Тыа хаһаайыстыбатын өйүүр саҥа сокуон ылылыннаҕына, улуустар көмө үбү туохха төһөнү тутталларын бэйэлэрэ быһаарар буолуохтара

Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай оройуоннарын уонна куораттардааҕы уокуруктарын олохтоох салайыныыга уорганнарыгар судаарыстыба тыа хаһаайыстыбатын үлэтин өйөөһүҥҥэ сорох боломуочуйаларын биэрии туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин  Сокуонугар уларытыылары киллэрии туһунан” Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонун барыла министиэристибэлэр сөбүлэһиилэрин уонна борокуратуура көрүүтүн ааста. Аны бырабыыталыстыбаҕа биһирэнэн, илии баттанан баран, Ил Дархан көрөн түмүк оҥорбутун кэнниттэн Ил Түмэн уочараттаах сиэссийэтигэр көрөн-дьүүллэһиллэн ылыллыахтаах. Туһааннаах сокуон үүнэр сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киириэхтээх.

Санаттахха, судаарыстыба тыа хаһаайыстыбатын үлэтин өйүүр сорох боломуочуйаларын улуустарга, куораттарга биэрэр туһунан өрөспүүбүлүкэ сокуона 2010 сыл ахсынньы 15 күнүгэр ылыллыбыта. Онтон ыла элбэх дьыл-хонук ааспыт, олус түргэн тэтимнээх аныгы олоххо кэм-кэрдии хаамыытынан уларытыы киирэригэр, кырдьык, уолдьаспыт эбит. Ааҕарга, истэргэ судургу курдук эрээри, сокуон барыла борокуратуураҕа иккитэ киирэн тахсарыгар уһуннук көрүллүбүт. Онон улахан дьиэк суох буолуоҕар эрэнэн туран, сокуон барыла туох тосхоллооҕун уонна уларытыы ис хоһоонун ааҕааччы тута өйдүүрүн инниттэн барылга быһаччы үлэлэспит Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин экэниэмикэҕэ уонна стратегияны былааннааһыҥҥа департаменын салайааччыта Инна Оконешниковалыын кэпсэтэн, хос быһаарыылаан (Инна Иннокентьевна этиитэ курсивынан сурулунна) биэрэбин.

Сокуон барылын быһаарыы суругар “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сокуонун Арассыыйа Федерациятын Бүддьүөтүн кодексын 140-с ыстатыйатыгар сөп түбэһиннэрэр уонна судаарыстыба тыа хаһаайыстыбатын өйүүр саҥа суолларын тобулар тосхоллоох оҥоһуллубутун”, “Сокуон 4-с уонна 6-с ыстатыйаларыгар муниципальнай оройуоннар уонна куораттардааҕы уокуруктар олохтоох салайыныыга уорганнара тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын сайыннарыы урутаан тутуллар хайысхаларын уонна өйөбүл кээмэйин сир-уот, килиимэт уонна тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныы уратыларын аахсан, тустаах миэстэтигэр бэйэлэрэ быһаарар бырааптара уонна эбээһинэстэрэ эбиллибиттэрин”, “Сокуоҥҥа 3-с сыһыарыыны, олохтоох бүддьүөттэргэ субвенцияны биир кэлим сыаллаах ыстатыйанан ааҕан тиксэрии тиһигин киллэриинэн сиэттэрэн, саҥалыы эрэдээксийэлээн ылынарга этиллэрин” тустарынан суруллубут.

– Билиҥҥи мэхэньиисиминэн өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн субвенция үбүн муниципальнай салайыныы уорганнарыгар 5 тус-туспа хайысханан биэрэн кэллибит. Балар икки ардыларыгар харчыны ол иһин бүддьүөт үбэ хос чуолкайданарыгар-чопчуланарыгар эрэ халбаҥнатан биэрэр кыахтаахпыт. Оттон бүддьүөт үбүн чопчулааһын сылга иккитэ эрэ ыытыллар: бастакы кыбаартал кэнниттэн эбэтэр быйыл сыл бастакы аҥаарын түмүгүнэн чуолкайдаммыта. Иккиһин, быйыл үүтү тутууга эбии 382 мөл. солкуобайы биэрээри, бу сэтинньи 22 күнүнээҕи сиэссийэни күүтэбит. Инникитин үлэ-хамнас харгыһа суох барарын хааччыйар туһуттан сокуон барылыгар боломуочуйалар хайысхаларын “муниципальнай оройуоннар уонна куораттардааҕы уокуруктар бэйэлэрин сирдэригэр-уоттарыгар тыа хаһаайыстыбатын үлэтин өйөөһүннэрэ” диэн ааттаан, биир кэлим субвенцияны тиксэриини торумнаатыбыт. Ити гынан баран, улуус (куорат) субвенцияны талбытынан туттуохтаах диэн буолбатах. Министиэристибэлиин сөбүлэһиннэрэн, чэпчэкитик халбаҥнатыахтарын сөп. Сүрүнэ – олохтоох салайыныы уоргана (улуус-куорат таһымыгар) кэтэх хаһаайыстыбалаахтары өйөөһүнү эбэтэр тэриллиилээх хаһаайыстыбалар нөҥүө үүт ыамын элбэтиини чорботоллорун бэйэлэрэ быһаараллар.

