыгар үлэлэригэр ситиһиилэри, үрдүк чыпчааллары дабайалларыгар баҕарабын.Кэлэн иһэр саҥа дьылынан тапталлаах эбэбин Наталья Федоровна Громованы, чугас дьоммун истиҥник эҕэрдэлиибин!
Мария Винокурова, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатынан Томтор орто оскуолатын дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы:
— Ааһан эрэр сыл миэхэ үлэбэр, тус олохпор үгүс ситиһиини түстээтэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо хамсааһынын күнүн иитинэн «Навигаторы детства» диэн федеральнай бырайыакка кыттан үһүс миэстэни ылбытым. Оскуолабытыгар ситиһиилэр кэлэ туралларын туһугар күүскэ үлэлэһэбин. Иитэр-үөрэтэр хайысхаҕа өрүүтүн ылсан иһэбин. Үөрэнээччилэрбит араас таһымнаах куонкурустарга кыттан оскуолабыт аатын ааттаталларыттан киэн туттабыт. РФ Педагог уонна Уһуйааччы сылын түмүктүүр тэрээһиҥҥэ Уус-Ньара педагогическай түмсүүтүттэн Махтал сурук тутан үөрүүм үрдээтэ.
Мин 1988 с. Иркутскайдааҕы омук тылын институтун бүтэрэн баран, Өймөкөөн улууһугар ананан үлэлии кэлбитим быйыл 35 сылын туолла. Икки күҥҥэ көрдөрбүт оҕолоохпун. Уолум Владимир кэргэнинээн Айталинаны кытта артыыс идэлээхтэр. Кинилэр П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар бииргэ үлэлииллэр. Кыталык тэҥэ кыыһым Елена Дьокуускай куораттааҕы нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинигэр 1-кы категориялаах инспекторынан үлэлии-хамсыы сылдьар. Мин бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыаннаах, иллээх-эйэлээх кэлэктиипкэ үлэлии сылдьарбыттан олус дьоллоохпун. Биир идэлээхтэрбэр кэлэр дьыл үтүөнү эрэ тосхойдун!
2024 сылы дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, оттон Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев Оҕо саас сылынан биллэрбиттэрэ кэрэхсэбиллээх. Бу – салайааччыларбыт үүнэр көлүөнэҕэ ураты болҕомтолорун ууралларын, кинилэр кэнэҕэскитин дойду туруктаах буоларын түстэһэр дьон буолалларыгар эрэнэллэрин туоһутунан буолар. Кэлэр сылга биир идэлээхтэрбэр тулууру, дьулууру, өссө күүстээх айымньылаах үлэни, дьолу-соргуну баҕарабын. Бары бу тэтимнээх олоххо өрө хорутуулахтык үлэлиэхпит-хамсыахпыт турдаҕа. Сахалыы тыллаах “Хотугу сардаҥа” ааҕааччыларыгар үүнэр сыл ситиһиини эрэ аҕаллын, дьиэ кэргэҥҥэ истиҥ сыһыаны, кэскиллээх, байылыат олоҕу баҕарабын!
Светлана Босикова, СӨ Үөрэҕин туйгуна, Г.А. Кривошапкин аатынан Төрүт орто оскуолатын алын кылааһын учуутала.
-Бу сыл олус интэриэһинэйдик ааһан эрэр. Ол курдук өрөспүүбүлүкэҕэ, бары улуустарга учууталларга анаан олус элбэх интэриэһинэй тэрээһиннэр буолан аастылар. Учуутал, иитээччи сыралаах үлэтин түмүгэ манна көһүннэ. Быйыл мин СӨ Аҕа баһылыгын Граныгар ыытыллыбыт «Сыл бастыҥ учуутала» диэн куонкуруска кэтэхтэн кыттыбытым. Быйыл оскуолаҕа үлэлээбитим 38-с сыла. Өр сыллаах үлэм сыаналанан, улуус үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитин аатын иҥэрбиттэрэ миэхэ олус улахан суолталаах. Маннык бэлиэнэн биир идэлээҕим Л.Е. Кривошапкина наҕаарадаланна. Бу сыллар усталарыгар талан ылбыт идэбинэн үлэлээн кэлбиппин үрдүктүк сыаналаабыттара тустаахха үрдүк үөрүү буолар. Улууска сыл түмүгүнэн үгүс педагогтар үлэлэрэ бэлиэтэммитэ олус долгутуулаах, үөрүүлээх. Учуутал үрдүк аатын чиэстээн үгүс учууталлар, иитээччилэр ааттара доргуччу ааттанна. Түгэнинэн туһанан, улуустааҕы Үөрэх управлениетын начаалынньыгар Дина Степановна Фасхутдиноваҕа уонна оскуолам салалтатыгар барҕа махталбын тиэрдэбин. Биир дойдулаахтарбын, дьиэ кэргэммин, кэллиэгэлэрбин кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин! Кэлэр сыл барыбытыгар үтүөнү, кэрэни түстээтин!
Евдокия ЕГОРОВА