Улуустааҕы Култуура уонна туризм сайдыытын управлениетын начаалынньыга Аксиния Сивцева иһитиннэрбитинэн, бу дьыл балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр улууска “Тымныы полюһа — Өймөкөөн” марафонскай сүүрүү тэрийээччилэрэ үлэлиэхтэрэ.
Кинилэр сүрүн сыалларынан-соруктарынан 5 сыл устата ыытыллыбыт, аар-саарга аатырбыт экстремальнай сүүрүү марафонугар бэлэмнэнии чэрчитинэн промышленнай тэрилтэлэртэн хос тэрийээччи партнердары булууга үлэлэһии, Тымныы полюһун событийнай туурдарыгар бэлэмнэнии буолар.
Саха сиринээҕи “Историческая память” бырайыак сүрүннээччитэ Саргылаана Неустроева уонна “Тымныы полюһа — Өймөкөөн” марафонскай сүүрүү уопсастыбаннай тэрилтэтин салайааччыта Дмитрий Неустроев Томтор уонна Өймөкөөн нэһилиэктэригэр, Уус-Ньара бөһүөлэгэр сылдьан нэһилиэнньэни кытта көрсөр былааннаахтар.
Ол курдук, бу күннэргэ экстремальнай марафон чэрчитинэн Томторго урбаанньыттар кыттыылаах туристическай пакеттары ырытыы буолуоҕа. Биир сүрүн хайысханан НКО РФ бэрэсидьиэнин гранын ыларын туһугар куонкуруска хайдах быһыылаахтык кыттары хамаанданан дьүүллэһии ыытыллыаҕа.
Маны тэҥэ 2025 сыл тохсунньу 10-12 күннэригэр ыытыллар VI марафонскай сүүрүүнү тэрийиигэ улуус, нэһилиэктэр баһылыктара, тэрилтэлэр салайааччылара кыттыылаах сүбэ мунньахтар тэриллиэхтэрэ. “Тымныы полюһа – Өймөкөөн-2025” кыһыҥҥы экстремальнай марафон балаһыанньатын бэлэмнээһиҥҥэ маны тэҥэ култуура үлэһиттэрэ, успуорт исписэлиистэрэ, педагогтар, дьокутааттар кытталлара күүтүллэр.
Тэрийээччилэр эбии партнердары тардыыга бу дьаһал иитинэн бырамыысалыннас хампаанньаларын, биэдэмистибэлэр салайааччыларын, Уус-Ньара уонна Өймөкөөн улууһун дьокутааттарын кытыннарыы улахан оруолу ылыахтааҕын бэлиэтииллэр.
Любовь Кривошапкина