Томтор нэһилиэгин култуура дьиэтигэр 46-с айар сезон аһыллыыта олохтоохтору сэргэхситтэ.
Бу дьоро киэһэҕэ култуура үлэһиттэрэ көрөөччүнү уруйдаан-айхаллаан, «Мин кыракый дэриэбинэм» диэн эҕэрдэ кэнсиэр тэрийдилэр. Бу истиҥ тэрээһиҥҥэ Томтордооҕу норуодунай тыйаатыр үлэһиттэрэ көхтөөхтүк кытыннылар. Ону тэҥэ В.П. Кривошапкин аатын сүгэр оҕо Ускуустубатын оскуолатын уһуйуллааччылара уонна самодеятельнай артыыстар Дмитрий Винокуров, Александр Петров, Николай Скрыбыкин-Тыа уола, Алена Ксенофонтова уо.д.а. ырыаларын бэлэх ууннулар.
Бу күн кулуупка 60-тан тахса көрөөччү дуоһуйа сынньанна.
Кэнсиэр иннинэ фойеҕа «Көмүс күһүн быйаҥа» диэн атыы-тутуу дьаарбаҥката тэриллэн, иһийэн турбут кулууп дьиэтэ сэргэхсийэ түстэ. Манна тууһаммыт оҕуруот аһа, соҕотуопкаламмыт ас-үөл, кус, балык, эмтээх от, бурдук ас эгэлгэтэ, барыанньа эриэккэһэ тэлгэннэ.
— Бу тэрээһиҥҥэ кыттыбыт дьоммутугар, нүөмэрдэри бэлэмнэспит үлэһиттэрбитигэр, кэнсиэрпитин иилээн-саҕалаан ыытыспыт кэрэ аҥаардарбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит, – диэн түмүктээтэ иһитиннэриитин кулууп уус-уран салайааччыта Евдокия Готовцева.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Евдокия Егорова