Тыа хаһаайыстыбатын кэпэрээссийэтэ кураанах куолуттан уонна кумааҕыттан тыа сирин күннээҕи олоҕор-дьаһаҕар киирбитэ ыраатта. Урукку сопхуостартан ордубут тобох хаһаайыстыбалар эҥин-эҥинник тэринэ-ааттана сылдьан баран, тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибин киэбин ылынан күн бүгүнүгэр диэри үлэлээн кэллилэр. Итиэннэ биирдиилээн бааһынай хаһаайыстыбалар улаатан-кэҥээн, производственнай кэпэрэтиип буолбут чахчылара эмиэ баар. Ол эрээри, бу ырытыыбар үөһэттэн модьуйан буолбакка, аллараттан дьон бэйэтин баҕатынан тэринэр көрүҥэр – потребительскай кэпэрээссийэҕэ тохтуом.
Сахастакка 2022 сыл түмүгүнэн отчуотун 226 тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтиибэ (ТХПоК) туттарбыт. Итилэртэн өҥө оҥороро (ол иһигэр ынах сүөһүнү уонна сылгыны иитиигэ) – 154, астыыра-үөллүүрэ – 55, кирэдьииттиирэ – 10, хааччыйара-батарара – 7. Бу тэриллиилэр холбоон, 2023 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, 43 тыһ. чилиэннээхтэр. Кинилэр баһыйар өттүлэрэ (84 бырыһыаннара), ол эбэтэр 36,4 тыһ. киһи – кирэдьииттиир кэпэрэтииптэр чилиэннэрэ. Өҥө оҥорор кэпэрэтииптэр 2,8 тыһ., астыыр-үөллүүр кэпэрэтииптэр 4,1 тыһ. чилиэннээхтэр.
“Тыа сирин баанынан” биллэр, дьоҥҥо харчы иэһиир тэриллиилэр, ардах кэнниттэн тэллэй үүнэринии, дэлэйэ сылдьыбыттара. Арассыыйа Киин баана тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кирэдьииттиир кэпэрэтииптэрин бэйэтин хонтуруолугар ылыаҕыттан 91-тэн 10-ҥа диэри аҕыйаатылар. Ол гынан баран, чилиэнин ахсаана улаханнык түспэтэ: 12 бырыһыан көҕүрээтэ. Дьоҥҥо иэс биэрэр кээмэйэ эмиэ наар 2 млрд солкуобайтан тахсар. Онон, сүрүннээн, кэтэх хаһаайыстыбалаах ыаллар, бытархай бааһынайдар баан кирэдьиит биэрэр усулуобуйатыгар кыайан хапсыбат буоланнар уонна бааннар кэлин тыа сиринээҕи салааларын лаппа сарбыйаннар, дьон күннээҕи кыһалҕатын толунарыгар “түргэн харчыга” салгын курдук наадыйара көстөр.
Тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтииптэрэ 2018 – 2022 сылларга оҥорбут үлэлэрин уонна өҥөлөрүн кээмэйэ 2,9 млрд солкуобайтан 3,7 млрд солкуобайга диэри улааппыт. Ол иһигэр астыыр-үөллүүр кэпэрэтииптэр 1,8 млрд солкуобайтан 2,2 млрд, кирэдьииттиир кэпэрэтииптэр 0,5 млрд солкуобайтан 1,3 млрд солкуобайга диэри таһаарбыттар. Ити кэм устатыгар өҥө оҥорор кэпэрэтииптэр көрдөрүүлэрэ 469 мөл. солкуобайтан 129 мөлүйүөҥҥэ диэри түспүт.
Тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр көрүллэр судаарыстыба өйөбүлүттэн ТХПоК-тэрэ сыл аайы 2,5 млрд солкуобай кээмэйдээҕи ылан туһаналлар. Холобур, 2018 с. 175 кэпэрэтиипкэ 2,6 млрд, 2019 с. 165 кэпэрэтиипкэ 2,9 млрд, 2022 с. 144 кэпэрэтиипкэ 2,5 млрд солкуобайдаах субсидия бэриллибит. Онон, потребительскайдар производственнай кэпэрэтииптэрдээҕэр икки бүк элбэх көмөнөн туһаналлар уонна кинилэр өлүүлэригэр өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыыга туһуламмыт бырагырааманан судаарыстыба өйөбүлүнэн туһанааччыларга бэриллэр бүттүүн лимииттэн 20 бырыһыана тиксэр.
