Төрүт нэһилиэгин эдэр ыала Егоровтар кэтэх хаһаайыстыба туталлар

Кэнники кэмҥэ эдэр дьон баҕа өттүнэн бэйэ дьыалатын тэринэр буолбуттара  хайҕаллаах суол. Ол курдук, Төрүт нэһилиэгин эдэр ыала – Егоровтар социальнай хантараак көмөтүнэн хаһаайыстыбаларын хайдах тэриммиттэрин туһунан ыал ийэтэ Наталья кэпсээтэ. 

Натальялаах Михаил 2007 сыллаахха ыал буолбуттара. Кинилэр 2020 с. сыспай сиэллээҕи иитэр туһунан толкуйдаммыттара. Эдэр дьон бу баҕа санаатын улуустааҕы социальнай көмүскэллээх буолуу управлениета өйөөбүтэ. Онон ыал биисинэс-былаан көмүскээн, социальнай хантараак түһэрсэр кыахтаммыттара.

Кэргэним Михаил төрөөбүт нэһилиэгэр «Теплоэнергосервис» тэрилтэҕэ хочуолунайга транспортировщигынан үлэлиир. Кини аатыгар социальнай хантараак түһэрсибиппит быйыл төрдүс сыла буолар, — диир Наталья Валерьевна. — Аан маҥнай саҕалыырбытыгар 4 сылгыны ылан ииттибиппит. Онтон 2023 сылга сылгыбыт ахсаанын элбэтээри, өссө иккис социальнай хантарааҕы түһэрсэн, Үчүгэй нэһилиэгиттэн биэс убаһаны атыыласпыппыт.

Дьиэ кэргэн — быстыбат ситим

Бу үлэһит дьон сылгы ииттэллэрин таһынан хаһаайыстыбаларыгар өссө куурусса, хаас, кус туталлар.  Көтөр тыа хаһаайыстыбатын салааларыттан саамай барыстаах, түргэнник ситэр буоларын эдэр ыал сыаналыыр. Ону тэҥэ куурусса этэ, сымыыта доруобуйаҕа туһата сүҥкэн буоллаҕа. Ол иһин Егоровтар көтөрдөрүн ахсаанын өссө элбэтиэхтэрин баҕараллар.

Бэйэбит атын улуустартан сымыыт сакаастаан атыылаһан, инкубаторга туппуппут, — диэн салҕыы сэһэргиир Наталья. – Нэһилиэкпитигэр маннык дьарыктаах дьон эмиэ бааллар, онон уопут да атастаһарга табыгастаах. Биһиги чахчы биһирээбит дьарыкпытын кэҥэтэр былааннаахпыт. Оҕолорбут көтөрү аһаталларын олус сөбүлүүллэр, оттон сүрүн көрүүтэ-харайыыта — аҕаларыгар. Итини тэҥэ сайын аайы оҕуруот аһын олордобут. Бэйэ оҕуруотуттан экология өттүнэн ыраас үүнээйини дэлэйдик үүннэрэн оҕолорбутугар сиэтэбит, аймахтарбытын күндүлүүбүт.

Миша хаһаайыстыбатын көрөр-истэр

Бу ыал быыс буллулар эрэ дьиэнэн “Төрүт Арыыта” диэн өбүгэ сиригэр тахсан сынньанан, сир астаан, бултаан, балыктаан киирэллэрин олус сөбүлүүллэр.

Оҕолоро төрөппүттэрин үтүө холобурун батыһан, тыа сирин олоҕор, үлэтигэр кыра саастарыттан сыста үөрүйэхтэрэ олус кэрэхсэбиллээх.

Евдокия Егорова

 

Читайте дальше