Суол уонна сайдыы былыргыттан быйылга диэри быстыспат ситимнээхтэр. Суола суох – сайдыы суох. Cуол-иис хайдаҕыттан эрэгийиэн олоҕо-дьаһаҕа, экэниэмикэтэ тутулуктаахтар. Ону биһиги, киэҥ сирдээх-уоттаах уонна киинтэн чиэски олорор өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, кимнээҕэр ордук билэбит, өйдүүбүт эрээри, ардыгар баардылаабаттыы сыһыаннаһабыт. Дьиҥэр, сайдыыны сиэтэн аҕалар, хас биирдии киһи уонна ыал олоҕун чэпчэтэр, тупсарар туһугар кылгас кэрдиис кэмҥэ сөҕүмэрдээх үлэ оҥоһулунна.
Сыл аайы 50-нуу көстөөх суол тутуллар
“Куттала суох тупсаҕай суоллар” национальнай бырайыагы олоххо киллэрии саҕаланыаҕыттан Саха сирэ массыына суолун өрөмүөннээһиҥҥэ уонна тутууга чыпчаал көрдөрүүлэргэ тахсар кыахтанна. Өскөтүн 2010-с сылларга сылга 150-нуу килэмиэтир уһуннаах массыына суола тутуллар эбит буоллаҕына, 2020 сылтан ыла өрөспүүбүлүкэҕэ сыл ахсын 500 килэмиэтиртэн итэҕэһэ суох суол тутуллан киирэр. Массыына суолун туһаҕа киллэрии 2018 сыллааҕы таһымтан икки төгүл улаатта.
Национальнай бырайыак чэрчитинэн кытаанах бүрүөһүннээх суолу тутууга биһиги өрөспүүбүлүкэбит Уһук илиннээҕи федеральнай уокурукка иккис миэстэлээх (2,6 мөл. кв.м).
“Халыма” федеральнай массыына суолун Аллараа Бэстээх – Чурапчы учаастагар аспааллааһын үлэтэ түмүктэннэ: онно 2019 сылтан 160 км усталаах аспаал-бетон бүрүөһүн уурулунна, итинтэн 52 килэмиэтирэ ааспыт сылга оҥоһулунна. Айан суолун тухары барыта 19 тыһ. п.м уһуннаах саахалланыыттан харыстыыр,харгыстыыр тутуулар уонна саҥа суол бэлиэлэрэ туруорулуннулар, суолга анал бэлиэлэр түһэрилиннилэр.
Уонунан сылларга тутулла сатаабыт “Кэбээйи” массыына суола Кэбээйи сэлиэнньэтигэр, “Амма” массыына суола Уус Маайа сэлиэнньэтигэр диэри түргэн тэтимнээхтик тутуллан киирдилэр. Дьокуускай – Нам – Булуус (Түбэ) айан суолун саҥалыы оҥоруу түмүктэннэ. “Нам” массыына суолугар Сатай уонна Хаҥалас бөһүөлэктэригэр киирэр суоллардаан, түөрт балаһалаан оҥоруу бастакы учаастага тутулунна.
Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар уулусса-суол ситимин нуормаҕа сөп түбэһиннэрэн өрөмүөннээһин киэҥ хабааннаахтык ыытыллар. Куораты тумнар Уокурук суола хапытаалынайдык өрөмүөннэнэн, 4,2 км усталаах массыына суола түөрт балаһалаах гына уларытан оҥоһулунна. Дьокуускай киин уулуссатын – Ленин аатынан проспегы хапытаалынайдык өрөмүөннээһин 1-кы түһүмэҕэ түмүктэннэ. Бу сыл иһинэн бырайыак барыта ситэриллэн туттарыллыаҕа.
Суол үлэтин үбүлээһин, 2018 сыллааҕыны кытта тэҥнээтэххэ, ол иһигэр “Куттала суох тупсаҕай суоллар” национальнай бырайыагы олоххо киллэриинэн сиэттэрэн, 9,5 млрд солкуобайтан таҕыста. Ааспыт 2022 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ суол хаһаайыстыбатын хаҥатыыга туһуламмыт дьаһаллары толорууга анаан бэриллибит үп бүттүүн кээмэйэ 13,7 млрд солкуобай буолла, ол 2018 сыллааҕы үбүлээһинтэн үс бүк элбэх.
