Соторутааҕыта хирург идэлээх экстремал-турист Георгий Цыпандин салайар “Орион” туркулууба Дьокуускайтан кэлэн Сунтаар хайатын эҥэр сырыттылар.
Экстремаллар сүрүн сыалларынан аата суох хайаҕа Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнин Михаил Ефимович Николаев аатын иҥэрии буолла. SakhaDay саайт суруйарынан, саха туристара бу ураты кэрэ көстүүлээх хайаҕа от ыйын ортото тахса сырыттылар.
Николаев М.Е. аатын ылбыт чыпчаал хайа Саха сирин уонна Хабаровскай кыраай кыраныыссатыгар баар. Кини үрдүгэ 2727 миэтэрэҕэ тэҥнэһэр.
Санатар буоллахха, Георгий Цыпандин салайар эспэдииссийэтэ икки сыл анараа өттүгэр Өймөкөөн улууһун өҥнөөх хайаларыгар дабайан, бу сырыыларын Саха автономията төрүттэммитэ 100 сылыгар анаабыттара.
Онно биһиги биир дойдулаахпыт, Өймөкөөн улууһунааҕы дьаһалта эппиэттээх үлэһитэ, төрөөбүт кыраайын хайаларыгар хаста даҕаны дабайбыт, Эльбрус хайатын үрдүк чыпчаалыгар тиийэ тахсыбыт Евгений Кривошапкин эмиэ сылдьыбыта.
Өймөкөөн хайалара ити курдук манна биирдэ сылдьыбыт киһини ыҥыра-угуйа турар ураты абылаҥнаахтар.
Любовь Кривошапкина
Хаартыскалары С. Баишев тиксэрдэ.