Сотору Томтор нэһилиэгэр оҕо былаһааккатын арыйыы былааннанар. Бу туһунан эрэдээксийэҕэ Өймөкөөн улууһунааҕы социальнай көмүскэл Управлениетын социальнай педагога Виктория Кривошапкина иһитиннэрдэ.
— Самаан сайын салаллыбытынан Томторго сотору кэминэн үөрэх тэрилтэлэрэ оҕо күнүскү сынньалаҥын тэрийиэхтэрэ. Быйылгы былаанынан 20-чэ оҕоҕо диэри сайаапка ылыахтаахпыт. Бастакы сезоҥҥа 20-чэ, иккис сезоҥҥа эмиэ оччо оҕо сылдьан сынньаныаҕа, – диир Виктория Викторовна. – Сайыҥҥы лааҕыр Томтор сэлиэнньэтигэр иллэрээ сылтан үлэтин саҕалаабыта. Быйыл манна эбии дьарык куруһуогун тэрийбиппит иккис сыла буолар. Күнүскү лааҕырбыт түөрт хайысхаҕа арахсан үлэтин тэрийэр былааннаах.
Быйылгы сезоҥҥа лааҕыр социальнай педагогтара: Мария Винокурова, Анатолий Мергинев, Любовь Скрыбыкина, Айталина Слепцова оҕолору кытта үлэлэһиэхтэрэ, диэн билиһиннэрдэ Виктория Викторовна.
Бу туһунан «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕыҥ
Евдокия ЕГОРОВА