Саха дьонугар-сэргэтигэр үрүҥ тунах ыһыах — саамай күүтүүлээх күндү кэммит. Бу Үрүҥ Айыылартан көрдөһөн-ааттаһан алгыс ылар, куттуун-сүрдүүн ырааһырар, үрүҥ илгэни сомсор үтүөкэн кэммит буолар.
Соторутааҕыта Төрүт нэһилиэгэр самаан сайыны уруйдуур үрүҥ тунах ыһыах ыһылынна, онно «Арчы» ыраастаныы сиэрэ-туома буолла. Түһүлгэҕэ ыалдьыттар тоҕуоруһа мустан көрү-нары көҕүлүттэн, ырыаны-тойугу оройуттан туттулар, бастыҥнары бэлиэтээтилэр. Ыһыахпыт Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар ананна. Быйыл аан бастакытын түһүлгэбитигэр күн көрсүүтүн сиэрэ-туома ыытылынна. Ыһыах күн бары үгэһи тутуһан алгыс тыл этилиннэ, түптэ буруота унаарыйда, кэлбит ыалдьыттары алгыстаах алаадьынан, уохтаах кымыһынан, эмис этинэн күндүлээтилэр. Ол кэнниттэн араас күрэхтэр ыытыллан, дьон-сэргэ ону сэргии-кэрэхсии көрдө. Күммүт да туран биэрдэ.
Дьиэ кэргэн национальнай көстүүмүгэр, «Сандалыга» (сахалыы астаах остуол) куонкурустар, өбүгэ төрүт оонньууларыгар уонна араас спортивнай күрэхтэр буоллулар.
Итини тэҥэ 55-н үөһэ саастаах дьоҥҥо сахалыы көстүүм көрүүтэ тэрилиннэ, онно алта аҕам саастаах киһи кытынна. Өссө «Сайылык ыала» диэн ааттаах дьиэ кэргэн күрэҕэ буолла. Хас биирдии ыал дьоно национальнай көстүүмнэрин кэтэн хааман көрдөрдүлэр. Бу күрэххэ 7 дьиэ кэргэн кыттыыны ылла. Кыайыылааҕынан Атласовтар дьиэ кэргэннэрэ таҕыста.
Урукку сылларга многоборье көрүҥэр күрэхтэр ыытыллар этилэрэ, оттон быйыл тус-туһунан күрэхтэр буоллулар — эр дьоҥҥо таас көтөҕүүтэ, хапсаҕай, ыстаҥа. Онтон кэрэ аҥардарга — сүүрүү, мас тардыһыыта. Успуонсарынан Лоокут Егоров уонна Елизавета Мунгалова буоллулар. Мас тардыһыытыгар кыайыылаахха 5000 солк. бирииһи туттардылар. Оттон таас көтөҕүүтүгэр муҥутуур кыайыылааҕынан Антон Давлюд ааттанан, кини эмиэ 5000 солк сэртипикээтинэн наҕараадаланна.
Бу туһунан сиһилии «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕын
Надежда БОСИКОВА,
култуура дьиэтин дириэктэрэ, Төрүт