Соторутааҕыта Томтордооҕу бибилэтиэкэ дьиэтигэр бэрт истиҥ, сылаас иэйиилээх көрсүһүүгэ сырыттыбыт.
Ол курдук бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ тэрээһини саха норуодунай суруйааччыта, тапталлаах бэйиэппит Наталья Михалёва-Сайа үбүлүөйдээх сылын чэрчитинэн тэрийэн ыыттылар. Бу күн ааҕар балаҕаҥҥа кини айар үлэтигэр сүгүрээччилэр мустан, РФ үтүөлээх учуутала М.П. Боярова бэртээхэй кэпсээнин дуоһуйа иһиттибит.
Мария Поликарповна олус истиҥник бэйиэт олоҕун, төрүччүлэрин, айар үлэтин туһунан сиһилии билиһиннэрдэ. Кини Сайа хоһооннорун ааҕан иһитиннэрбитэ барыбыт дууһатын дириҥник долгутта. Наталья Михалёва хоһоонноро судургу, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийимтиэ тылынан суруллубуттара ааҕааччыны бэйэтигэр тардар уратылаахтар.
Оттон сэһэннэрэ дьиҥнээх олоххо олоҕуран суруллубут буолан, ааҕааччы айымньыны биир тыынынан ааҕар. Н.В. Михалёва-Сайа Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр бүтүн ыал суорума суолламмытын туһунан суруйбут “Алаадьы” сэһэнин Мария Поликарповна ис сүрэҕиттэн иэйэн туран аахпыта, ама, хайдах киһини долгуппат буолуой?!
Дириҥник ытыктыыр киһибит М.П. Боярова Саха сирин биир талааннаах суруйааччытын, бэйиэтин, суруналыыһын, СӨ култууратын туйгунун Наталья Михалева-Сайа айар үлэтигэр толору билиһиннэрбитигэр махтанабыт. Маннык тэрээһиннэр дьон-сэргэ айар куттаахтар олохторун-дьаһахтарын, айар үлэлэрин чугастык ылыналларыгар суолталара сүҥкэн буолара саарбахтаммат.
Розалия Готовцева,
култуура бэтэрээнэ, Томтор