Бу күннэргэ Төрүт нэһилиэгэр ыытыллыбыт улуус дьаһалтатын отчуотугар отучча киһи кыттыыны ылла.
ТӨРҮТТЭР кэлиҥҥи сылларга кэлэр-барар бары үрдүк сололоох салайааччыларга кыһын эрэ туттуллар суолу сылы эргиччи (круглогодичный) үлэлиир статустаах буоларыгар туруорсаллар. Былырыын бу боппуруос бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр туран, анал Боротокуолга киллэрбиттэрэ.
Суолталаах докумуоҥҥа киирбит улуус тирээн турар боппуруостарын оннуттан хамсатар инниттэн былырыын сайын уонна күһүн улуус баһылыгын э.т. Александр Иванов уонна оройуоннааҕы олох-дьаһах сайдыытын уонна үлэни-хамнаһы тэрийэр, быраабы хааччыйар сулууспа салайааччыта Василий Поскачин хаһааҥҥытааҕар да ситэриилээх былаас отчуотугар киирбит сүрүн боппуруостары быһаарыыга тустаах министиэристибэлэринэн сылдьан үлэлэспиттэрэ. Ол түмүгэр Төрүт суола сылы эргиччи үлэлиирин туоһулуур докумуон сотору кэминэн оҥоһуллан кэлэрин туһунан Иван Максимов иһитиннэрдэ. Онон быйылгы бырабыыталыстыба отчуотун төрүттэр биир быһаарыллыбыт боппуруостаах көрсүөхтэрэ.
УЛУУС мунньаҕын дьокутаата Уруйдаана Егорова уһуйаан тиэргэнигэр туга-ханныга биллибэт боробулуоха бэрт өр ыйанан турарын, ону ким быһаарарын туоһуласта. «Сотору оҕолор таһырдьа күүлэйдии тахсыахтара. Ити боробулуохаттан уокка да оҕустарыахтарын сөп» диэн туран, бу боппуруоһу анал исписэлииһи ыытан, суһаллык быһаарарга көрдөстө. Салгыы кини улуустааҕы киин балыыһа бырааһа Ираида Харлампьеваҕа тустаах салааларынан эмчиттэри ыыта олороругар махтанна. Оттон төрүттэр бэйэлэрин кыыстара, киин балыыһа бырааһа Валентина Кондакова биир дойдулаахтарыгар өрүү өйөбүл буолан, дьонун-сэргэтин көрөн-истэн барарыгар махтал истиҥин тиэртилэр. Сотору кэминэн нэһилиэк амбулаториятыгар уопсай ыарыыны эмтиир быраас ананан кэлиэҕин, тиис эмчитэ бу саас анаан командировкаланан кэлэн үлэлиэҕин туһунан киин балыыһаттан отчуокка кэлбит быраас Наталья Саввинова иһитиннэрдэ.
ИҺЭР УУНУ баһар массыына саппаас чааһа көстүбэккэ, олохтоохтор иккилии хонукка уута суох эрэйдэнэллэрин, «соторутааҕыта оскуола уонна оҕо саада иһэр уута суох хала сыыстылар» диэн этиннилэр. Төрүттэр бэрт судургутук «биһиэхэ саҥа «водовозка наада» диэн улуус салалтатын соһуттулар да диэххэ сөп. Онуоха Иван Максимов сиһилии туоһулаһан билсибитэ – сүүрэ сылдьар массыынаҕа саппаас чаас наада эбит. Салайааччы: «Кыһалҕалаах боппуруоскутун чопчу этинэргэ үөрэниҥ, доҕоттор. Биллэн турар, бүтүн саҥа массыынаны бу үп кырыымчык кэмигэр ким да утары ууна охсуо суоҕа. Эһиги, холобура, «ППМИ» курдук анал бырагыраамаларга киирсэн түргэнник ити көлөнү ылыаххытын сөп. Оттон «уу баһар массыынабытыгар чопчу маннык саппаас чааһы буларга көмөлөһүҥ» диэтэххитинэ, дьыала оннуттан түргэнник хамсыаҕа», —диэн сүбэлээтэ. Кырдыга да оннук ээ. Тустаах боппуруоһу таба туруоруу – кыһалҕаны түргэнник быһаарыыга тиэрдэрэ чахчы.
Бары мунньахтарга санаатын чопчу этэр, үгүс быһаарыыны эрэйэр боппуруостары туруорсар нэһилиэк көхтөөх дьокутаата Октябрина Столярчик: «Олус наадалаах тиэхиньикэ — үс «Беларусь» тыраахтар үс аҥы ыаллар тиэргэннэригэр аһаҕас халлаан анныгар тураллар. Саппаас чаастарын булан өрөмүөннүүр буоллар, олус да абыраллаах буолуо этэ», — диэн санаатын үллэһиннэ.
Педагогическай үлэ бэтэрээнэ Ульяна Слепцова дьиэтэ эргэрбитин бэлиэтээн туран, хаарбах туруктаах дьиэ быһыытынан ааҕыллан, өрөмүөннэниэн сөбүн ыйыппытыгар, «кэтэх дьиэ хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматыгар киирсибэт…» диэн харда бэрилиннэ. Варвара Мордовская түргэнник ситэр салааттан дьиэ кыылын, көтөрү аҕалары туруоруста. Боппуруоһу олохтоох дьаһалта быһаарыахтаах эбит. Салгыы кини тыатааҕыны бултааһыҥҥа көҥүлү ыйыталаста.
Улуус баһылыгын э.т. Иван Максимов дьонун-сэргэтин кытта ирэ-хоро кэпсэтэн, төрүттэр икки чаастан ордук барбыт мунньахтан бэрт элбэҕи билэн тарҕастылар.
Сиһилии «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕыҥ
Улуустааҕы пресс-сулууспа