Төрөөбүт төрүт тылбытын таптыаҕыҥ, харыстыаҕыҥ!

Соторутааҕыта «Саха» НКИХ ханаалыгар «Сахам сирин сарсыардата» диэн быһа биэриини сэҥээрэн көрдүм. Онно Дьокуускай куорат Саха гимназиятын үлэтин-хамнаһын, үгэстэрин билиһиннэрии буолла.

Оскуола үөрэнээччилэрэ бу ураты күнү саха алаадьытын дыргыл сытынан арчыланан көрүстүлэр. Учууталлар «Төгүрүк алаадьы үрүҥ күҥҥэ, төгүрүк алааска тэҥнээх. Маанылаах аспытынан күндүлүүрбүт үгэскэ кубулуйан турар. Бу күнү үөрэн-көтөн, сэргэхсийэн, сахалыы эйгэҕэ көрсөбүт», — диэтилэр истиҥник.  Арыылаах алаадьынан эрэ буолбакка, оҕолору өссө сахалыы баахыланан уонна төрүт үрүҥ аспытынан — күөрчэҕинэн уруйдуу көрүстүлэр.

Түмэл хоһугар талааннаах лингвист Семен Андреевич Новгородовка аналлаах дьоҕус быыстапканы икки учуутал билиһиннэрдэ. Олортон биирдэстэрэ — саха тылын уонна литературатын учуутала Марианна Заровняева. Кини Өймөкөөн орто оскуолатын выпускницата уонна мин кэллиэгэм.  Бу гимназияҕа Марианна Владимировна хаһыс да сылын ситиһиилээхтик үлэлии сылдьарынан биһиги киэн туттабыт.

Салҕыы дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы С.О. Ноев кэпсээнин сэҥээрэн иһиттим.

Тыл күнүн үөрүүлээхтик аһыы модун Арассыыйа Өрөгөй ырыатын истии кэнниттэн саҕаланна. Оҕолор олус үчүгэйдик саха тылын туһунан доргуччу хоһоон аахтылар. Биһирээбитим диэн, кылаастар сахалыы таҥастара бары тус-туспа моһуоннаах, оһуордаах-мандардаах.

Линейка кэнниттэн успуорт саалатыгар «ҺӨҔҮҤ» диэн ааттаах флешмоб ыытылынна.

Биэрии бүтүүтүгэр устар бөлөх кылааска киирэн оҕолор сахалыы төрүт оонньууну хайдах курдук баһылаабыттарын көрдө-иһиттэ. Оҕолор хабылык, хаамыска остуол оонньууларын сөбүлээн оонньууллар. Учуутал идэлээх төрөппүт оҕолорго олус туһалаах маастар-кылаас көрдөрдө.

Дьэ, бу курдук киин куораттааҕы Саха гимназиятын кэлэктиибин биир кэрэ-бэлиэ күнэ олус тэрээһиннээхтик ааста. Кинилэртэн киһи элбэххэ үөрэниэн, уопут атастаһыан сөп эбит дии санаатым.

Тамара Винокурова, биһиги общ.корр.

Читайте дальше