Тарковтар — 50 сыл бииргэ олорбут ытык-мааны ыал

Өймөкөөн улууһун ытыктанар олохтоохторуттан биирдэстэрэ Марианна уонна Илья Тарковтар сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан ыал буолан олорбуттара номнуо 50 сыл буолла.

«Мола» аҕа ууһунан общинаны тэринэн олорор табаһыттар дьиэ кэргэннэрэ Марианна Дмитриевна, Илья Яковлевич Тарковтар ыал буолан олорбуттара 50 сыллаах дьоро киэһэлэрэ соторутааҕыта дьоллоох Дьокуускайга ”Куруһаала” банкетнай саалатыгар ыытыллыбыта. Биһиги, Ксенофонтовтар, кинилэр маанылаах сандалыларыгар ыҥырыылаах ыалдьыт буолан сырыттыбыт.

Илья Өймөкөөн орто оскуолатын биһигини кытта 1969 с. бүтэрбитэ уонна үрдүк үөрэххэ киирбитэ.

Илья Яковлевич СӨ Тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, СӨ Тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, үлэ бэтэрээнэ үрдүк ааттары ылан, сыралаах үлэтэ-хамнаһа үрдүктүк сыаналаммыта кэрэхсэбиллээх. Маны сэргэ кини “Гражданскай албан аат” бэлиэ хаһаайына, үгүс Бочуотунай грамоталарын, Махтал суруктарын ааҕан сиппэккин.

Күөх Ньурбаттан төрүттээх эдэркээн Марианна Кураева биһиги Ильябытын кытта бииргэ үөрэммиттэр. Тымныы полюһугар көһөн кэлээт эдэр ыаллар үлэ үөһүгэр түспүттэр. Илья “Хаастаах” ыстаадатыгар анаммыт. Оттон Марианна ынах сүөһүнү, сылгыны эмтиир ветеринарнай бырааһынан үлэтин саҕалаабыт.

Марианна ийэтэ Людмила Федотовна Ньурба ветеринарнай лабораториятыгар санитаркалыыра. Кыыһа күнү күннүктээн кинилиин онно сылдьара. Марианна Дмитриевна кэлин ол да иһин бэтэринээр идэтигэр уһуйуллубутум, ону дьонум сөбүлээбэтэллэр даҕаны, идэбин сыыһа талбыппын диир биир да түгэммин өйдөөбөппүн диэн ахтар.

Кини таһаарыылаах үлэтэ бэйэтин кэмигэр үрдүктүк сыаналаннаҕа. М.Д. Таркова үлэ бэтэрээнэ, СӨ Тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, биологическай билим хандьыдаата, СӨ Агропромышленнай комплексын Бочуоттаах үлэһитэ, Ньурба улууһун Чаппанда нэһилиэгин Бочуоттаах мецената. Үлэлээбитин тухары хас да төгүллээн СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин, ветеринария Департаменын, агропромышленнай комплекс биир идэлээхтэрин сойууһун о.д.а. биэдэмэстибэлэр Бочуотунай грамоталарынан, Махтал суруктарынан наҕараадаламмыта.

Кинилэр куурустарыттан 2 ветеринарнай уонна 1 биологическай билим хандьыдааттара, 1 биологическай билим дуоктара тахсыбыттара даҕаны элбэҕи этэр.

Бу дьоро киэһэҕэ кыыстарын өйөөн, Күөх Ньурбаттан кылааһынньыктара, тыа хаһаайыстыбатын факультетын выпускниктара, Уус-Ньараттан биир идэлээхтэрэ, ыаллара, геолог табаарыстара мустан, Марианна Дмитриевна үлэтигэр наһаа эппиэтинэстээҕин, ирдэбиллээҕин, дьоҥҥо-сэргэҕэ ураты эйэҕэс сыһыанын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр, истиҥ иһирэх эҕэрдэлэрин тириэртилэр. Марианна ону таһынан иистэнньэҥэ, асчыт бэрдэ буоларын аҕыннылар.

Кини олоҕун аргыһын Илья Яковлевиһы кытта олус тапсан, өйөһөн олороллоруттан улаханнык үөрэбит. Тарковтары чугас баар аймахтара, сиэннэрэ, оҕолоро күргүөмүнэн кэлэн эҕэрдэлээн аастылар, доруобуйаны, дьолу туойдулар. Кыыстара Оксана Ильинична Герцен аатынан Художественнай университеты бүтэрбитэ уонна Пушкин аатынан Нуучча театрыгар үлэлиир. Кини үс оҕолоох, оҕолоро номнуо студеннар, соҕурууттан эбэлээх эһэлэригэр эҕэрдэ истиҥин ыыппыттара.

Ыалдьыттар истэригэр өр кэмҥэ  СӨ ветеринария Департаменын начаалынньыгын солбуйааччытынан үлэлээбит Аркадий Пудович Васильев кэргэнинээн Клара Дмитриевналыын (өрөспүүбүлүкэтээҕи лаборатория бактериолог бырааһа) бааллара. Кинилэр эмиэ аҕыйах сыллааҕыта кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбиттэр.

Сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.

Валентина, Прокопий Ксенофонтовтар, биһиги общ.корр.

Читайте дальше