Төрүттэр киэн туттар дьоннорун үйэтитэллэр

Быйыл ахсынньы 7 күнүгэр Тарын Үрэх-Төрүт нэһилиэгиттэн төрүттээх Арассыыйа үтүөлээх геолога, Үлэ Кыһыл Знамята уордьан кавалера, геологияҕа 40-тан тахса сыл үлэлээбит Арассыыйа чинчийээччилэриттэн биирдэстэрэ Бустенгин Атласов төрөөбүтэ 90 сыла туолар.

Бу суолталаах даатанан сибээстээн, Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи Тамара Васильева геолог Бустенгин Атласов суруктарыгар олоҕуран, дириҥ ис хоһоонноох кинигэни бэлэмнээн таһааран эрэр. Бу күннэргэ Төрүт нэһилиэгин уопсастыбаннаһа нэһилиэктэрин аатырдыбыт, дорҕоонноохтук ааттаппыт дьоннорун үйэтитэн, кинилэр тустарынан матырыйааллары хомуйан, кинигэ таһааран, истиэндэлэри оҥорон, үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдэр соруктаах “Төрүт киэн туттар дьоно – нэһилиэк киэн туттуута” диэн дириҥ ис хоһоонноох «төгүрүк» остуолу тэрийэн ыыттылар. Маныаха араас көрүҥнээх үлэни номнуо тэрийэ сылдьар дьон бэйэлэрин санааларын эттилэр.

Ол курдук, “Чэчир” оҕо саадын сэбиэдиссэйэ, улуус мунньаҕын дьокутаата Уруйдаана Егорова Төрүт нэһилиэгин 5 оҕоттон үөһээ элбэх оҕолоох 30-тан тахса ийэ туһунан Аал Луук Мас моһуонугар хаартыскаларын, төһө оҕолоохторун, туох наҕараадалаахтарын түмэн оҥоро сылдьарын иһитиннэрбитин, мустубут дьон олус үөрэ, долгуйа ылыннылар. Барыта силигин ситтэҕинэ Уруйдаана Васильевна сэтинньигэ Арассыыйа ийэлэрин күнүгэр Төрүт элбэх оҕолоох ийэлэрин Аал Луук Маһын биир дойдулаахтарыгар билиһиннэрэр биһирэмин тэрийэр былааннаах. Маны таһынан, улуус дьокутаата Төрүт олоххо көхтөөх дьахталларын туһунан кинигэ  таһаарар былааннааҕын кэпсээбитэ эмиэ биһирэннэ.

«Төгүрүк» остуол кыттыылаахтара бүгүҥҥү күҥҥэ Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга, ыччакка патриотизмы иитии төрүт түөлбэттэн саҕаланарын бэлиэтээн туран, тыа хаһаайыстыбатыгар, бырамыысалыннаска, үөрэхтээһиҥҥэ, доруобуйа харыстабылыгар, култуураҕа, успуорка уо.д.а. салааларга бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит уонна киллэрэр, төрөөбүт Төрүттэрин аатын өрөспүүбүлүкэҕэ дорҕоонноохтук ааттата сылдьар дьоннорун туһунан үүнэр көлүөнэҕэ бэйэтин биир дойдулаахтарын туһунан билэ-көрө улаатарыгар анаан истиэндэ оҥорон, кулуупка ыйыырга сүбэлэстилэр.

Быйыл от ыйыгар кыраайы үөрэтээччи, учуутал, суруналыыс, Төрүт нэһилиэгиттэн төрүттээх Петр Атласов-Элгиинскэй 90 үбүлүөйдээх сылын туолбут. Онон төрүттэр Өймөкөөн улууһа сайдыытыгар улахан оруоллаах дьоҥҥо – геолог Бустенгин Атласовка уонна учуутал, суруналыыс Петр Атласов-Элгиинискэйгэ анаммыт тэрээһиннэри ыытан, үйэтитэллэригэр улуус олохтоохторугар ыҥырыы ыыталларын биллэрдилэр.

Өймөкөөн улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

Читайте дальше