“Төрүт нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатын аҕа баһылыга Владимир Алексеев иһитиннэрбитинэн, бу стеланы туруоруу өрөспүүбүлүкэтээҕи олохтоох көҕүлээһини өйөөһүн бырагырааматын (ППМИ) иитинэн барар.
ППМИ усулуобуйатынан, тыа сирин дьоно чуолаан бөһүөлэккэ олоҕу тупсарыыны көҕүлээһининэн бу бырайыакка кытталлар. Онон саҥа стеланы бөһүөлэктэн чугас, ыһыахтыыр сир таһыгар туруордулар.
— Биһиги “Халыма” федеральнай трассатыттан Төрүт нэһилиэгэр арахсыыга турар стелабытын эмиэ саҥардар былааннаахпыт. Бу үлэни кэлэр сылга олохтоох бүддьүөт үбүттэн тэрийиэхпит, — диир баһылык Владимир Петрович. – Оттон саҥа стела дизайнын Дьокуускайга “Ректайм” хампаанньаҕа сакаастаан оҥоттордум. Туруоруутугар олохтоох дьон Степан Березкин, Юрий Неустроев, Владимир Прокопьев үлэлээтилэр. Бу тутуубут уоттаах-күөстээх буолуоҕа, ону оҥорууга Александр Атласов ылсыаҕа, оттон Степан Кривошапкин остуолба дьааматын хаһыаҕа. Кэлэр нэдиэлэҕэ бу үлэ түмүктэниэхтээх.
Нэһилиэк баһылыга В.П. Алексеев Төрүт нэһилиэгиттэн төрүттээх таксиһынан үлэлиир Рустам Атласовка хаһыат нөҥүө улахан махталын тириэрдэр. Эдэр киһи төрөөбүт дойдутун туһугар кыһаллан стеланы аҕалыыга, кабель, лаампа тиэрдиигэ күүс-көмө буолбутун нэһилиэк салалтата тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Любовь Кривошапкина