Холобур, Куорунай улууһугар элбэх бурдугу, хортуоппуйу үүннэрэр кыайтарбата биллэр. Ол гынан баран, үөһэттэн сорудах син биир тиэрдиллэр, оҥоруохтаах кээмэйдэрин оҥороллор. Оттон тиийбит көмө үбү үүт соҕотуопкатыгар ыыталлар. Эбэтэр маннык буолуон сөп. Нам улууһугар 30 мөл. солкуобай кээмэйдээх “төбө харчыта” ордон хаалар, ити кэмҥэ үүт туттарааччылары кытта аахсалларыгар биир оччо суумалаах субсидия тиийбэт. Саҥа сокуон бигэргэннэҕинэ, хайа баҕарар улуус ханнык хайысханы чорботорунан туттар кыахтаныа.     

Тыа сирин сүөһүлээх-астаах ыалларыттан үлэлээн үптэниэн баҕалаах өттүлэрэ үүт соҕотуопкаланар сыаната үрдэтиллэригэр баҕараллар. Бу кэмҥэ диэри биир эмит улууска кэтэх ынах үүтүн соҕотуопсук булгуччу төлөһөр 10 солкуобайын кытта холбоон 20-30 солкуобайга туталлар. Инна Иннокентьевна кэтэх хаһаайыстыбалаахтар тустарынан уонна кинилэр туттарар үүттэригэр сыһыаннаах маннык санаалары эттэ:

– Министиэристибэ үүт ыстаапкатын билигин муниципальнай оройуоннарга, куораттардааҕы уокуруктарга 65 солкуобайынан быһан тириэрдэр. Уларытыы олоххо киирдэҕинэ, миэстэтигэр ыстаапканы бэйэлэрэ быһалларыгар баҕарабыт. Сорох улуустарга ынах төбөтүгэр көмө харчыны биэрэри “дьону сүрэҕэ суох оҥороҕут” диэн  сөбүлээбэттэрин билэбин. Холобур, Үөһээ Дьааҥыга “төбө харчытын” үүт харчытыгар эбээри гыналлар. Ыстаапканы бигэргэтэллэригэр кэтэхтэн тутар суумаларын үрдэтиэхтэрин сөп буоллаҕа. Ынаҕы эбии аһаттаххына эрэ үүтү ылаҕын. Ороскуоту эрэйэр. Тус кэтэх хаһаайыстыба тыа сиригэр үлэ миэстэтин, дьон дьарыктаах буолуутун мэктиэлиир. Тыа дьонун субсидия отчуота чаҕытар. Судаарыстыба үбэ туохха ороскуоттанарын отчуоттууру сокуон ирдиир. Онон “төбө харчытын” сүөһү аһылыгар, уматыкка, бэтэринээрийэ өҥөтүгэр о.д.а. туттубуккун булгуччу отчуоттуугун. Улуус ахсын бэйэлэрэ ирдэбиллээхтэр. Сүрүн усулуобуйа – ынах төбөтүнэн ахсаанын чөл тутуу, холобур, үс ынаххар субсидия ыллаххына, сыл бүтүүтэ баар буолуохтаахтар.

Дьиҥэр, биһиги “төбө харчытын” дьоҥҥо социальнай төлөбүр быһыытынан биэрэргэ этиилээх этибит. Сокуон ылыллыбытын кэнниттэн бырабыыталыстыба уурааҕа тахсарыгар онно хаттаан эргиллэн, өссө толкуйдуохпут. Уураах иһинэн муниципальнай оройуон (куораттааҕы уокурук) субсидия дуу, төлөбүр дуу оҥорорун талларыахпытын баҕарабыт.