Өрөспүүбүлүкэ тутаах бырайыага оннуттан хамнаата: Өлүөнэ өрүһү Дьокуускай куорат сиринэн туораан, “Бүлүү” айан суолун “Өлүөнэ” уонна “Халыма” федеральнай суоллары кытта сылы эргиччи ситимниэхтээх итиэннэ дойду хорук суолларын кытта холбуохтаах муоста тутуутун бырайыага РФ суол үлэтин сайыннарыы биэс сыллаах былааныгар киллэрилиннэ.
Ааспыт биэс сыл иһигэр 47 күргэ тутулунна уонна саҥалыы оҥоһулунна. Олортон саамай улаханнара – “Бүлүү” федеральнай суолга тутуллубут Марха өрүһү туоруур саҥа муоста. Билигин Томпоҕо Мөҥкүүлэ уонна Ленскэйгэ Нүүйэ үрэхтэри туоруур улахан күргэлэри саҥалыы тупсаран оҥоро сылдьаллар.
Элбэх сырыылаах массыына суолларыгар куттала суох айаны хааччыйарга ураты болҕомто ууруллар. Ол курдук, Арассыыйаҕа биир бастакынан “АвтоУраган-МС” диэн 5 мобильнай аппараат-бырагыраама комплекса үлэлии турар.
Василий Кучаров, Ньурба улууһунааҕы инвестиция-тутуу салалтатын начаалынньыгын солбуйааччы:
– Ньурба улууһун сиринэн-уотунан ааһар “Бүлүү” федеральнай суолга 2019 с. Саха сиригэр билиҥҥитэ саамай улахан муоста – 560 м уһуннаах Марха күргэтэ тутуллан киирбитэ. Онтон 2020 с. Түүкээни туоруур 267 м усталаах күргэни тутуу түмүктэммитэ. Ону тэҥэ Ньурба куораттан Марха муостатыгар тиийэ 48 км уһуннаах федеральнай айан суолун тилэри аспааллааһын ааспыт сылга ситэрилиннэ. Аны Ньурбаҕа 2027 с. ыытыллыахтаах Саха сирин спортивнай оонньууларыгар бэлэмнэнии чэрчитинэн, улуус иһинээҕи суоллары аспаал бүрүөһүннээһин ыытыллар. Ол курдук, 2018 сылтан Ньурба куорат уулуссаларын кытта федеральнай суол кытыытыгар сытар Антоновкаҕа, Сүлэҕэ, Чаппандаҕа туоруур, киирэр 15 км уһуннаах муниципальнай суол аспаалланна. Быйыл Антоновка, Ньурбачаан уулуссалара оҥоһуллуохтара. Ити улуус бырагырааматынан улуус бүддьүөтүттэн уонна Суол пуондатыттан 50 x 50 үбүлэнэр үлэлэри эттим. Улуус нэһилиэктэрин кытта сырыыны хааччыйарга 2018 сылтан саҕалаан 115 км усталаах кумах-таас бүрүөһүннээх суол тутулунна. Ол иһигэр урут суола суох олорбут Хорула уонна Хатыы нэһилиэктэрэ сылы эргиччи сылдьар суолланнылар. Ааспыт сайыҥҥы-күһүҥҥү уһун ардах уонна сааскы халаан уутуттан Киров – Чуукаар – Быһыттаах – Маалыкай – Хатыы массыына суола хас да сиринэн алдьаммытын өрөмүөннээһин үлэтэ ыытылла турар. Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ чөлүгэр түһэрии ороскуотун толуйууга 19 мөл. солкуобай кээмэйдээх субсидияны биэрэргэ быһаарбытыгар махтанабыт.
Салгын аалын көтөр хайысхата элбээтэ
Өрөспүүбүлүкэҕэ 2019 сылтан саҕалаан 15 аэропорт комплексын уларытан саҥалыы оҥоруу үлэтэ ыытыллар. Кылгас болдьох иһигэр Дьокуускайга сөмөлүөт көтөр-түһэр балаһатын сөргүтүү бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ, Үөһээ Бүлүү уонна Эдьигээн аэропортара оҥоһулуннулар. Өлүөхүмэҕэ уонна Нерюнгрига көтөр-түһэр балаһалар саҥардылыннылар. Бүлүү, Нерюнгри куораттарга, Депутатскай, Белай Гора (Абый), Сангаар, Хаандыга бөһүөлэктэргэ 6 аэропорду саҥалыы оҥоруу быйыл түмүктэниэҕэ.
