Тоҕус төгүл тоҕо: “балбаах сокуона” кимиэхэ уонна хаһан хайдах суоһууруй?

Быйылгыттан, норуокка биллэринэн, “балбаах сокуона” күүһүгэр киирбитэ. Ол гынан баран, билиҥҥэ диэри мунаахсыйааччы уонна иккис өттүттэн булкуйааччы, төттөрүтүн “эрдээччи” элбэх. Онон сиэттэрэн, Россельхознадзор Амур уобалаһыгар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр салалтатын судаарыстыба бэтэринээрийэ өттүттэн хонтуруолун уонна кэтэбилин отделын начаалынньыгын солбуйааччы Анна Иннокентьевна Старкованы көрсөн, дьону-сэргэни долгутар ыйытыыларга хоруйдууругар көрдөстүм.

1. Өскөтүн, сүөһүлээх киһи хаһаайыстыбатыгар баар ноһуому, киини сүөһү иитиитин ойоҕос бородууктата буолар диэн быһаарыммыт буоллаҕына, тугу гыныахтааҕый?

– Туһааннаах сокуоҥҥа олоҕуран, ол туһунан ойоҕос бородууктаны мунньар былаһаакката баар сиригэр сыһыаннаах Россельхознадзор территориальнай управлениетыгар биллэриэхтээх. Кинини ким даҕаны күһэйбэт, бэйэтэ быһаарыы ылынар. Арассыыйа Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бирикээһинэн биллэриини (иһитиннэриини) биэрии бэрээдэгэ, болдьоҕо уонна киэбэ олохтонон тураллар. Араас ньыманан биллэриэххэ сөп. Биллэрии электроннай киэбэ 2024 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри оҥоһуллуо. Сыл аайы үүнэр сыл бастакы күнүгэр диэри, ол эбэтэр эһиилгини 2023 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри биллэриллиэхтээх. Саҥа сокуону олоххо киллэрии саҕаламмыт быыһык кэмэ буолан, быйыл ыам ыйын 1 күнүгэр диэри биллэриллиэхтээх этэ.

2. Өскөтүн, биллэрбэтэххэ туох буоларый?

–  Сокуон сүөһү-көтөр ноһуомугар, сааҕар сыһыаннаах хас даҕаны статуһу көрөр. Ноһуому уонна сааҕы тута тобоҕунан билиниэххэ сөп. Оччоҕуна лиссиэнсийэ толороҕун, тобох тулалыыр эйгэҕэ мөкүтүк дьайарын иһин олохтоммут төлөбүрү киллэрэҕин уонна тобохторго сыһыаннаах ирдэбиллэри толороҕун. Тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччу ойоҕос бородууктанан билинэр түбэлтэтигэр бу кэпсэтэ олорор сокуоммут ирдэбиллэрин толорор. Онон талар кыах баар. Сүөһү иитиитин ойоҕос бородуукталарын туһунан сокуон тыа хаһаайыстыбатын уратытын аахсарынан, тыа дьонугар ордук чугас. Итиэннэ Россельхознадзордуун үлэлэһэр буоларыҥ эмиэ кырата суох суолталаах. Бэтэринээрийэ хараҕын далыттан көрдөххө, бу тэрилтэ бүгүн, бэлиэр, сүөһүнү-көтөрү хайдах көрөрү-харайары уонна тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сирдэргэ уоҕурдууну туһанары хонтуруоллуур. Онон ойоҕос бородууктаны туһаныыны кэтээн көрүү бу биэдэмэстибэ илиитигэр бэриллиэхтээҕэ дьэҥкэ.

3. Ханнык түбэлтэҕэ ноһуому бааһынаҕа киллэрии кэһиинэн ааҕылларый?

– Кунуска кубулуйа, буордуйа илик ойоҕос бородууктаны бааһынаҕа, оҕуруокка киллэрии кэһиинэн ааҕыллар.

Ойоҕос бородуукта көрдөрүүлэрэ РФ бырабыыталыстыбатын 2022 сыл алтынньы 31 күнүнээҕи 1940-с №-дээх уурааҕар олохтоммут нормативтарга сөп түбэһэр, куттала суох эрэ буоллахтарына, буор (сир) үүнүүнү биэрэр өҥүн тупсарарга туттуллуохтаах. Ити уураахха суруллубут ирдэбилинэн буордуйбатах, кунуска кубулуйбатах сүөһү даҕаны, көтөр даҕаны хойууларын оҕуруокка, бааһынаҕа киллэрэр көҥүллэммэт.

4. Ноһуому кунуска кубулутарга хайдах ньыманы дуу, технологияны дуу туһаныахха сөбүй?

–  Үөһэ таарыллыбыт уураахха сүрүн ньымалар ыйыллаллар: уһуннук сытыаран күҥкүтүү, компостааһын (буору, торфаны, үүнээйи тобоҕун кытта булкуйан, мэһийэн уоҕурдуу оҥоруу), анал препараттары туттан кунуска кубулутуу. Ханнык ньыманы туһанарын сүөһүлээх киһи бэйэтэ быһаарар. Ол гынан баран, ханнык баҕарар ньыманы талбытын даҕаны иһин, куттала суох буоларын ситиһиэхтээх. Ону бигэргэтэр инниттэн көҥүллээх лабораторияҕа чинчийтэрэн, боротокуоллуохтаах. Бу дьайыы ойоҕос бородууктаны бааһынаҕа, оҕуруокка киллэриэх иннинэ оҥоһуллуох тустаах.

5. Ойоҕос бородууктаны уурар-харайар миэстэҕэ туох ирдэбиллэр баалларый?

