Тутуу – сайдыы бигэ тирэҕэ

Өймөкөөн улууһугар тутуу хаамыыта:

2018 с.

— “Мин Сахам сирэ ХХI үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө дьыала хамсааһын иитинэн Үчүгэй нэһилиэгэр эдэр исписэлиистэргэ аналлаах 4 кыбартыыралаах олорор дьиэ тутуллан үлэҕэ киирбитэ:

— “Гражданнары хаарбах дьиэттэн көһөрүү” өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагырааманан Уус-Ньараҕа икки элбэх кыбартыыралаах дьиэ (Кривошапкин уул., 7 “а” уонна Кривошапкин уул., 9 “а”) тутуллубута;

— Төрүт нэһилиэгэр саҥа хочуолунай баар буолбута.

2019 с.

“Халыма” федеральнай трассаттан Төрүт нэһилиэгэр диэри 22 км уһуннаах кыһыҥҥы суол оҥоһуллубута (тутуу 2012 с. саҕаламмыта);

— Өймөкөөн нэһилиэгэр саҥа хочуолунай тутуллубута.

2020 с.

— «Мин Сахам сирэ ХХI үйэҕэ» хамсааһын иитинэн Томтор нэһилиэгэр эдэр исписэлиистэргэ аналлаах 8 кыбартыыралаах олорор дьиэ тутуута саҕаламмыта (дьиэ 2023 с. тутуллан бүппүтэ);

-“2019-2025 сс. гражданнары хаарбах дьиэттэн көһөрүү” өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагырааманан Уус-Ньараҕа 17 кыбартыыралаах таас дьиэ (Кривошапкин уул., 9) тутуута саҕаламмыта;

— 2-с Бороҕон нэһилиэгэр “Аэропорт” учаастакка саҥа хочуолунай тутуллубута.

2021 с.

-“2019-2025 сс. гражданнары хаарбах дьиэттэн көһөрүү” өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагырааманан Уус-Ньараҕа 17 кыбартыыралаах таас дьиэ (Кривошапкин уул., 9) тутуллан үлэҕэ киирбитэ.

2022 с.

— “Мин Сахам сирэ ХХI үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө дьыала хамсааһын иитинэн улууска ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕын эбийиэктэрин тутуу саҕаламмыта;

— “2019-2025 сс. гражданнары хаарбах дьиэттэн көһөрүү” өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагырааманан Уус-Ньараҕа 17 кыбартыыралаах таас дьиэ (Кривошапкин уул., 7) тутуута саҕаламмыта (дьиэ 2023 сылга тутуллан бүппүтэ);

— Томтор нэһилиэгэр саҥа врачебнай амбулатория тутуллан үлэҕэ киирбитэ.

Любовь Кривошапкина

Читайте дальше