Саха сиригэр б.дь. 12 күнүгэр «Тымныы полюһа Өймөкөөн» диэн экстремальнай марафон бэһис төгүлүн ыытылынна. Онно уопсайа 38 спортсмен кытынна.
Түмүккэ муҥутуур кыайыылааҕынан эр дьоҥҥо Мэҥэ-Хаҥалас спортсмена Константин Драгунов буолла, кини 42,200 км 3 чаас 7 мүнүүтэ иһигэр сүүрэн кэллэ.
21,1 км дистанцияҕа бастакы миэстэни эр дьоҥҥо полумарафонец Леонид Зыков ылла, кини бириэмэтэ 1 чаас 34 мүнүүтэ, иккиһинэн кэлбит Василий Филиппов көрдөрүүтэ 1 чаас 38 мүнүүтэ, үһүс Эдуард Божедонов (1 чаас 49 мүнүүтэ) буолла.
Дьахталларга марафон 42, 200 км дистанциятыгар абсолютнай кыайыылааҕынан Изабелла Борисова, Уус-Алдан сүүрүгэ ааттанна. Полумарафоҥҥа бастыҥнар ахсааннарыгар Яна Егорова — Нам улууһуттан, Капиталина Харайданова Таатта улууһун сүүрүгэ уонна Алиса Матвеева (Москубаттан) киирдилэр.
Марафон кыттыылаахтара -55 кыраадыс тымныыга сүүрдүлэр. Бу спортивнай дьаһалы «Тымныы полюһа» успуорт кыһыҥҥы экстремальнай көрүҥнэрин сайыннарыыга уопсастыбаннай тэрилтэ уонна Өймөкөөн улууһун дьаһалтата тэрийдилэр. Биһиги марафонскай сүүрүү спортсменнарыттан санааларын ыйыталыстыбыт.
Изабелла Борисова, Уус-Алдан Бороҕонуттан төрүттээх спортсмен:
-Мин бу Өймөкөөн – Томтор нэһилиэктэрин ыккардыгар ыытыллыбыт экстремальнай сүүрүүгэ иккис кыһыммын кытынным. Былырыын сүүрэн, 100 тыһыынчалаах сэртэпикээтинэн наҕараадаламмытым. Быйыл дьахталлар ортолоругар 42, 200 км дистанцияҕа сүүрэн, абсолютнай кыайыылаах аатын ыллым уонна эмиэ 100 тыһ. солк. сэртэпикээтинэн наҕараадаланар чиэскэ тигистим уонна кубок, мэтээл ылан кыайыым өрөгөйө өссө үксээтэ.
Сүүрэр күммүтүгэр таһырдьа -55 кыраадыс тымныы этэ. Маннык хабыр дьыбардаах күҥҥэ-дьылга сүүрэргэ олус уустуктардааҕа. Тохтоло суох сүүрбүтүм. Мин 3 чаас 37 мүн. 50 сөк.устата сүүрэн биэтэккэ кэлбитим.
Билиҥҥи туругунан доруобуйам этэҥҥэ, марафон кэнниттэн дьарыкпын салҕыы сылдьабын. Кэлэр нэдиэлэҕэ Курскай куоракка ыытыллар 100 км хамаанданан чемпионакка кытта барыахтаахпын. Онно дьарыктанабын, бэлэмнэнэбин.
Мин Дьокуускайга 1 №-дээх оҕо-спортивнай оскуолатыгар тренеринэн үлэлиибин.
Спортка саамай сүрүнэ диэн — доруобуйа уонна баҕа санаа, ити барыта улахан үлэттэн тахсар. Өймөкөөн олохтоохторугар, хаһыат ааҕааччыларыгар бука барыгытыгар ситиһиилэри баҕарабын уонна успуордунан дьарыктаныҥ диэн ыҥырабын.
Хотойук Далчан Саҥарар уола, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
-Мин төрдүм Кэбээйи хайысхатынан, Эдьиий Дора быраатабын. Урукку аатым Василий Николаевич Яковлев диэн этэ. Амма Бөрө Бөтүҥэр 7сааспыттан иитиллэн аҕам балтыгар Мария Алексееваҕа улааппытым.
Оҕо сырыттахпына 3-с кылаастан ыла миигин физкультуура учуутала Владимир Захарович Неверов успуорт эйгэтигэр такыйан үөрэппитэ. Тустуунан, хайыһарынан, сүүрүнэн эдэр эрдэхпиттэн дьарыктанабын. Пятиборецпын уонна десятиборецпын. Амма оройуонун сборнайын чилиэнэ этим. 1978 с. Амма оройуонун күүлэйигэр от охсуутугар улахан дьоҥҥо туран 0,93 г. охсубутум. Студенныы сылдьан эмиэ чэпчэки атлетиканан тренер Александр Илларионович Ивановка дьарыктаммытым. Ол саҕана Валерий Нохтунскайы кытта сүүрэр этим.
1988 с. Тыа хаһаайыстыбатын институтун бүтэрэн баран, Өймөкөөн улууһун Сордоҥнооҕор 2 сыл уонна «Үчүгэй» ОПХ 4 сыл устата кылаабынай зоотехнигынан үлэлээбитим. Онтон ыла Өймөкөөн дьонун кытта бодоруһан, билиҥээҥҥэ дылы манна кэлэ сылдьабын. Роберт Павлович Заболоцкай диэн прокурор күтүөттээхпин, кинилэр эдьиийбинээн Александра Ивановналыын иккиэн соторутааҕыта 84 саастарыгар тиийдилэр.
Р.П.Заболоцкай Өймөкөөн Үчүгэйиттэн төрүттээх, кини аҕата Заболоцкай Павел Васильевич учуутал, суруналыыс этэ. Буойун Аҕа дойду уоттаах сэриитин толоонугар сураҕа суох сүппүтэ. Биир дойдулаахтара, улуус олохтоохторо билэллэр, Үчүгэй орто оскуолата П.В. Заболоцкай аатын сүгэр.
Мин билигин Дьокуускай куоракка бочуоттаах биэнсийэҕэ олоробун. Сылын аайы Өймөкөөҥҥө кэлэн сынньанан, бултаан-алтаан барабын. Иккис дойду оҥостон, бу ытык хоту сири, дьонун-сэргэтин наһаа убаастыыбын.
Мин 2004 сыллаахтан этитии Аар Айыылартан ылан алгысчыппын, арчыһыппын,дьиэни-уоту, айылҕа оҕолорун арчылыыр илбисчиппин.
Үчүгэйтэн төрүттээх однокурснигым Сэмэн Сэмэнэбис Баишев урукку сылларга кыһыҥҥы марафоҥҥа кыттар этэ. Быйыл ыстаадаҕа буолан, сүүрбэтэ.
Мин иллэрээ сыл эмиэ сүүрүөхтээҕим да, доруобуйам мөлтөөн ол кыаллыбатаҕа, быраастар тохтоппуттара. Быйыл хааным баттааһына төһө да үрдүк буоллар (180 этэ), син этэҥҥэ сүүрэн кэллим.Полумарафон 21,100 км дистанциятыгар кыттан, 3 чаас 59 мүн. көрдөрөн, 3-с миэстэҕэ тигистим. Өймөкөөнүм хамаандатын аатыттан сүүрдүм.
Түмүкпэр, бар дьоммор алгыспын аныыбын:
Үс куппут ситимнэһэн
Айылҕалыын алтыһан,
Чэгиэн-чэбдик туруктанан,
Чөл олохтонон,
Ыарыы-дьаҥ тумуннун,
Куһаҕан тыл-өс
Киэр кыйданнын!
Евдокия ЕГОРОВА суруйда