Ол түмүгэр Биир кэлим Уһук Илиннээҕи авиахампаанньа иитинэн көтүү бырагыраамата, ааспыт сылга 5 маршрут эбит буоллаҕына, быйыл 18 хайысхаҕа диэри кэҥээтэ. Онно дьүөрэлэһиннэрэн, федеральнай үбүлээһин 290 мөл. солкуобайтан 2,5 млрд солкуобайга диэри улаатта. Инньэ гынан “Якутия” АХ Уһук Илиҥҥэ чэпчэтиилээх көтүү 50-тан тахса бырыһыанын толорор буолла.
Арассыыйа киин куораттарыгар сүрүн хайысхаларынан көтүүгэ чэпчэтиини олохтуур бырагырааманы үбүлээһин, 2018 сыллааҕы таһымы кытта тэҥнээтэххэ, ааспыт сылга икки бүк улаатыннарыллан, 608,6 мөл. солкуобайтан 1 201,1 мөл. солкуобайга тиийдэ.
Быйылгыттан Саха сирин бары 13 хотугу улууһун дьоно чэпчэтиллибит билиэтинэн туһанар кыахтаннылар. Ити улуустар олохтоохторун субсидиялаах көтүүнэн хабыы көрдөрүүтэ 7 %-тан 51 %-ҥа диэри улаатта. Аартыка нэһилиэнньэлээх пууннарыгар диэри салгын аалынан көтүүгэ субсидиялаах бырагырааманы үбүлээһин 2018 сыллааҕыттан 12 төгүл үрдээтэ. Ол хоту дойду нэһилиэнньэтин 5,4 %-тан 51,2 %-ҥа тиийэ хабар кыаҕы үөскэттэ.
Дьоҕус авиация 2021 сылтан Аартыка улуустарыгар судаарыстыба сакааһынан аһы-үөлү тиэрдиигэ уонна айылҕа уотун умуруорууга кыттара биллэрдик элбээтэ.
Елена Распопова, Эдьигээн аэропордун начаалынньыга:
– Биһиги улууспут киинигэр, Эдьигээн бөһүөлэгэр, тутуллубут саҥа аэровокзалга 2018 с. көһөн киирбиппит. Онтон 1700 кв. м иэннээх көтөр-түһэр балаһа саҥалыы тутуллан, 2021 с. сэтинньитигэр үлэҕэ киирбитэ. Айанньыттар уонна үлэһиттэр сылаас, сырдык, киэҥ-куоҥ дьиэлэнэн абыранныбыт. Икки саалалаах буолан, дьон күүтэригэр, көтөрүгэр сүрдээх табыгастаах уонна сынньалаҥ. Аэропорт пассажирдары аһарар кыамтата 1,5 төгүл улаатта. Биһиги сүрүннээн “Полярные авиалинии” хампаанньа көтүүлэрин хааччыйабыт. Ону таһынан бырамыысыланнай тэрилтэҕэ вахтанан үлэлиир дьону таһар уонна таһаҕаһы аҕалар “АЛРОСА” авиахампаанньа сөмөлүөттэрин, бөртөлүөттэрин көрсөбүт, көтүтэбит. Санрейс даҕаны элбэхтик сылдьар.
Уу суолунан сырыы сааһыланан, судургутуйда
Айан-сырыы харгыһа-хааччаҕа, оһоло-моһоло суох суһаллык саҕаланарын эбэтэр салҕанарын хааччыйар инниттэн Дьокуускай уонна Аллараа Бэстээх туһаайыытынан өрүһү боруомунан туораан тиксэр сирдэр тупсаран оҥоһулуннулар. Боруомнар тиксэр сирдэригэр массыыналары мунньар тэриллэр тутулуннулар. Үлэни сааһылыырга уонна боруомунан туорааһыны сайыннарарга туһаайан биир кэлим салайар тэрилтэ тэрилиннэ.
“Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах өрүс пароходствота” ПАУо уу тырааныспарын эбийиэктэрин куттала суох буолууларын туһунан тэхиньиичэскэй регламенын олоххо киллэрэр сыаллаах уу аалларын аныгылыы оҥорууга уонна тутууга “АЛРОСА” АХ аахсыйаларын атыытыттан киирбит үп суотугар 550 мөл. солкуобай бэриллибитэ.
