Тапталлаах кэргэним, аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит, РФ үлэ бэтэрээнэ, Өрөспүүбүлүкэ Ытык кырдьаҕаһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕэриитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин успуордун бэтэрээнэ, Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Ефимов Револий Степанович бу дьыл атырдьах ыйын 20 күнүгэр олохтон букатыннаахтык туораата.
Кини 1938 сылахсынньы 25 күнүгэр Өймөкөөн улууһугар Агафья Яковлевна уонна Степан Николаевич Ефимовтар дьиэ кэргэннэригэр үһүс оҕонон төрөөбүтэ.
Хас биирдии сэбиэскэй кэм оҕотун курдук төрөөбүт оскуолатыгар октябренок, пионер, комсомол кэккэтигэр киирбитэ. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмиттэн эт-хаан өттүнэн сайдыылааҕа, үөрэҕэр ситиһиилээҕэ.
Оскуоланы бүтэрэн 1959 с. Дьокуускайдааҕы педагогическай училище физкультурнай отделениетыгар үөрэнэ киирэн 1964 с. бүтэрбитэ. Онтон Өймөкөөн орто оскуолатыгар физкультура учууталынан ананан кэлэр. Итини тэҥэ 1969 с. СГУ историческай факультетыгар кэтэхтэн туттарсан, 1975 с. бүтэрэн история уонна обществознание учууталын дипломун ылбыта. Томтор орто оскуолатыгар история уонна физкультура учууталынан үлэлээбитэ.
Револий Степанович олоҕун устатын тухары чөл олоҕу тутуһар, маассабай успуорт сайдыытыгар дууһатынан ыалдьар киһи этэ.
Кини успуорт нөҥүө үүнэр көлүөнэ тус сыалын ситиһэригэр дьулуурдаах, кытаанах санаалаах буоларыгар үөрэтэргэ дьулуһара.
Нэһилиэк успуорка ситиһиилэрэ барыта кини сырдык аатын кытта ыкса сибээстээхтэр. Үөрэнээччилэрэ улууска эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ, Арассыыйаҕа биллэр-көстөр спортсменнар буола үүммүттэрэ. Ол курдук көҥүл тустууга түөрт ССРС маастарын, түөрт успуорт маастарыгар хандьыдааты, 40-н тахса көҥүл тустууга бастакы разрядтаах спортсменнары иитэн таһаарбыта. 30-н тахса иитиллээччилэрэ физическэй култуура үрдүк үөрэх кыһаларын бүтэрэн, орто уонна спортивнай оскуолаларга учууталларынан, тириэньэрдэринэн таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Р.С. Ефимов физическэй култуураны үөрэтэр сылларыгар оҕолору успуорт араас көрүҥнэригэр уһуйбута – чэпчэки атлетика, гимнастика, баскетбол, волейбол, хайыһар, ону тэҥэ кинилэри брусьяҕа, кольцоҕа, бревноҕа араас эрчиллиилэри тэрийэрэ, улууска күрэхтэһиилэри ыытара. Кини иитиллээччилэрэ өрөспүүбүлүкэ уонна Арассыыйа таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кытталлара, кыайан-хотон дойдуларыгар төннөллөрө. Ол курдук кини успуорт араас көрүҥнэригэр дэгиттэр талааннаах этэ. Ону тэҥэ сайын аайы оскуола оҕолоругар от үлэтин лааҕырын салайан үлэлэтэрэ, “Өймөкөөн” сопхуоска сүүһүнэн тонна оту бэлэмнииллэрэ.
Учуутал оҕо, ыччат эт-хаан, өй-санаа өттүнэн чэбдик, чөл туруктаах буоларын туһугар бүтүн олоҕун, 47 сылы анаабыта.
Револий Степанович көҥүл тустууга 1-кы категориялаах судьуйа, көҥүл тустууга 1-кы разрядтаах, спортивнай гимнастикаҕа 2-с разрядтаах спортсмен этэ. Кини Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, СӨ үөрэхтээһин систиэмэтин Бочуоттаах бэтэрээнэ, үлэ бэтэрээнэ, “Үлэҕэ килбиэнин иһин”, “Туйгун дружинник” бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта.
Дойдутун историятынан, дьонунан, Урааҥхай Саха утума буоларынан, бэйэтин омугунан, дойдутунан киэн туттара, ыччакка элбэҕи кэпсиирэ, патриот буолан үтүө сырдык өйдөөҕө, истиҥ санаалааҕа.
Револий Степанович кэргэнинээн Екатерина Афанасьевналыын өйдөһөн-өйөһөн, истиҥ таптал сылааһыгар угуттанан дьоллоохтук 60 төгүрүк сылы олордулар. Икки оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, иитэн-такайан үлэһит дьон оҥортообуттара. Сиэннэрин, хос сиэннэрин көрсөн, иитэн-үөрэтэн, иккиэн ыччаттарыгар өрүү сүбэ-ама, үтүө холобур буолаллара.
Р.С. Ефимов сырдык мөссүөнэ кэргэнин, оҕолорун, 5 сиэнин, 9 хос сиэнин уонна үөрэппит оҕолорун, бииргэ үлэлээн алтыһан ааспыт кэллиэгэлэрин, табаарыстарын, урууларын-аймахтарын сүрэхтэригэр куруутун баар буолуо, умнуллуо суоҕа.
Биир дойдулаахтарбыт, бииргэ үлэлээбит табаарыстара, урууларбыт, аймах-билэ дьоммут, бииргэ үөрэммит, үлэлиир доҕотторбут, үөрэппит үөрэнээччилэрэ ыарахан күннэрбитин үллэстибиккитигэр, күүс-көмө буолбуккутугар, аҕабыт туһунан сырдык өйдөбүлгүт, үтүө тылларгыт иһин ис сүрэхтэн улахан махталбытын тиэрдэбит.
Кэргэнэ, оҕолоро, сиэннэрэ, күтүөттэрэ, кийииттэрэ, хос сиэннэрэ.