Субсидия уонна грант бүттүүн көрүҥнэрин таһынан ТХПоК-тэрин өйүүр тус сыаллаах хайысхалар бааллар. Ол курдук, 2015 сылтан ТХПоК-тэрин матырыйаалынай-тэхиньиичэскэй базаларын бөҕөргөтүүгэ анаан федеральнай граны биэрии саҕаламмыта, 2019 сылтан ТХПоК ороскуотун сорҕотун толуйууга федеральнай уонна 2020 сылтан ТХПоК хотон туттарыгар өрөспүүбүлүкэ субсидиялара бэриллэр буолбуттара. Ити ыйыллыбыт үс көрүҥ өйөбүлүнэн 2015 – 2022 сылларга 196 тус сыаллаах грант уонна субсидия бэриллибит. Холбоон 8 сыл устатыгар 1,1 млрд солкуобай, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 412 мөл. солкуобай кээмэйдээх өйөбүл оҥоһуллубут.
Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын соҕотуопкатыгар, чуолаан, үүтү тутууга ТХПоК-тэрэ ыйааһыннаахтар. Холобур, 2022 с. өрөспүүбүлүкэҕэ үүтү, эти, хортуоппуйу уонна оҕуруот аһын тутар 74 тэрилтэ баарыттан 51-дэрэ ТХПоК-тэрэ. Быйыл ынах үүтүгэр 40 соҕотуопсук үлэлиириттэн потребительскай кэпэрэтиибэ 31-дэр. Тэҥнээн көрдөххө, 2018 с. үүтү эмиэ 40 тэрилтэ тутарыттан 27-тэ потребительскай кэпэрэтииптэр этэ. Соҕотуопкалыыр уонна астыыр-үөллүүр үлэ суотугар ТХПоК-тэрэ бүттүүн оҥоһуллан тахсар ас-үөл кээмэйигэр ылар өлүүлэрэ улахан. Ол курдук, 2022 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ ынах сүөһү уонна сылгы тоҥоруллубут этин, ынах арыытын, сүөгэйи, джеми уонна хомпуоту 80-тан ордуктуу бырыһыанын оҥордулар.
Ол эрээри, грант уонна субсидия ылбыт ТХПоК-тэрэ эбэһээтэлистибэлэрин толоруулара олус намыһах. Холобур, 2019 – 2021 сылларга матырыйаалынай-тэхиньиичэскэй бөҕөргөтүүгэ бэриллибит грант көдьүүстээх буолуутун ситиһэр көрдөрүүлэри (бородууксуйа кээмэйин улаатыннарыы, саҥа үлэ миэстэтин таһаарыы) толорботохторо. Ону тэҥэ потребительскай кэпэрэтииптэр, субсидияны аахсыбатахха, 2021 сыл түмүгүнэн 45 бырыһыаннара ночооттоохтук үлэлээбиттэрэ. Тыа хаһаайыстыбаларын тэрилтэлэрин киэнэ – 39 бырыһыан. Оттон субсидияны аахсан туран, барыска тахсыылара 2,4 эрэ бырыһыан, ол кэмҥэ тыа хаһаайыстыбаларын тэрилтэлэрин 4,8 бырыһыаннара барыстаахтык үлэлииллэр.
Саха сиригэр нолуок учуотугар 395 ТХПоК турар даҕаны, быйыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, үлэлэрин-хамнастарын туһунан сыллааҕы отчуоту федеральнай нолуок сулууспатыгар, Росстакка уонна Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр кыра аҥаардара туттардылар. Инньэ гынан, 2022 сыл түмүгүнэн 243 ТХПоК “Буҕаалтыр учуотун туһунан” федеральнай сокуон 18-с ыстатыйатын ирдэбилин кэһэн, сыллааҕы буҕаалтыр (үп-ас) отчуотун нолуок уорганыгар түһэрбэтилэр. Ону таһынан нолуок учуотугар турар 140 ТХПоК “Тыа хаһаайыстыбатын кэпэрээссийэтин туһунан” федеральнай сокуон 31-с ыстатыйатын кэһэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 3 ревизиялыыр сойуус баарыттан бэйэлэрэ талан, биирдэригэр булгу киириэхтээхтэрин толорбокко сылдьаллар. Манна сыһыаран суруйдахха, ревизиялыыр сойуустарга 237 ТХПоК чилиэнинэн киирбититтэн үгүстэрэ (149) Саха сиринээҕи ревизиялыыр сойууска (А.И. Винокурова) бааллар.