Кэтэх хаһаайыстыба ахсаана Арассыыйа үрдүнэн аҕыйыы турар. Бастатан, дьон урбанизация долгунугар оҕустаран, куораттарга көһөр уонна сүөһүлээх-хотонноох ыаллар сааһырдылар. Ол иһин үлэһит илии тиийбэт, оттон ыччат тыа сиригэр таласпат. Иккиһинэн, ыаммыт-астаммыт үүккэ ирдэбил күүһүрэн иһэр. Баһаам элбэх лаборатория анаалыһа ирдэнэр. Эһиилгиттэн белокка тиийэ туттарар буолуохтара. Кэтэх ыабыт үүтэ үксүгэр эппиэттээбэт. Онно бэлэмнэнэн, 2021 сылтан дьон кэтэх ынаҕын кэпэрэтииптэргэ киллэрэригэр тохсоллоох үлэ ыытыллан кэллэ. Сорох улуустар мөлтөхтүк үлэлэспиттэрэ, база оҥостубатылар. Эрдэттэн тэриммит нэһилиэктэргэ дьон ыарыыта суох ылынна.         

Манна сыһыаран суруйдахха, баччаҕа диэри үлэлээн кэлбит сокуоҥҥа сүөһүлэрин-сылгыларын элбэтэн, хаһаайыстыбаларын хаҥата сатыыр дьоҥҥо омсолоох, охсуулаах даҕаны диэххэ сөп, балаһыанньа баар. Уларытыыга субвенциялар кээмэйдэрин уопсай ааҕар-суоттуур формуланы, маны тэҥэ урукку эрэдээксийэтигэр курдук уочараттаах үбүлэнэр сыл иннинээҕи 3 сылы ортотунан ылбакка, СахаСтат дааннайдарыгар олоҕурар, уочараттаах үбүлэнэр сыл иннинээҕи тохсунньу 1 күнүн туругунан оройуоннар 2 бөлөхтөрүгэр ынах сүөһүнү иитиини, сылгыны үөрдээн иитиини, сибиинньэни иитиини өйөөһүнү, хортуоппуйу, оҕуруот аһын, туораахтаах култууралары ыһыыга агротехнология үлэлэрин ыытыыны ааҕар-суоттуур нормативы быһаарыыны  киллэрэргэ этиллэр. Ону тэҥэ ынах сүөһү, сылгы этин, хортуоппуйу, оҕуруот аһын, бурдугу соҕотуопкалааһыны өйөөһүҥҥэ  субвенциялар ааҕыллар-суоттанар кээмэйдэрэ СахаСтат дааннайдарыгар олоҕуран, уочараттаах үбүлэнэр сыл иннинээҕи тохсунньу 1 күнүн туругунан ааҕыллыахтара.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин олоҕун-дьаһаҕын, экэниэмикэтин 2050 сылга диэри торумнааһыннаах 2032 сылга диэри сайыннарыы стратегиятын олоххо киллэрэр инниттэн Ил Дархан 2024 сыл кулун тутар 28 күнүгэр “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олохтоох оҥорон таһаарыыны уонна туризмы сайыннарыы туһунан” 269 №-дээх стратегическай Ыйаахха илии баттаабыта, ол бастакы уочараттаах дьаһаллары быһаарар. Олору олоххо киллэрэр түгэҥҥэ олохтоох оҥорон таһаарыы кээмэйэ 2023 сылы тэҥнээтэххэ, 2030 сылга тиийэн 1,5 төгүл итиэннэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын бүттүүн кээмэйигэр тэриллиилээх хаһаайыстыбалар оҥорон таһаарар өлүүлэрэ 70 бырыһыаҥҥа диэри улаатыахтаахтар.

Билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аһын-үөлүн бэлиитикэтин министиэристибэтэ 2024 сыл тохсунньу 19 күнүгэр 28 №-дээх бирикээһинэн бигэргэппит Тыа хаһаайыстыбатын производственнай эбийиэктэрин табыгастаахтык олохтооһун схематыгар сөп түбэһиннэрэн, хортуоппуйу уонна оҕуруот аһын уурар-харайар эбийиэктэри 48 нэһилиэнньээх пууҥҥа, 25 уонна онтон элбэх ынах турар хотонун уонна комплексын 188 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа, 25 уонна онтон элбэх ынах ыанар сайылыктарын 120 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа саҥалыы туттаран, тыа сирин үлэһит дьоно кыһалҕаларын быһаартарар баҕалаахтарын биллэрэн олороллор.

Билиҥҥи туругунан, 25 уонна онтон элбэх ынах турар 832 хотоно,  комплекса баарыттан 50-гар эрэ аппараатынан ыыллар. Үлэлии турар производственнай эбийиэктэртэн баһыйар аҥаардара ааспыт үйэ 80 – 90-с сылларыгар тутуллубут буоланнар, аныгы ирдэбилгэ сөп түбэспэттэрин бэлиэтиир тоҕоостоох.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сүнньүнэн 2018 – 2023 сс. 500-түү туонна хортуоппуй киирэр истээх 5 эбийиэк, холбоон 2570 төбө сүөһү турар үүт-эт хайысхалаах 24 сайылык уонна 17 мэхэньисээссийэлээх  комплекс тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ.