Үрдүк технологиялаах Жатайдааҕы уу аалын тутар-өрөмүөннүүр собуоту сөргүтэргэ туһуламмыт инфраструктура бөдөҥ бырайыагын олоххо киллэрии, федеральнай кыттыгас үбүлээһини кытта 4 млрд солкуобайтан тахса үп көрүллэн, 2019 сылтан саҕаламмыта. Бырайыак олоххо киллэрилиннэҕинэ, сыл иһигэр араас тииптээх уонна аналлаах 10 суудунаҕа тиийэ тутар комплекс, сылга 2-лии хаарбах суудунаны туһаҕа туруорар учаастак, ону тэҥэ 664 үлэ миэстэтэ тэриллиэхтэрэ.
Айаны-сырыыны сыыдамсытарга “Валдай-45р” диэн түргэн сырыылаах уонна хамсаналлара, хаамаллара хааччахтаахдьону тиэйэргэ анал оҥоһуулаах икки аал атыылаһыллан кэлбитэ айанньыттары абыраата. Быйылгы навигацияҕа “Михаил Ломоносов” теплоход дьону таһарын саҕалаата. “Метеор-120Р” кынаттаах аалы тутуу түмүктэнэн эрэр.
Ааспыт сылга Аллараа Бэстээххэ таһаҕас терминалын тутуу 1-кы түһүмэҕэ түмүктэнэн, туһанылла турар. Эбийиэк бүтүннүү үлэҕэ киирдэҕинэ, таһаҕаһы хос-хос сүөкээһин-тиэйии тохтуо уонна тимир суолтан быһаччы өрүс тырааныспарыгар тиэйиини хааччыйыа. Онно тирэҕирэн, тиэйии-таһыы ороскуота кыччыах итиэннэ олоххо-дьаһахха тыын суолталаах таһаҕаһы улуустарга, чуолаан, өрөспүүбүлүкэ хоту эҥээригэр тириэрдии болдьоҕо кылгыах этэ.
Уу тырааныспарынан дьону таһыыга социальнай суолталаах өттүгэр субсидиялааһын бырагыраамата салгыы үлэлээтэ. Ол сыалга үбүлээһин кээмэйэ 2018 сыллааҕар икки төгүлтэн ордук, 62,9 мөл. солкуобайтан 153,5 мөл. солкуобайга диэри улаатта. Ол түмүгэр 2022 сылга айанньыт ахсаана 35,7 тыһ. (2018 с. – 26,4 тыһ. этэ)киһиэхэ тиийэ элбээтэ.
Тимир суол тэлгэһэбитигэр тиийэн кэллэ
“Беркакит – Томмот – Дьокуускай” тимир суолу тутуу 2019 сылга түмүктэнэн, үлэҕэ киллэриллибитэ. “Томмот” ыстаансыйаттан “Аллараа Бэстээх” ыстаансыйаҕа диэри 439 км уһуннаах тимир суол ыллыга тэлгэннэ. Аллараа Бэстээххэ сууккаҕа 100 пассажиры аһарар кыахтаах тимир суол вокзала тутуллан, үлэлии турар.
Дьокуускай – Хабаровскай – Владивосток, Дьокуускай – Иркутскай, Дьокуускай – Благовещенскай хайысхаларынан тохтобула суох сырыы олохтонно. Ол айанньыт ахсаанын 2018 сыллааҕы таһымтан 176,9 тыһ. киһинэн (211,6 %-нан) элбэтэргэ тириэртэ.