– Уурар-харайар миэстэ диэн аналлаах былаһаакка. Сокуоҥҥа хос ылыныллыбыт аакталарынан ирдэбиллэр олохтонон тураллар. Итинник былаһааккалар бетону кутан, бөлүөҥкэ матырыйаалы бэйэ-бэйэтигэр быыһа суох сыһыаран, тэлгээн оҥоһуллуохтарын сөп, ону тэҥэ былаһаакка түгэҕэр туой буору 20 см итэҕэһэ суох халыҥнаах гына сыбаан оҥоһуллар. Сүрүнэ диэн, туһаныллар былаһаакка тулалыыр эйгэни киртитиэ, ол иһигэр сүөһү-көтөр иигэ-сааҕа ардах-хаар уутун кытта сүүрүгүрэн, күөлгэ, үрэххэ, өрүскэ түһүө суохтаах. Биллэн турар, ойоҕос матырыйаал туолан, аһара барара сатаммат. Анал былаһаакка оҥоһуутугар тэхиньиичэскэй ирдэбиллэр олохтоммотулар. Тутуу нуормаларыгар уонна быраабылаларыгар ыйыллар тэхиньиичэскэй ирдэбиллэри тутустахха сөп буолар.

6. Былаһааккаҕа сүөһү уонна көтөр хойууларын харайыы болдьоҕо бачча буолар диэн быһыллыбыта дуо?

– Биир саамай тарҕаммыт ньыманан компостааһын буолар. Ол эбэтэр ноһуому кунуска кубулутар дьайыы тута саҕаланар. Тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ сезонтан тутулуктаах буолан, уоҕурдуу сылга иккитэ, саас уонна күһүн, киллэриллэр. Компостааһын, үгэс курдук, 5-6 ый салҕанан барар. Ким эрэ түргэн ньыманы талар. Оччоҕо анал тиэхиньикэни уонна тэрили туттар. Булкуйуу суотугар компостааһын хаамыыта түргэтиир, кунус оҥоруу болдьоҕо 1,5-2 ый кылгаан биэрэр. Хатылаан эттэхпинэ, оҥорон таһаарааччы бородууктата буорга киирэрэ уолдьаспытын лабораторияҕа тургутан бигэргэттэриэн наада.

7. Ойоҕос бородууктаҕа сыһыаннаах ирдэбиллэри кэстэххэ, ыстарааптыыллар дуо?

– РФ Административнай быраабы кэһиилэр тустарынан кодексыгар уларытыылар Госдумаҕа көрүллэ сылдьаллар. Ол эрээри, тэрилтэлэр холкутуйуо суохтаахтар. Сокуон быыһык кэми олохтооботоҕо. Онон, төһө эрэ кэм устатыгар ыстараап суоҕун туһанан, тэрилтэлэр бэлэмнэнэ таарыйа сыыһаларын-халтыларын көннөрүнэллэригэр, докумуоннарын ирдэбиллэргэ сөп түбэһиннэрэллэригэр, Россельхознадзортан сүбэ-соргу ылалларыгар баҕарабын.

Административнай ыстарааптар, эппитим курдук, кодекска көннөрүүлэр күүстэригэр киирбиттэрин кэнниттэн биирдэ олохтонуохтара. Ыстарааптар кээмэйдэрин Административнай кодекс сүөһү иитиитин тобоҕо тулалыыр эйгэни дьүдьэтэриттэн харыстыыр туһунан сокуонун кэһии иһин көрбүт таһымынан быһарга былаанныыллар. Саҥа сокуон административнай ыстараабы тэҥэ ойоҕос бородууктаҕа туруоруллар ирдэбиллэри кэһэр түбэлтэҕэ тобоҕунан билинэргэ күһэйэр. Оччоҕуна сүөһүнү-көтөрү бас билээччи тулалыыр эйгэҕэ мөкү дьайыы иһин бүддьүөккэ төлөбүр киллэрэригэр тиийэр.

8. Саҥа сокуон кэтэх хаһаайыстыбалаах ыаллары таарыйыа дуо?

– Суох. Сокуон кэтэх хаһаайыстыбалаахтарга тарҕаммат.

Саҥа сокуон юридическай сирэйдэр (тэрилтэлэр), урбаанньыттар уонна бааһынай хаһаайыстыбалар сүөһү-көтөр хойуутун харайалларыгар сыһыаннаах кыһалҕалары быһаарыыга туһуланар.

Маныаха кэтэх хаһаайыстыбалар инникитин үлэлэрин-хамнастарын кэҥэтиэхтэрин, урбаанньыт эбэтэр бааһынай хаһаайыстыба тэриниэхтэрин саныыр буоллахтарына, сокуон ирдэбиллэринэн сирдэтинэллэрэ туһаттан атыны аҕалыа суоҕа.

9. Саҥа сокуон ирдэбиллэрэ мэччирэҥҥэ сылдьар сүөһүлээх уонна ынахтарын сайылыкка таһаарар хаһаайыстыбаларга дьайаллар дуо?

– Сокуон ирдэбиллэрэ сылы эргиччи эбэтэр биһиэхэ, Саха сиригэр, курдук сайыҥҥы ыйдарга эрэ сүөһүлэрин мэччирэҥҥэ тутар хаһаайыстыбаларга тарҕаммат. Сайылык туһунан эмиэ итинник этиэххэ сөп. Сокуон биир сиргэ элбэх сүөһүнү уонна көтөрү иитииттэн мустар ноһуом-саах сүөһү иитиитин ойоҕос бородууктатын быһыытынан билиниллэн, туһаҕа тахсарыгар туһуланарын өссө тоһоҕолоон бэлиэтиэм этэ.

Василий Никифоров

Екатерина Захарова хаартыскаҕа түһэриитэ

Читайте дальше