Тутуу матырыйаалын – уунан

Сордоҥноох баһылыга Альберт Вензель бэлиэтээбитинэн, кини өссө баһылыгынан үлэлии киирэригэр бырагырааматыгар киллэрбит тосхоллорун нэһилиэк Социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын стратегиятыгар киллэрбит.

Онон икки сыл устата ол докумуоҥҥа олоҕуран үлэлээтибит. Тосхолтон сүрүн өттө туолла. Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһугар түргэнник ситэр салааны сайыннарыыга үлэлэһэбит. Успуорт былаһааккатын саҥартыбыт. Олохтоох радиоузелы үлэлэттибит. Онон Сордоҥноох кулуубун үлэһиттэрэ бэйэбит араадьыйабытынан биэриилэри бэлэмнээн оҥороллор. Аны хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматыгар үлэлэһэбит да, үгүс дьиэ докумуона суоҕа атахтыыр.

Бэйэ дьарыктаах буолуу бырагырааматыгар үлэлэһэбит. Альбер Захаров бэкээринэ аһан үлэлэтэн, биир дойдулаахтарын абыраата аҕай. Уһаныынан Павел Громов дьарыктаныахтаах. Бары тэриллэрин атыыласпыта эрээри, бакаа кэккэ төрүөтүнэн үлэтин саҕалыы илик. Киниэхэ эрэлбит улахан. Таксистарбыт бэркэ үлэлииллэр. Туризмынан, сылгынан дьарыктаныах, араас өҥөнү оҥоруон баҕалаахтар бааллар. Онон сыыйа нэһилиэнньэ үгүс олохтооҕо дьарыктаах буолуох курдук.

Бу күннэргэ, төһө да суол суох буоллар, тутуу матырыйаалын нэһилиэнньэ сакааһынан аҕала турабыт. Номнуо үһүс сырыыбыт. Мотуордаах оҥочонон биэрэктэн биэрэккэ тиэрдэбит. Дьон сүрүннээн профлиис, хаптаһын, кырааска аҕалтараллар.

Куйдуһун муостатын оннугар САРМ муоста туруохтаах. Дьиҥэр сыл аайы маннык понтоннай муоста турар. Куйдуһун муостата баар да эрдэҕинэ кыһын аайы САРМ муостаны туруорааччылар. Кыһын понтоннайынан эрэ сылдьабыт, чохпутун, курууспутун тиэнэбит. Онон быйыл да бу боппуруос оннунан хаалар, арай түргэтэтиэхтэрэ. Бу күннэргэ СӨ тырааныспарын миниистирин солбуйааччы Анатолий Потапов кэлиэхтээх.

Ититии сезонугар кэмигэр киириэхпит. Олохтоох исписэлиистэрбит сайыны быһа үлэлээтилэр. Онон «Теплоэнергосервис» итиини этэҥҥэ холбуур ини диэн эрэллээхпит, — диэн иһитиннэрдэ баһылык Альберт Вензель.

Өймөкөөн улууһун пресс-сулууспата

Читайте дальше