Төрүт бэтэрээннэрэ дууһаларынан өрүү эдэрдэр

Бу күннэргэ Төрүт нэһилиэгэр  Пантелеймон Туласынов аатынан култуура дьиэтигэр  «Дууһалыын өрүү эдэрдэр» диэн дьоро тэрээһининэн аҕам саастаахтар дэкээдэлэрин үөрүүлээхтик түмүктээтилэр.

Саастаах дьоҥҥо анаммыт дэкээдэ улуус бу биир көхтөөх нэһилиэгэр бэрт сэргэхтик ааста. Ол курдук, үлэ бэтэрээннэрин дьиэлэригэр бибилэтиэкэ дэсээнэ, оскуола оҕолорун «Бэтэрээннэр – биһиги болҕомтобутугар» диэн аахсыйалара, Култуура дьиэтин үлэһиттэрин Аҕам саастаах дьон күннэригэр анаммыт дьоро киэһэлэрэ бэрт дириҥ ис хоһоонноохтук ааста.

Бастатан туран, маннык тэрээһиннэри ыытыы сүрүн соруга – аҕам саастаах дьоммутугар болҕомтону ууруу. Бу бырааһынньык ытык дьоҥҥо истиҥ махтал тылларын этэргэ бэртээхэй түгэни бэлэхтиир, — диэн бэлиэтээтэ Пантелеймон Туласынов аатынан Култуура дьиэтин дириэктэрэ, үөрүүлээх тэрээһини тэрийээччи Надежда Босикова.

Бырааһынньык бырагыраамата дириҥ ис хоһоонноохтук толкуйдаммытын бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол курдук, “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” диэн рецепт күрэһигэр Анна Березкина тэҥнээҕин булбата. Оттон Акулина Егорова “Нарьян Мар”,  Афанасий Гермогенов “Ийэбэр”, Ульяна Слепцова “Барар суолбун маныыллар…”  диэн “короннай” ырыаларын бу киэһэ анаан көрдөһөн ыллаттылар.

Бибилэтиэкэр Нина Чачуа төрүттэр киэн туттар биир дойдулаахтарын – кыраайы үөрэтэр суруналыыс Петр Атласов-Элгиинискэй, Арассыыйа үтүөлэх геолога Бустенгин Атласов тустарынан олус дириҥ ис хоһоонноох викторинаны бэлэмнээн, бэрт элбэҕи билбэттэрин арыйда. Холобура, Бустенгин Атласов Чукоткаҕа ийэтин аатынан “Мармихат” (Мария Михайловна Атласова) уонна Төрүт аатынан “Териндой” диэн үрэхтэри ааттаан анал каартаҕа киллэттэрбит эбит.

Аҕам саастаах дьон күнэ биһиэхэ биир саамай суолталаах күн буолара чуолкай. Маннык ыраас, сырдык көрсүһүүлэр киһи киһиэхэ үтүө сыһыанын арыйаллар, эдэр сааспытын төнүннэрэллэр. Биһиги олохпутугар маннык чаҕылхай бырааһынньыктар элбии тураллара буоллар”, — диэн бэлиэтээтилэр үлэ бэтэрээннэрэ Афанасий Гермогенов уонна Наталья Атласова.

Билигин Төрүккэ 60-н ааспыт  81 аҕам саастаах  көлүөнэ бэрэстэбиитэллэрэ олороллор. Түөрт тыыл бэтэрээнэ баар. Быйыл 10 киһи 65 сааһын туолар үбүлүөйүн бэлиэтээтэ.  Бу аҕам саастаах дьон Төрүт нэһилиэгин кэскилин түстээн, олоҕу хамсатар, нэһилиэк дууһата, өйө-санаата, киэн туттуута буолан олорор дьон. Кинилэргэ кытаанах доруобуйаны, өрүү бүгүҥҥү курдук уопсастыбаннай олоххо көхтөөхтүк кыттыһан, инники күөҥҥэ сылдьалларыгар баҕарабыт.

Елена ПОТОЦКАЯ

Читайте дальше