Биһиги төрөппүттэрбит бары хоһуун үлэһит дьон этилэрэ. Онон сүһүөхтээх бэйэбит хоҥкуйан туран, кинилэргэ ис сүрэхпититтэн махтаныах эрэ тустаахпыт.
Мин Аҕа дойду сэриитэ саҕаланыан иннинэ 1939 сыл ахсынньы 17 күнүгэр төрөөбүтүм. Эдьиийим Акулина Иннокентьевна 1931 сыл бэс ыйыгар, иккис эдьиийим Полина Иннокентьевна 1934 сыл балаҕан ыйыгар төрөөбүттэр. Соҕотох уолбут Кеша 1937 сыллаахха төрөөбүт. Өймөкөөҥҥө 4 саастаах уол кэлсибит уонна ол сыл ыалдьан өлбүт эбит. Билигин сабаҕалаатахха, муҥурдааҕар ас баран…
Аҕам кини туһунан наар ахтар-кэпсиир, оҕотун санаан ытыыр этэ. Биһигини кытта ийэм Аана быраата, хараҕа суох Миичээ олорбута. Кини сэниэ ыалларга имии имитэн, дьоммутугар биһигини атахпытыгар туруоралларыгар көмөлөспүт аҕай киһи буоллаҕа.
Аҕам Өймөкөөн нэһилиэгэр Уус-Ньараттан көһөн кэлбитин иһин “Ньара Элигиэнтэйэ” диэн ааттыыллара. Кэпсээннэриттэн өйдөөтөххө, урукку “Кыһыл сектор” колхуос чилиэннэрэ – аҕаларбыт — бары туруу үлэһиттэр эбит. Кыһын аайы үксүлэрэ тыаҕа бултуу тахсаллар, таба сыарҕалаах буолаллар.
Оттон сайын от үлэтин кытаанаҕа. Мин бэһис кылаас кэнниттэн оттоһор буолбутум. Окко улахан дьону кытта тэҥҥэ сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри үлэлиирбит. Ардахтаах да буоллаҕына син биир ходуһаҕа тахсаҕын. Биһиэхэ бугул маһын бэлэмнэтэллэр этэ. Ол саҕана эрэһиинэ саппыкы диэн суоҕа, онон дьоммут муоһуна диэни кэтэрдэллэрэ. Ол атах таҥаһа нууччалар “лапти” диэннэригэр маарынныыра. Муоһунаны ынах тирииитин тэлэн тэһэн, быатын онно иилэн баран кэтэрдэллэрэ. Ууну ортотунан кэһэ сылдьарбыт. Билигин сааһыран олорон дьиктиргиибин эрэ, хайдах оннук сылдьыбыппытын.
Сэбиэскэй кэмҥэ олорбут кэммитин олус кэрэтик ахтабыт, саныыбыт. Дьон бары үлэни өрө тутан, үөрэ-көтө сылдьара бэрт да буолара. Аны санаатахха, эрэйдээх-мускуурдаах олох биһигини тулуурдаах буоларга үөрэттэҕэ. Дьонум оҕолорун сыллыы-ымманыйа сылдьалларын өйдөөбөппүн. Ол гынан баран, биһигини таптыылларын-харыһыйалларын сэрэйэр буоллахпыт дии.
1931 сылтан саҕалаан Өймөкөөммүтүгэр бастакы оскуолабыт тутуута саҕаламмыта. Элбэх көлүөнэ ыччаты үөрэтэн-такайан, олох киэҥ аартыгар таһаарбыт таптыыр кыһабыт түөрт нэһилиэк эр дьонун күүһүнэн, аҥардас илии үлэтинэн тутутуллан, 1936 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Ол үтүөкэннээх дьоммутун хас биирдиилэрин ааттаан туран, махтаныах эрэ тустаахпыт.
Хаартыскаҕа: Оскуола тутуутугар үлэлээбит дьон 1961 с.
Бастакы эрээккэ олороллор (хаҥастан уҥа): Гермогенов Афанасий Егорович, Смирников Николай Дмитриевич, Старков Егор Андреевич, Иванов Василий Семенович, Слепцов Михаил Яковлевич, Винокуров Яков Константинович, Ефимов Гаврил Николаевич. Тураллар: Сивцев Семен Васильевич, Винокуров Алексей Дмитриевич, Атласов Иннокентий Ильич, Крылов Прокопий Семенович, Ефимов Михаил Константинович, Ефимов Степан Николаевич, Слепцов Михаил Афанасьевич, Слепцов Спиридон Романович.
Элбэхтэн аҕыйах хаалбыт аҕам саастаах биир дойдулаахтарбын, үөлээннээхтэрбин, эдэрчи дьүөгэлэрбин кэлэн иһэр Күөх Маайынан эҕэрдэлиибин! Кэрэ да айылҕалаах үтүө Өймөкөөммүтүгэр өссө да үөрэ-көтө, оҕолорбут, сиэннэрбит тустарыгар олоруохха! Күндүтүк саныыр Өймөкөөнүм дьоно, ытык кырдьаҕастар барахсаттар, бары, этэҥҥэ буолуҥ!
Сиһилии «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕыҥ.
Мария Иннокентьевна Моисеева (Кондакова), 84 саастаах, Өймөкөөнтөн төрүттээх