Таптыыбын төрөөбүт дойдубун

Мин төрөөбүт сирим-уотум — Биэрэк-Үрдэ учаастак, Өймөкөөн нэһилиэгэ. Тулалыыр айылҕабын мин олус сөбүлүүбүн. Миэхэ дьыл кэмэ барыта кэрэ.

Күһүн тымныйан бардаҕына от-мас барыта саһарар, хагдарыйар. Сэбирдэхтэр, тиит көмнөҕө сиргэ түһэллэр. Индигир өрүспүт ыраас уута тоҥор. Маҥнайгы хаар түһэр. Көтөрдөр  сылаас сиргэ  соҕуруу көтөллөр.  Арай хара суор уонна кыра чыычаах татыйык  ханна да барбакка, дьиэ таһыгар кыстыыллар. Дьирики, тыа кутуйаҕа хороонноругар кыстыы, утуйа киирэллэр. Тииҥ, куобах, саһыл, киис, нуорка, бэдэр диэн кыыллар кыһын утуйбакка, дьэ бултуу сүүрэллэр үһү.

Биһиэхэ, Өймөкөөн сиригэр, наһаа тымныы. Кыһын олус тымныйдаҕына сороҕор үөрэммэппит. Оҕолору кытта былыттаах күн хаарынан бырахса оонньуурбун уонна сылаас хаарга төкүнүйэрбин олус сөбүлүүбүн. Кыһын халлаан эрдэ хараҥарар. Ол кэмҥэ халлааҥҥа сулустар чаҕылыһа тырымнаһаллара көстөр.

Саас күн чаҕылыччы тыгар. Күн сири сылытан хаар ууллар, уу тахсар, ириэрии буолар.  Оччоҕуна бастакы ньургуһун тахсан, сири-дойдуну киэргэтэр. Мин ньургуһуну олус да сөбүлүүбүн. Хомойуох иһин, кини түргэн баҕайытык хагдарыйан хаалар. Биһиэхэ халлаан күөҕэ ньургуһун үүнэр. Атын сиргэ ньургуһуннара маҥан, саһархай  үһү.

Саас эрдэ кулууппут таһыгар хаарынан уһун, үрдүк сыыр оҥороллор. Онно биһиги оонньоон, көрүлээн да биэрээччибит.

Саас араас көтөрдөр соҕуруу дойдулартан ыраах хотугу сиргэ төннөн кэлэллэр. Оччоҕо кус-хаас элбээтэ эрэ,  эр дьон, уолаттар күөлгэ, үрэххэ кустуу киирэллэр.

Биһиэхэ, Биэрэккэ, оҕо оонньуур былаһаакката баар. Онно биһиги сайын мустан оонньооччубут. Сайыҥҥы сынньалаҥмытын онно атаарабыт. Өссө «Муосталаах сиэн» диэн сиргэ сөтүөлүүбүт, толооҥҥо тэллэйдии барабыт. Дьоммутун кытта тыаҕа отоннуу сылдьааччыбыт.

Сайын киһи барыта оттуу барар. Ходуһаҕа дьиэнэн тахсан, элбэх оту бэлэмнииллэр. Оту бастаан охсоллор, онтон мунньаллар, ол кэннэ кэбиһэллэр. Оттоммут оту күһүн дьиэ аттыгар, хотоҥҥо тиэйэллэр. Ону ынахтарга сиэтэллэр.

Мин эбэлээх эһэбэр эмиэ хотонноохтор. Ол иһин убайдарым бары мустан сайын оттууллар. Сайын ардыгар наһаа куйаас буолааччы. Ол иһин оттоон кэлэн иһэн отчуттар “сиэҥҥэ” сөтүөлүүллэр. Ардах түһэрэ наһаа үчүгэй. Сөрүүн, буолар. Ардах кэнниттэн тииттэр-мастар сууммут курдук сырдаан кэлэллэр.

Мин олорор сирбин – Биэрэк-Үрдүн наһаа сөбүлүүбүн. Ханна да атын сиргэ көһүөхпүн баҕарбаппын. Манна мин дьиэм, дьонум, доҕотторум бааллар.

Дарина Шпнева, 5-с кылаас, Биэрэк-Үрдэ

Читайте дальше