От ыйа түмүктэннэ, оттон оҕуруотчуттар үлэлэрин үгэнэ. Билигин оҕуруот аһа ситэн, өлгөмнүк үүнэ турар кэмэ.
Төрүт нэһилиэгин олохтооҕо Нина Чачуа — уопуттаах оҕуруотчут. Кини сылын аайы оҕуруот аһын арааһын үүннэрэр. Хортуосканы 17 куулга тиийэ ыла сылдьыбыттаах. Бастыҥ оҕуруотчут Нина Григорьевна оҕурсуну, помидору уонна хаппыыстаны туустаан, кэнсиэрбэлээн, лечо о.д.а. оҥостон кыһыҥҥыга өлгөмнүк хаһаанарын таһынан, бу аһыттан киин куоракка олорор оҕолоругар, сиэннэригэр кэһии гынан ыытар.
«Саҥа саҕалаан эрэр оҕуруотчуттарга билигин куйаар ситимэ баар буолан, олус табыгастаах. Онтон иһитиннэрии арааһын булуохха сөп. Кылаабынайа, баҕа эрэ наада. Бэйэҥ бүөбэйдээн, көрөн-истэн улаатыннарбыт оҕуруотуҥ аһа олус минньигэс уонна туохха да тэҥнэспэт буоллаҕа”, — диэн санаатын үллэстэр Нина Чачуа.
Оттон Сордоҥноох нэһилиэгэр уопуттаах оҕуруотчуттартан биирдэстэринэн Иннокентий Аммосов буолар. Кини оҕуруотун барытын бэйэтэ көрөр-истэр, бүөбэйдиир. Сыл аайы оҕуруотугар үүнээйи саҥа көрүҥүн олордон боруобалыыр. Иннокентий бастыҥ уопутуттан нэһилиэк олохтоохторун кытта үллэстэр үтүө үгэстээх.
Өймөкөөн нэһилиэгин олохтооҕо Валентина Эверстова эмиэ быйыл үүнүүтэ үчүгэй. «Мин дьэдьэни үүннэрбитим 10 сыл буолла, рассадатын тохсунньу ыйтан ыһабын. Оҕолор кыраларыгар арбуз, тыква олордор этим. Оҕуруотунан, сибэкки үүннэриитинэн 1980 сылтан сөбүлээн дьарыктанабын. Барытын сиэмэнэн бэйэм рассадалаан олордобун. Оҕуруотум аһыттан куоракка оҕолорбор ыытабын.
Оҕуруотчут үлэтэ чэпчэки буолбатах. Үүнээйини кыра оҕону курдук бүөбэйдээн, көрөн-истэн үүннэрдэххэ эрэ үчүгэй түмүктээх буолар. Уонна саамай дуоһуйар дьарыгым – сибэкки арааһын үүннэрии. Былырыын улууспут 100 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн ыытыллыбыт куонкуруска 1-кы миэстэни ылан турардаахпын. Онтон быйыл Олоҥхо Ыһыаҕынан сибээстээн нэһилиэнньэҕэ 500 устуука петуния рассадатын үүннэрбитим», — диир Валентина Эверстова.
Бэйэ үүннэрбит оҕуруот аһа олус туһалааҕын, битэмииннээҕин бары бэркэ диэн билэбит. Оҕуруоту кытта доҕордоһууну хаһан баҕар саҕалыахха сөбүн бүгүҥҥү ыалдьыттарым бигэргэттилэр. Кылаабынайа, баҕа уонна үлэҕэ дьулуур эрэ наада.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Ольга Скрыбыкина