Сахабыт сиригэр биэс сыл иһигэр федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна олохтоох бүддьүөттэн оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тэрилтэлэрин, оскуолалар, доруобуйа харыстабылын, социальнай эйгэ, култуура, успуорт үгүс эбийиэктэрэ тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ кэрэхсэбиллээх.
Кэлиҥҥи биэс сыл иһигэр 274 социальнай суолталаах эбийиэк тутуллан киирдэ. Мантан оскуолата – 48 (10 241 миэстэлээх), уһуйаана – 72 (8 685 оҕо сылдьар), балыыһата уонна амбулаторията – 66, култуура-сынньалаҥ дьиэтэ – 45, успуорт уонна физкултуура эбийиэгэ – 34 (о.и. 10 – успуорт саалата, 13 – элбэх хайысхалаах комплекс, 3 – стадион, 4 – ипподром).
Тэтим өссө күүһүрэр: сыччах быйыл 20 оскуоланы, 5 уһуйааны, 14 култуура дьиэтин, 24 балыыһаны, амбулаторияны, барыта 72 социальнай эбийиэги тутуу түмүктэниэҕэ.
Ити кэм устатыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 2,8 мөл. кв. м иэннээх олорор дьиэ тутулунна.
Федеральнай киинниин ыкса үлэлэһии түмүгэр Саха сирин олохтоохторо Уһук Илиҥҥэ көрүллэр чэпчэтиинэн туһанан, дойду киин куораттарыгар субсидиялаах тарыыбынан көтөр кыахтаннылар, оттон өрөспүүбүлүкэ иһигэр эмиэ хотугу улуустарга анаан саҥа бырагыраама көдьүүстээхтик үлэлиир.
Кэлиҥҥи биэс сылга өрүһү, үрэҕи туоруур 2,7 тыһ. п.м. уһуннаах 48 бетон-тимир күргэ тутуллан, дьон-сэргэ абыранна.
Биэс сыл иһигэр сибээс оптическай утахтаах ситимигэр 246 нэһилиэнньэлээх пуун холбонно, 9 тыһ. килэмиэтир уһуннаах ситим тардылынна. Ол түмүгэр эрдэ ыытыллыбыт үлэлиин холбоон, 13 600 км уһуннаах утах тардыллан, 378 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа (өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 91,9 бырыһыана) аныгы кэм сибээһэ олохтонно.
Онтон Өймөкөөн улууһугар бу биэс сыл иһигэр туох уларыйыы таҕыста?
Өймөкөөн улууһун дьаһалтатын хапытаалынай тутуу уонна суол хаһаайыстыбатын салаатын начаалынньыга Павел Березкин биэрбит дааннайынан, Өймөкөөн нэһилиэгэр 2018 сыл бүтүүтэ 50 миэстэлээх оҕо саадын дьиэтэ үлэҕэ киирбитэ. Бу тутуу “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө дьыала хамсааһынын чэрчитинэн тэриллибитэ.
Бу бырагырааманан улууска Үчүгэй нэһилиэгэр эдэр исписэлиистэргэ анаан 4 кыбартыыралаах олорор дьиэ тутуллубута. Оттон улуус киинигэр Уус-Ньараҕа хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан икки элбэх кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирбитэ. Маны тэҥэ Төрүт нэһилиэгэр саҥа хочуолунай тутуллубута.
2019 с. Томтор нэһилиэгэр саҥа таас оскуола аһыллан тыа сирин олохтоохторугар барыларыгар үөрүүлээх түгэн тосхойбута.
Оскуола дьиэтэ “СӨ үөрэҕирии 2016-2022 сс. уонна 2026 с. былааннаах кэмҥэ сайдыыта” өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннай бырагыраама иитинэн тутуллубута. Аныгылыы тутуулаах 220 миэстэлээх оскуолаҕа үөрэнэргэ, үүнэргэ-сайдарга усулуобуйа барыта баар: улахан спортивнай, аактабай саалалардаах, бибилэтиэкэлээх, көмпүүтэрнэй кылаастаах, мастарыскыайдаах.
Төрүт нэһилиэгэр диэри “Халыма” федеральнай трассаттан 22 км уһуннаах кыһыҥҥы суол оҥоһуллубута, тустаахтарга улахан үөрүүнэн буолбута. Бу дьыл Өймөкөөн нэһилиэгэр эмиэ саҥа хочуолунай үлэҕэ киирэн, олорор дьиэлэр уонна социальнай эбийиэктэр кииннэммит ититии тиһигэр холбоммуттара.
2020 с. Томтор нэһилиэгэр “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө дьыала хамсааһынын чэрчитинэн эдэр исписэлистэргэ анаан 8 кыбартыыралаах дьиэ тутуута саҕаламмыта, бу дьиэ быйыл үлэҕэ киириэхтээх.
2021 с. улуус киинигэр хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан 17 кыбартыыралаах таас дьиэ тутуллан, манна улуус киинин олохтоохторо көһөн киирбиттэрэ. Томтор нэһилиэгэр аэропорт учаастагар саҥа хочуолунай тутуллубута.
2022 с. “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө дьыала хамсааһынын чэрчитинэн Өймөкөөн улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо Ыһыаҕын эбийиэктэрин тутуу ыытыллыбыта.
Томтор нэһилиэгэр врачебнай амбулатория тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Билигин Уус-Ньараҕа хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан өссө биир 17 кыбартыыралаах таас дьиэ тутулла турар.