Федеральнай нолуок сулууспатын өрөспүүбүлүкэтээҕи салалтата 2021 – 2022 сылларга буҕаалтыр (үп-ас) отчуотун туттарбатах 100 потребительскай кэпэрэтииби эстэ (ЕГРЮЛ-тан таһаарда). Суут уорганнарын быһаарыыларынан, ревизиялыыр сойууска чилиэнинэн киирбэтэх 31 ТХПоК эһиннэ. Өссө биир улахан кэһии таһаарылларыгар боломуочуйалаах уорганнар билиҥҥитэ харахтарын күүскэ хатыы иликтэр: ол – “Тыа хаһаайыстыбатын кэпэрээссийэтин туһунан” федеральнай сокуон 4-с ыстатыйатын 13-с пуунугар ыйылларынан, өҥө оҥорор, астыыр-үөллүүр, батарар (эргинэр), хааччыйар, үүнээйи олордор уонна сүөһү-сылгы иитэр потребительскай кэпэрэтииптэр үлэлэрин (өҥөлөрүн) 50 бырыһыаныттан итэҕэһэ суоҕун бэйэлэрин чилиэннэрин туһаларыгар оҥоруохтаахтар” диэн. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр 2022 сыллааҕы отчуотун 195 ТХПоК туттарбытыттан 119 кэпэрэтиип ити ирдэбили толорбото.
Биир кэлим тыа хаһаайыстыбатын нолуогун (ЕСХН) төлөөччүлэр 2018 сылтан табаардарын батарыыттан 100 мөл. тахса солкуобайдаах дохуоту киллэрэр буоллахтарына, НДС-ка көһөллөр. Бу дохуот таһыма 2022 сылтан 60 мөл. солкуобайга диэри кыччатылынна. НДС төлүүр тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтин ахсаана улаханнык халбаҥнаабата (5 сылга 11-тэн 12 буолла) эрээри, НДС төлүүр ТХПоК ахсаана 9-тан 5-кэ диэри аҕыйаата. Ол аата сорох астыыр-үөллүүр кэпэрэтииптэр, НДС төлөөмөөрү, дьоҕус тэрилтэлэргэ бытарыйдылар. Сыаналаах тэрил кыамтата ситэ туһаныллыбата, бородууксуйа бэйэҕэ турар ороскуота үрдүүрэ астыыр-үөллүүр салаа ночооттоох буоларыгар тиэрдиэҕэ саарбаҕа суох.
Астыыр-үөллүүр, батарар кэпэрэтииптэргэ өссө биир улахан кыһалҕа баар: Арассыыйа бырабыыталыстыбата Нолуок кодексын Биир кэлим тыа хаһаайыстыбатын нолуогун төлөөччүлэри быһаарарга туттар ыстатыйатын толорор туһуттан тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйаларын бигэргэппит испииһэгэр ынах арыыта киллэриллибэтэҕин түмүгэр кэлиҥҥи 5 сылга “Биир кэлим тыа хаһаайыстыбатын нолуога” диэн чэпчэтиилээх анал нолуок эрэсииминэн туһанар ТХПоК ахсаана 136-тан 90-ҥа түстэ.
Түмүктээн суруйдахха, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын астааһын эйгэтигэр уонна тыа сирин олохтоохторо кэбэҕэстик харчы иэс ылалларын хааччыйарга тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтииптэрэ биллэр-көстөр суолталаахтар. Ол гынан баран, кэпэрэтииптэр отчуоту туттарар таһымнара намыһаҕа, федеральнай сокуону тутуспаттара элбэх кэпэрэтииби эһиигэ тириэрдэр. Иккиһинэн, ревизиялыыр сойуустар киинтэн ыраах, мөлтөх суоллаах нэһилиэктэргэ үлэлиир кыра үптээх-астаах кэпэрэтииптэри кытта ситэтэ суох үлэлииллэрэ эмиэ сокуон өттүттэн кэпэрэтииптэри “суох гынарга” күһэйэр. Үсүһүнэн, ТХПоК-тэрэ судаарыстыбаттан ылар көмөлөрүн, тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр тэҥнээтэххэ, нолуок ноҕурууската улаатарыгар кыһарыйтаран, мөлтөхтүк туһаналлар.
Василий Никифоров