Соторутааҕыта Томторго өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбит, успуорт араас көрүҥнэригэр оҕолору, улахан дьону уһуйбут, Өймөкөөн сирин иккис дойду оҥостубут, СӨ успуордун уонна физическэй култууратын туйгуна Савелий Иванович Оконешников сырдык аатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи хапсаҕай турнира тэрилиннэ.
Күрэхтэһиигэ Дьокуускайтан, Чурапчыттан, Томпоттон, Мэҥэ-Хаҥаластан, Чурапчытааҕы физкультура уонна успуорт институтугар үөрэнэр Үөһээ-Бүлүү, Таатта, Дьааҥы о.д.а. улуустар сүүһүнэн хапсаҕайдьыттара мустан, дьиҥнээх хапсаҕай бырааһынньыгын тэрийдилэр.
Тэрээһин спонсордарынан Өймөкөөн улууһун дьаһалтата, муниципальнай тэриллиилэр дьаһалтара бары уонна Савелий Иванович кэргэнэ Прасковья Оконешникова, улахан уола, Саха сирин көҥүл тустууга хамаандатын сүрүннүүр тириэньэрэ Александр Оконешников, кыра уола Иван уонна кыыстара Майя буоллулар.
С.И. Оконешников дьиэ кэргэнэ аҕаларын туһунан таһаарбыт кинигэлэрин сүрэхтээһин олус иһирэхтик, долгутуулаахтык ааста. Савелий Иванович Өймөкөөн сиригэр олорон чугастык алтыспыт дьонугар бу саҥа күн сирин көрбүт кинигэни бэлэхтээн, тустаахтары олус үөртүлэр.
Өймөкөөн дьоно бу турнирга өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр биир дойдулаахтарбыт кэлэн күрэс былдьаспыттарын олус астынныбыт.
Ол курдук, хапсаҕайга Саха сирин успуордун маастардара Александр Семейщиков, Павел Березкин, тустууга РФ уонна СӨ успуордун маастара Любомир Ашеин, хапсаҕайга, тустууга ааттара номнуо дорҕоонноохтук ааттанар эдэр тустууктар Алексей Канаев, Алексей Репин, Айтал Громов, Алексей Вензель о.д.а хапсаҕайдьыттар кэлэн кытыннылар. Манна даҕатан эттэххэ, Алексей Вензель аҕата анал байыаннай эпэрээссийэҕэ Аҕа дойдутун көмүскүү сылдьан, сырдык тыына быстыбыта.
Успуорт бу көрүҥэ элбэх киһини угуйара аҕа ууһунан кыттыбыттара да көрдөрөр. Ол курдук, Үчүгэйтэн Любимовтар аҕа уустарыттан 7 хапсаҕайдьыт кииристэ: Ефрем Любимов, бэйэтин кэмигэр тэҥнээҕин булбатах Прохор Громов уолаттара Айтал, Айсаан Громовтар, Алмаз, Чингиз Егоровтар, Сулус Казарин уонна сиэн уол Агмал Николаев хабыр хапсыһыыны көрдөрдүлэр.
Маны тэҥэ Өймөкөөнтөн бэтэрээн-тириэньэр Василий Петрович Борисов сиэннэрэ, бырааттыы Олег, Алексей Княжевтар уонна Петр Борисов кытыннылар. Бырааттыы Петр, Давид Атласовтар, бырааттыы Михаил Вензель, Василий, Саша Винокуровтар о.д.а. аймахтыы тустууктар элбэхтэр.
Көрөөччүлэр оҕолор тустууларын таһыма үрдээбитэ харахха быраҕылларын бэлиэтээтилэр. Хапсыһыылаах илин-кэлин түсүһүү, харбас харбаһыы түмүгэр ким күүстээх, ол кыайда. Ыйааһын аайы кыайыылаахтар, призердар билиннилэр. Наҕараадалааһын туспа үөрүүнү бэлэхтээтэ.
Дьэ, онтон муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар түгэн үүннэ.
Улахан ыйааһыҥҥа 8, кыра ыйааһыҥҥа 17 уонна оҕолорго 13 хапсаҕайдьыт суруттарда.
Тыҥааһыннаах киирсиилэр кэннилэриттэн, улахан ыйааһыннаахтарга ыалдьыппыт СӨ тустууга алта төгүллээх чөмпүйүөн, СӨ хапсаҕайга чөмпүйүөнэ, Мэҥэ-Хаҥалас хапсаҕайдьыта Константин Власов муҥутуур кыайыылааҕынан тахсан, Томтор нэһилиэгин дьаһалтата туруорбут 50 тыһ. солк. уу харчынан бириэмийэлэннэ.
Кыра ыйааһыннаахтарга эрэллээхтик бэйэбит оҕобут, билигин Дьокуускайга олорор Алексей Вензель кыайыыны ситиһэн, эмиэ Томтор нэһилиэгин дьаһалтата туруорбут 100 тыһ. солк. харчынан бирииһин тутан өрөгөйдөөтө, олохтоохтору улаханнык үөртэ.
Оҕолорго номнуо кэккэ ситиһиилэрдээх кэскиллээх хапсаҕайдьыт Степан Шпнев күүстээх, ааттаах-суоллаах утарсааччыларын хотон, кыайыы өрөгөйүн биллэ уонна олохтоох урбаанньыт Петр Протопопов туруорбут 30 тыһ. солк. бирииһин хаһаайына буолла.
Күндү дьоммутугар — Оконешниковтар дьиэ кэргэннэригэр — маннык үрдүк таһымнаах күрэҕи тэрийбиттэригэр барҕа махталбытын биллэрэбит.
Өймөкөөнү иккис дойду оҥостон, туох баар тэрээһиннэри өрүү өйүүргүтүттэн, уолаттар үгүс күрэхтэргэ Өймөкөөн аатыттан тусталларын истэ-билэ сылдьан, олус астынабыт уонна махтанабыт.
Уопсайынан, бары тэрийээччилэргэ: Томтордооҕу Оҕо-спортивнай оскуолатын үлэһиттэриттэн саҕалаан (дириэктэр Полина Сивцева), икки күнү супту күпсүүрдэргэ оонньоон хапсыһыылары сытыырхаппыт уолаттарга, күрэхтэһии аһыллыытын киэргэппит үҥкүүһүттэргэ, суокка-учуокка олорбут суруксуттарга, волонтердарга, саҥа дикторбытыгар Марианна Ксенофонтоваҕа, Өймөкөөммүт «Көрдүгэнигэр», сэргэх кэпсээннээх комментатор Владимир Саввиновка уонна ыраахтан-чугастан кэлэн кыраһыабай хапсыһыылары көрдөрбүт бары хапсаҕайдьыттарга, кинилэри бэлэмнээбит тириэньэрдэргэ барҕа махтал буолуохтун!
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Люция Егорова, биһиги общ. корр. Томтор