Николай Алексеев, “Якутопторг” АУо генеральнай дириэктэрэ:
– Аллараа Бэстээххэ производственнай база тэриммиппит хотугу улуустарга социальнай суолталаах ас-үөл табаардарын тиксэрэрбитигэр олус табыгастаах. Онуоха сүрүн төһүүнэн тимир суол буолар. Тимир суолунан 2021 с. 6 828 туонна аһы-үөлү аҕалбыт буоллахпытына, былырыын 8 435 туоннаны аҕалбыппыт. Быйыл 8 ый устатыгар 5 500 туонна кэллэ, сыл бүтүөр диэри өссө 5 100 туонна аһы-үөлү аҕаларга былаанныыбыт.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит иһигэр таһаҕаһы тиэйии-таһыы схемата аһара уустук эрээри, социальнай суолталаах аһы-үөлү хотугу улуустарга көлө бары көрүҥүнэн тиэйэр-тиэрдэр кээмэйбитин сылтан сыл улаатыннаран иһэбит: ааспыт сылга 8,6 тыһ. туоннаны тиксэрбит буоллахпытына, быйыл 10,3 тыһ. туоннаны былаанныыбыт. Биһиги дьыл кэмиттэн тутулуктанан, тырааныспар үс көрүҥүн туһанабыт. Кыһын – массыынанан. Сайын – уу суолунан. Суол-иис быстар кэмигэр – авиациянан. Ол иһигэр дьоҕус авиацияны киэҥник туттабыт. Ол курдук, эрдэтээҥи хортуоппуйу, оҕуруот аһын бэйэбит уу аалларбытынан хотугу улуустар кииннэригэр, бириистэннэригэр сүөкээн баран, суола-ииһэ суох ыраах нэһилиэктэргэ Ан-2 сөмөлүөтүнэн тиэрдэбит. Холобур, 2019 с. 19 нэһилиэккэ 113 т оҕуруот аһын, 153 т социальнай суолталаах аһы-үөлү тиксэрбит буоллахпытына, 2022 с. 38 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 245 т оҕуруот аһа уонна 221,30 т ас-үөл тириэрдилиннэ.
Чэпчэки сыаналаах, сымнаҕас олбохтоох оптуобустар
Өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө Дьокуускай куорат оптуобустарын пааркаталаппа саҥардылынна: РФ бырамыысыланнаһын уонна эргиэнин министиэристибэтин бырагырааматын өйөбүлүнэн 100 саҥа оптуобус атыылаһыллан, дьону тиэйэр-таһар көлөнү сөргүтүүгэ туһуламмыт бырайыак кылгас кэм иһигэр олоххо киллэриллэрэ ситиһилиннэ. Саҥа оптуобустар кэлэннэр, түөрт хайысханан улуустарга быстыбат сырыы олохтонно. Куорунай, Нам, Хаҥалас уонна Чурапчы улуустарын олохтоохторо сымнаҕас айаннаах оптуобустары хайгыыллар уонна тарыып чэпчэкититтэн астыналлар.
Тиэхиньикэни көрүүгэ дойду үрдүнэн уларытыыны киллэрии саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ уһук хотугу улуустарыгар тиэхиньикэни көрүү КамАЗ массыына базатыгар оҥоһуллубут көһөрүллэ сылдьар диагностыыр пууннары туһанан ыытыллар. Маннык ньыманан 600-чэ тимир көлө, ол иһигэр хоту таһаҕаһы тиэйиигэ сылдьар ыраах, уһун айан массыыналара тэхиньиичэскэй көрүүнү аастылар.
Нарыйаана Бурцева, Чурапчы сэлиэнньэтин олохтооҕо, икки оҕолоох ыал ийэтэ:
– Быйыл саас Өрөспүүбүлүкэ күнүттэн саҕалаан биһиэхэ, Чурапчыга, Аллараа Бэстээхтэн Дьокуускайдааҕы оптуобус тэрилтэтин 206-с №-дээх маршрута сылдьар буолла. Өрүһүнэн кыһыҥҥы суол аһылыннаҕына, киин куоракка тиийэ сылдьыахтаах. Сарсыарда аайы 7 чааска “Маарыкчаан” атыы-эргиэн киинин таһыттан хоҥнор. Онтон дьону аҕалан баран, киэһэлик эмиэ Бэстээхтиир. Кыраапыгын чуолкайдык тутуһарын уонна сыаната чэпчэкитин иһин дьон сөбүлээн айанныыр. Чурапчы уонна Аллараа Бэстээх икки ардыгар билиэт сыаната – 450 солкуобай. Аара Муҥудайга, Нуораҕанаҕа, Төҥүлүгэ, Тумулга тохтоон, дьону ылар, түһэрэр. Кондиционердаах, сымнаҕас олбохтоох, солуона мэлдьи ыраас буолан, наһаа астык. Дьон туһугар оҥоһуллубут дьиҥнээх көмө диэн айаннаабыт барыта махтанар. Чурапчылар аспаал суолланан, оптуобус сырыыта олохтонон, чахчы-бааччы абыранныбыт.
Василий Никифоров
(СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ түмпүт дааннайдарынан).