Саха Өрөспүүбүлүкэтин бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин ассоциацията – Саха сиригэр баар уопсастыбаннай тэриллиилэртэн биир бөдөҥнөрө. Билиҥҥи туругунан 1 128 чилиэннээх. Түмсүүгэ киирбит 1 057 бааһынай хаһаайыстыба, 69 кэпэрэтиип уонна 2 община бэйэлэрин истэринээҕи чилиэннэрин кытта холбуу аахтахха, ахсаан ыраатар. Сыччах быйыл 53 хаһаайыстыба чилиэнинэн киирдэ.
Ассоциация бэрэсидьиэнинэн 2018 сыллаахха Александр Артемьев бастакы болдьоххо талыллан, үлэтин саҕалыырыгар эдэр солбуктары таһаарар уонна уопсастыбаннай үлэҕэ тардар былааннааҕын билиһиннэрбитэ. Кырдьык, отут сыллааҕыта, үйэ чиэппэрин анараа өттүгэр бааһынай хамсааһыныгар күргүөмүнэн туруммуттар кэлиҥҥи сылларга сааһыраннар, күүстээх үлэттэн туоруур, сынньанар кэмнэрэ кэллэ. Александр Еремеевич туруоруммут соругун олоххо сыыйа киллэрэн иһэр: ассоциация үрдүкү уорганыгар – Сэбиэккэ 28 чилиэн иһигэр эдэр фермердэр элбэхтэр итиэннэ быйыл муус устар 6 күнүгэр Дьокуускайга ыытыллыбыт СӨ тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччуларын сийиэһин кэмигэр, ассоциация салалтатын көҕүлээһининэн, эдэр фермердэр 14 чилиэннээх Сэбиэти тэриммиттэрэ.
Ассоциация Сэбиэтин тахсыылаахтык салайа сылдьыбыт Константин Тимофеев ыараханнык ыалдьан, быйыл тохсунньу ортотугар олохтон соһумардык туораабыта. Кини оннугар бэрэссэдээтэлинэн “Эрэл” ТХПК толорооччу дириэктэрин Ньургун Гуляевы (Нам) от ыйыгар талбыттара. Эдэр киһи Константин Егоровиһы суохтаппаттыы үлэлиэ диэн эрэнэллэр.
Өрөспүүбүлүкэ фермердэрэ байыаннай дьайыыга ыҥырыллан барбыт биир дойдулаахтарыгар ас-үөл, таҥас-сап, мал-сал хомуйан ыытарга мэлдьи көмөлөһөллөр.
Сэбиэт чилиэннэрэ, отучча киһи, эмиэ бэйэлэрэ туспа үбүнэн кыттыһан, тирээн турар кыһалҕаны быһаарыыга көмөлөһөөрү байыастарга эмп-томп, хаан тохтотор, бэрэбээскилиир матырыйааллары ылан ыыппыттара.
Москубаҕа сылы көтүппэккэ (хамсык ааҥныыр кэмигэр даҕаны тохтооботоҕо) ыытыллар АККОР улахан мунньаҕар, 34-с сийиэскэ, быйыл олунньу 9-10 күннэригэр Саха сириттэн 32 дэлэгээт кыттыбыта. Кинилэр истэригэр 14 улуустан 21 бааһынай хаһаайыстыба баһылыга, 5 кэпэрэтиип салайааччыта, улуустааҕы ассоциациялартан 6 бэрэссэдээтэл бааллар. Дэлэгээттэр Владимир уобалаһыгар 4 хаһаайыстыбаҕа сылдьан, уопут атастаспыттара. АККОР Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Максимова быйыл саас Дьокуускайга кэлэн, СӨ тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччуларын сийиэһин үлэтигэр быһаччы кыттыбыта. Светлана Викторовна, Тверь уобалаһынааҕы ассоциация бэрэсидьиэнэ, Саха сиринээҕи ассоциациялыын ыкса үлэлэһэр. Кини көмөтүнэн быйыл сайын Твердээҕи тыа хаһаайыстыбатын институтугар 8 фермер агротуризмы сайыннарыыга, 3 киһи бааһынай (фермер) хаһаайыстыбатын үлэлэтии төрүттэригэр куйаар ситиминэн 2 ыйдаах үөрэҕи аастылар.
Ил Дархан Айсиэн Николаев өрөспүүбүлүкэ таһымыгар сүүмэрдэммит 50 чулуу үлэһиккэ “Үлэ киһитэ” бириэмийэни олохтоон туттарбытыгар тыа хаһаайыстыбатын салаатыттан 6 киһи тиксибитэ, олортон түөртэрэ – ассоциация чилиэннэрэ. Кинилэри Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр чиэстээбиттэрэ-бочуоттаабыттара. Эһиил агробырамыысыланнас эйгэтиттэн өссө элбэх киһини таһаарарга соруналлар. Ассоциация сайыны көрсөр ыһыаҕын Үлэ сылыгар анаан “Уруйдуубут үлэ киһитин” диэн ааттаан ыыппытыгар 200-чэ киһи түмсэн ааспыта. Үгэс курдук, успуорт тэнийбит көрүҥнэригэр күрэхтэһии тэрийбиттэрэ. Хамаанданан түмүккэ таатталар бастаабыттара. Иккискэ Мэҥэ Хаҥалас, үһүскэ Амма хамаандалара тахсыбыттара. “Супер-фермер” күөн күрэскэ Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕыттан эдэр бааһынай Дьулустаан Говоров кыайбыта.
Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр Галина Бубякина бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, аҕыйах сыллааҕыта ыараханнык ыалдьан олохтон барыар диэри ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Нэһилиэк дьаһалтата көҕүлээн, кини сырдык кэриэһигэр сэтинньи 3-4 күннэригэр илин эҥээрдээҕи улуустар ассоциациялара “Үтүө ааттаах үлэһит Далбар Хотун” күөн күрэһи тэрийэн ыыттылар. Муҥутуур бирииһи Эмис олохтооҕо, дьоруой ийэ Туйаара Устиноваҕа туттардылар. Оттон бириистээх миэстэлэри Пелагея Иванова (Амма, Бөтүҥ), Галина Варламова (Таатта), Прасковья Чабыкова (Амма, Алтан) үллэһиннилэр. Кинилэри сэргэ Мэҥэ Хаҥаластан Нь.С. Прокопьева (Бүтэйдээх) “Мындыр хаһаайка”, Т.К. Семенова (Хорообут) “Сатабыллаах хаһаайка” ааттанан, Е.И. Холмогорова (Дьаҥхаада) бастыҥ бырайыагын иһин биһирэннилэр.
Хамсыгынан сиэттэрэн, хас даҕаны сыл тохтуу сылдьан баран “Фермер оскуолата” быйыл үлэлээтэ. Алтынньы 23 күнүттэн сэтинньи 24 күнүгэр диэри улуустартан 32 фермер кэлэн үөрэнэн, дипломнаах дьиэлээтилэр. Үөрэх Россельхозбаан анал бырагырааматынан Аартыкатааҕы агротехнологическай университет базатыгар ыытылынна. Бу бырагыраама дойду атын эрэгийиэннэригэр 2021 сылтан үлэлээбит. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр “Россельхозбаан” АУо Саха сиринээҕи салаата уонна туһааннаах университет Сөбүлэһии түһэсибиттэригэр олоҕуран бастакытын тэрилиннэ.
Марианна Захарова: “Мин Кэбээйи Сииттэтиттэн сылдьабын. Ийэм Мотрена Лазаревна Васильева хаһаайыстыбатыгар көмөлөһөбүн. “Сайдам” диэн бааһынай хаһаайыстыбаҕа 50-ча ынах сүөһүлээхпит. АСАТУ магистратуратыгар кэтэхтэн зооинженер идэтигэр үөрэнэ сылдьабын. Бэйэм тыаҕа сүөһүлээх дьоҥҥо олус наадалаах идэ диэммин эбии сиэмэлээччи-тиэхиньиккэ үөрэнэбин. “Фермер оскуолатыгар” сылдьан, олус элбэҕи биллим-көрдүм. Университет идэни үрдэтэр институтун дириэктэрэ Г.И. Даянова тэрээһининэн элбэх туһалаах лиэксийэлэри иһиттибит. Чуолаан, М.М. Миронов, С.А. Павлова, К.М. Степанов аахпыттарын сөбүлээтим. Үөрэҕи таһынан ассоциация толорооччу дириэктэрэ З.Р. Бочкарева куорат таһынааҕы 8 хаһаайыстыбаҕа илдьэ сырытта. Нам Таастааҕар тахса сылдьан, саха сүөһүтэ улахан хотоҥҥо толору турарын сөҕө-кэрэхсии көрдүм. Өссө саха сүөһүтүн этин сиэн, миинин иһэн, букатын дьоллонон кэллибит”, – диэн билиһиннэрдэ.
Ити курдук “Фермер оскуолатыгар” үөрэммит эдэр фермердэр аны саас “Агростартап” куонкурус граныгар киирсэргэ бастакынан бэлэмнэниини аастылар. Уопсайынан, үлэ буоллун, сынньалаҥ буоллун, үөрэх буоллун – СӨ бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна кэпэрэтииптэрин ассоциациятыгар чилиэнинэн киирбиттэртэн элбэх киһи түмсүүлээх хаһан ханна баҕарар сүүйүүлээҕин эттэринэн-хааннарынан билэн,“хотонтон Москуба чугаһыгар” итэҕэйдилэр. “Сытар уу түргэнник сытыйар” дэнэринии, бэйэ ыырынан муҥурдаммакка, бардахха-кэллэххэ, бастыҥ үлэлээх хаһаайыстыбалар уопуттарын билистэххэ-биллэххэ эрэ сайдыахха сөптөөҕүн ордук чорботон эдэр фермердэр өйдөөн хамнанан эрэллэрэ кэрэхсэбиллээх.
Василий Никифоров
Анна Сергучева (ТХАҮөМ пресс-сулууспата) хаартыскаҕа түһэриилэрэ