“Өймөкөөн” РЭС Томтор нэһилиэгэр кииннэнэн үлэлиир. Тэрилтэ Өймөкөөн куустатын уонна ыаллыы сытар Томпо улууһун түөрт нэһилиэнньэлээх пуунун электрическэй уотунан хааччыйар.
Тэрилтэ салайааччыта Андрей Заболоцкай бу иннинэ манна кылаабынай инженеринэн үлэлээбит уопуттаах энергетик.
Тэрилтэҕэ 8 дизельнэй ыстаансыйаттан ураты, Куйдуһун учаастагар биир хочуолунай, Үчүгэй уонна Сордоҥноох нэһилиэктэригэр күн уотунан үлэлиир ыстаансыйалар киирэллэр. Бу тэрилтэ 79 үлэһитэ икки улууһунан күнүстэри-түүннэри үлэлээн, нэһилиэнньэни электрическэй уотунан хааччыйар.
Ыстаансыйалар оттук-оҕунуохтуур уматыгынан кэлэр сыл муус устарыгар дылы хааччыылаахтар.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Ольга Скрыбыкина