Томтор нэһилиэгин олохтоохторо байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарыгар аһымал көмө аахсыйаларын былырын күһүҥҥүттэн саҕалаан, ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
— Быйыл байыаннай дьайыыга сылдьар саллааттарга анаммыт үөрэнээччилэр суруктарын уонна минньигэс аһы, итиэннэ илии сылааһынан тигиллибит ичигэс таҥаһы, (наскы, үтүлүк, бэргэһэ)о.д.а баһыылка оҥорбуппут. Аҕыс саллаакка баһыылкалары тус аадырыстаан ыыппыппыт. Түөрт уол дойдуларыттан кэһии тутан үөрэн-көтөн биллэрбиттэрэ, онтон атыттар бакаа сибээскэ тахса иликтэр, – диэн Томтор орто оскуолатын социальнай педагога Анастасия Скрыбыкина кэпсээтэ. Кини биһиги хаһыаппыт ааҕааччыларыгар бу үтүө дьыала дьону түмэ тардан, хайдахтаах курдук патриотическай тыыҥҥа киллэрбитин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Олунньуга буолуохтаах аахсыйабытыгар истиэндэ-быыстапка тэриллиэҕэ. Итиэннэ оскуола үөрэнээччилэрэ биир дойдулаах байыастарбытыгар аахсыйа чэрчитинэн халыҥ кэнбиэрдээх сурук суруйуохтара уонна араҥаччылыыр харысхаллары оҥорон, минньигэс кэһии астаан бэлэмниэхпит.
— Томтор нэһилиэгин олохтоохторо, үтүө дьыалаттан туора турбакка, саллаат уолаттарбыт наадаларыгар анаан харчы хомуйуутугар кыттыһаллар. Ити курдук Кыайыы туһугар улаханныын-кыралыын СВО-ҕа өйөбүл оҥоһуллар, норуот күүһэ – көмүөл күүһэ диэн мээнэҕэ эппэттэр, — диэн түмүктээтэ актыбыыс, бэтэрээн-учуутал А.И. Скрыбыкина.
Евдокия Егорова
Сиһилии «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕыҥ