Туллуктар

Үрүҥ кылбаа туллуктар

Үрүмэччи курдуктар,

Харалдьыкка, хаар кыырпаҕар

Хамныы-хамныы дайбыттар.

Туллуктар, туллуктар,

Туртас кыыллыы дайаҕыт,

Куба буолан ылаҕыт,

Мөһүүрэлии оонньуугут.

Үрүҥ сымыыт толбонун

Сүгэн, кэтэн сүүрэҕит,

Сылаас, сырдык кэмнэри

Сыһан-соһон иһэҕит.

Кыһын кыыдаан тымныыны

Кыайа-хото кыйдыыгыт,

Туллук түһэр хаарыныы

Тула мэлдьи сырдыыгыт.

Ойор күннээх саастарым

Оһуор-мандар чөмчүүктэрэ,

Оҥой-соҥой кэмнэрим

Тохтор көмүс күннэрэ.

Саас ылар кэмнэрин

Сатаан ыраах ыытаҕыт,

Сүрэх аалар ыарыытын

Сүтэрэрдии сүүрэҕит.

Туллуктар, туллуктар –

Уоскуйбат сүрэхтэр,

Оҕо сааһым чөмчүүктэрэ,

Түүҥҥү түүлүм аргыстара.

Прокопий Ксенофонтов, Өймөкөөн

Читайте дальше