Салаа бигэтийэрин уонна туруктаахтык сайдарын, стратегическай Ыйаах тус сыаллаах көрдөрүүлэрин 2029 сылга ситиһэр туһугар тэриллиилээх хаһаайыстыбалар тыа хаһаайыстыбатын производственнай эбийиэктэрин, ол иһигэр дьоҕус кыамталаах эбийиэктэри модернизациялааһыҥҥа киэҥ хабааннаахтык кыттаннар, инники күөҥҥэ тахсыах тустаахтар.

Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ 2030 сылга диэри 120-лии төбө сүөһү турар 50-тан тахса комплексы, 1000-лыы сүөһү турар 5 роботизированнай комплексы, 500-түү туонна хортуоппуйу (оҕуруот аһын) уурар-харайар  22 эбийиэги тутары былаанныыр.

Үөһэ ыйыллыбытын курдук, тыа хаһаайыстыбатын производственнай эбийиэктэрин туттарыан, саҥалыы сөргүттэриэн баҕалаах элбэҕин аахсан, муниципальнай оройуоннар уонна куораттардааҕы уокуруктар олохтоох салайыныыга уорганнарын боломуочуйалара  тыа хаһаайыстыбатын кыра кыамталаах эбийиэктэрин (50 ынахха диэри суоттаммыт хотоннор, сайылыктар, 200 туоннаҕа диэри киирэр истээх хортуоппуй, оҕуруот аһын уурар-харайар тутуулар) тутуу (модернизациялааһын) хайысхатынан кэҥэтилиннэ.

Тыа хаһаайыстыбатын салаатын бүттүүн бородууксуйатыгар тэриллиилээх хаһаайыстыбалар оҥорон таһаарар өлүүлэрин улаатыннаралларын көҕүлүүр инниттэн субвенциялары ааҕар-суоттуур методика уонна норматив 2-с бөлөххө киирэр муниципальнай оройуоннар уонна куораттардааҕы уокуруктар градацияларын аахсан итиэннэ тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ, бааһынай хаһаайыстыбалар уонна урбаанньыттар тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорор өлүүлэриттэн таһааран олохтоннулар,: 55 % саҕалаан уонна онтон тахса % – 30,0 мөл. солкуобай, 45 %- тан 54,9 %- ҥа диэри – 20 мөл. солкуобай, 45 %- тан намыһах – 10 мөл. солкуобай (бу нормативтары Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата бэйэтин уурааҕынан бигэргэтиэ).

– Кэпэрэтииптэргэ инвестиция оҥорон, модернизация ыытар былааммыт хамсык ыарыы туран, сарбыллыбыта. Инвестицияҕа үп ордубат буолбута. Быйыл эмиэ тутууну үбүлээһини сотон кэбистилэр. Билигин бэриллэр субвенция үбэ утарынан эрэ ороскуоту сабар. Биир ынаҕы көрүү ороскуота 300-чэ тыһ. солкуобайга хабааттар. Мантан 60-70 бырыһыанын субсидиялыыбыт. Атынын хаһаайыстыбалар үүт туттаран толуналлар. Тутууга, инвестицияҕа үп хаалбат. Ол иһин бэйэбит бырагыраамабытыгар эбии харчы көрөр гына дьаһаныахпыт. Ил Дархан 269-с №-дээх Ыйааҕа тахсыбытын кэнниттэн элбэх бырайыагы оҥордубут. Үп-харчы дойду үрдүнэн чычырбас эрээри, маннык кэскиллээх былааннар олоххо киирэллэрин быһаарар инибит диэн эрэнэбит. Сатаатар, кыра кыамталаах тутуулары саҕалаан, улуустарбытын үөрэтэ туруохпут этэ. Бу сыалга 300-тэн тахса мөл. солкуобайдааҕы суоттаан-ааҕант киллэрдибит. Хас улуус аайы хотоннорун саҥалыы сөргүтэллэригэр, өрөмүөннүүллэригэр 10-30-туу мөл. солкуобай тиксэр.

Санааны түһэрэр сатаммат. Аан дойду үрдүнэн тыа сиригэр, тыа хаһаайыстыбатыгар талаһыы хамсааһына бэлиэтэнэр. Биһиэхэ даҕаны эдэр дьон сүөһүгэ-сылгыга, сиргэ-уокка тардыһар буолан эрэллэр. Пиарданар буоллар, хамсааһын тахсыах этэ дии саныыбын.

Василий Никифоров    

 

Читайте дальше