Быйыл Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар анаммыт араас ис хоһоонноох тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытыллаллар.
Төрүт нэһилиэгин Социалистическай Үлэ Дьоруойа Герасим Кривошапкин аатынан орто оскуола иккис сылын муус аннынан балыктааһыҥҥа дьиэ кэргэттэр күрэстэрин ыытар.
— Оскуолабыт аатырбыт сылгыһыт Герасим Кривошапкин аатын сүгэр буолан, бастакы тэрээһиммит былырыын кини үбүлүөйдээх 115 сылыгар анаммыта. Онно былырыын аҕыс хамаанда кыттыбыт буоллаҕына, быйыл 13 хамаанда кыттынна. Сүрүн сорукпут – дьиэ кэргэннэри түмэн, оҕолорбутун айылҕаҕа, үгэс буолбут үлэҕэ сыһыарыы, — диэн оскуола дириэктэрэ Гаврил Павлуцкай анаан бэлиэтээн эттэ.
1-кы бочуоттаах миэстэни 4-с кылаас үөрэнээччитэ Байдам Беляев дьиэ кэргэнэ, иккиһи – 9-с кылаас үөрэнээччитэ Михаил Атласов дьиэ кэргэнэ, 3-с миэстэни 11-с кылааска үөрэнэр Динара Шестопалова дьиэ кэргэнэ ыллылар.
Кэрэхсэбиллээҕэ баар, Төрүттэн төрүттээх Уус-Ньараттан Егоровтар уонна Дьокуускайтан Саввиновтар уоппускаларыгар анаан муус аннынан балыктыы кэлбиттэр. Кинилэр эмиэ хамаанда туруоран, кытыннылар. Онон тэрээһин улуустааҕы да, өрөспүүбүлүкэтээҕи да таһымнанна диэххэ сөп.
Бу күннэргэ Индигир Эбэ “Кэрэчээнэ” диэн олохтоохтор таптаан ааттыыр сирдэрэ оҕолуун, ийэлиин-аҕалыын, эбэлиин-эһэлиин — киһи толору. Бу — Төрүт нэһилиэгин олохтоохторо оҕолорун бэрт кыраларыттан муус аннынан балыктааһыҥҥа үөрэтиилэрин түмүгэ. Аны манна бу бэртээхэй күөн күрэһи эбэн кэбис!
Хаартыскаларга: “Кэрэчээнэ” Төрүт балыксыттарын түмпүт дьоро түгэнэ.
Елена Потоцкая