Томторго «Кыайыы ааҕыыта» аахсыйаны тэрийдилэр

Соторутааҕыта Томтордооҕу бибилэтиэкэҕэ Улуу Кыайыы 79 сылыгар анаммыт «Эйэ холууба – Кыайыы  холууба» диэн аахсыйа5а Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын уонна тыыл бэтэрээннэрин ахтан-санаан аастылар.

Мин бу патриотическай хабааннаах тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыппыттан олус астынным. Бибилэтиэкэ сырдык, киэҥ дьиэтин тас өттүн киэргэтэн дьон-сэргэ болҕомтотун тардар стеллаж ууруллубут. Хас биирдиибит онтон араас кэмнээҕи сэрии туһунан кинигэлэри, суруйааччылар хоһооннорун талан доргуччу аахтыбыт. Оҕо-аймах уонна кэлбит дьон бары тутатына хоһоон ааҕан доргуппуттара кэрэхсэбиллээх. Хас биирдии киһи ол сэрии ыар кэмнэрин, бүтүн норуот бэриниилээх кыаҕын-күүһүн, олохторун толук ууран эйэлээх олох туһугар кыргыспыттары өйдөөн-санаан туран ис сүрэҕиттэн аахта.

Бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ аахсыйаҕа элбэх киһини  кытыннаран төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буоларга, таптал, эйэ, дьоллоох олоҕу түстэһэргэ бэйэлэрин кылааттарын киллэрдилэр. Хас биирдии кыттааччыга бу ураты дьоһун күн буолла. Бибилэтиэкэ үлэһиттэригэр улахан махталбын тиэрдэбин, үлэҕит өссө да арыллан айымньылаах, киэҥ көрүүлээх, ситиһиилээх буолуҥ.

Ньургустаана Дьячкова,  Томтор

 

Читайте дальше