Сахабыт сиригэр бу дьыл атырдьах ыйын 22 күнүттэн балаҕан ыйын 27 күнүгэр диэри «Отонфест» диэн бастакы патриотическай өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэн бэстибээлэ ыытылынна.
Дьаһал чэрчитинэн С.М. Егоров аатынан Төрүт нэһилиэгин бибилэтиэкэтэ Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар аналлаах «Сайыҥҥы биир күн сылы аһатар» диэн аахсыйа биллэрбитэ.
Ольга Пестерова дьиэ кэргэнэ
Слепцовтар, Егоровтар
Егоровтар дьиэн кэргэн
Махмадиёровтар уонна Свинобоевтар дьиэ кэргэн
Атласовтар
Прокопьевтар
Варвара Дьяконова
Сахаларга дьиэ кэргэнинэн отоннооһун былыр-былыргыттан оҕону үлэ үөрүйэхтэригэр иитэр соруктаах. Оҕо кыра эрдэҕиттэн хантан ас-үөл кэлэрин билиэх тустаах. Холобур, отонноотохпуна утах буһаран иһиэхпит, барыанньа, отонноох бөрүөк оҥостуохпут диэн төрөппүт санааны иҥэриитин кытта туох барыта үлэттэн тахсар диэн өйдөбүлгэ кэлэр.
Төрүккэ быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх сир аһа үүнэн, биһигини өлгөмнүк күндүлээтэ.
Онон, төрүттэр, быйыл дьиэ кэргэнинэн оҕолорун кытта сир аһын хомуйан, кыһыҥҥыга хото хаһааннылар.
Нина Чачуа, бибилэтиэкэр,
Төрүт