Тымныы полюһун оҕолорун эриэккэс уобарастара

Нелли Уваровская оҕо эрдэҕиттэн эбэтин көрө сылдьан, иискэ улам сыстан барбыта. Кини билигин эбэтэ Евдокия Егоровна үтүө сүбэтинэн-такайыытынан, үөрэтиитинэн иис бары кистэлэҥнэригэр дириҥник киирэн, номнуо бэйэтэ айар-тутар. Ити курдук кини ытык киһитигэр үтүлүк, этэрбэс тигэригэр көмөлөһө сылдьан, бу дьарыкка ылларбыт.

Нелли Геннадьевна Дьокуускайдааҕы кэммиэрчэскэй кэллиэскэ үөрэммитэ. Ол кэнниттэн кини “Сахабулт” тэрилтэҕэ 3 сыл иистэнньэҥинэн үлэлээбитэ олоҕун бастыҥ уопута буолар. Бу кэмнэргэ кини иис араас албаһыгар үөрэммитин бэлиэтиир.

Билигин Нелли Уваровская төрөөбүт-үөскээбит түөлбэтигэр Биэрэк-Үрдэ учаастакка «Чуораанчык» оҕо саадыгар уһуйааччынан үлэлиир. Кини кэлин кэтэхтэн үөрэнэн, үрдүк үөрэхтээх иитээччи идэтин баһылаабыта.

Олоҥхо Ыһыаҕар дьон-сэргэ кини оҕолорго анаан тикпит көстүүмнэрин улаханнык биһирээтэ.

Нелли сакааһынан халадаай, түүлээх бэргэһэлэри, этэрбэстэри, араас былааччыйалары уо.д.а. барытын тигэр уран тарбахтаах киһи. Биирдиилээн дьоҥҥо эрэ буолбакка, үҥкүү-ырыа ансаамбылларын кытта эмиэ үлэлэһэр.

  • Ыраах сиргэ олорорбут быһыытынан, матырыйаал сакаастыырга олус уустук. Ыһыахха анаан тигэр таҥастарбар матырыйаалларбын киин сиртэн сакаастыырга көмөлөспүт нэһилиэкпит баһылыгар Павел Васильевка улаханнык махтанабын. Ыһыахха кыттар оҕолор ийэлэрэ миэхэ иискэ күүс-көмө буолбуттара. Эскиистэрин уонна уобарастарын бэйэм толкуйдаабытым уонна төрөппүттэрбэр маастар-кылаас көрдөрөн, тигэргэ үөрэппитим, — диэн кэпсиир Нелли Уваровская.

Тарбаҕар талааннаах Далбар хотун Нелли Уваровская тигэр ньыматын кистэлэҥин нэһилиэк кэрэ аҥаардарын кытта үөрүүнэн үллэстэр. Кини кыбытыгынан тигиини баһылаан, эгэлгэ оҥоһуктарынан дьону-сэргэни кэрэхсэтэр.

Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.

Евдокия Егорова