Бары өттүнэн толору ыаллары Үөһээ Айыылар бэйэлэрэ олохторун холбоон, дьылҕаларын ситимнээн ыыталлар дииллэрэ оруннаах курдук.
Ол ону “Саха сирэ” хаһыат “Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт” куонкуруһун кыайыылаахтара Алексей уонна Ксения Вензеллэр бигэргэтэллэр. Айар дьиэ кэргэн аҕата Өймөкөөн улууһун Сордоҥнооҕуттан төрүттээх. Алексей Петрович Горнай улууһун Маҥаны нэһилиэгин сынньалаҥ киинин салайааччыта, ыал ийэтэ Ксения Анатольевна олохтоох орто оскуолаҕа педагог-бибилэтиэкэр. Эдэр дьону ыччат таптаан мустар тыа сирин кулууп дьиэтин көхтөөх олоҕо холбообута.
— Ксениябын аан бастаан кулуупка көрбүтүм. Арай хайдах эрэ уратытык туттан, биир симик баҕайы кыысчаан сандааран киирэн кэлбитин бэлиэтии көрдүм. Санаабар, кулууп сырдыы түспүт курдуга. Ити курдук, кэргэним буолуохтаах кыыс аан бастаан мин олохпор көстүбүтэ... – диэн кэпсиир Алексей Вензель.
Оҕо сылдьыаҕыттан кырачаан Алеша дьикти баҕа санаалаах эбит – “ыал буоллахпына хайаан да оҕолорбун ханнык эмэ муусука инструменыгар оонньуурга уонна ыллыырга үөрэтиэм” диэн.
— Кыра сылдьан, төрөөбүт дойдубар Өймөкөөн улууһун Сордоҥнооҕор киэһэ аайы кулуупка ыччаттар оонньуулларын наһаа умсугуйан туран көрөр, истэр этим. Убайдыы-бырааттыы Валерий, Владик Аммосовтар, Владимир Прокопьев, Филипп Неустроев, Иннокентий Вензель, Александр Меркулов гитаранан ыллыылларын анаан тиийэн чуумпутук олорон истэрим. Онно сөп буолбакка, салгыы Былаадьыгы эккирэтэн, кини дьиэтин хочуолунайыгар оһоххо мас эбэ олорон, гитараҕа оонньооһун араас албастарыгар үөрэттэрэрим. Күн бүгүнүгэр диэри кини үөрэппит ураты ньыматын туттан оонньуубун. Олох кыра сааспар аҕабыттан көрдөһөн, үс аккорду тутарга үөрэммитим. Онтон салгыы, ити кэпсээбитим курдук, убайдарбын батыһа сылдьан үөрэммитим.
Үрдүкү кылааска үөрэнэр сылларбар Сордоҥнооххо Тиксииттэн музыка үөрэхтээх баянист Владимир Солдатов кэлэн оскуолаҕа үлэлээбитэ. Кинилиин үчүгэйдик алтыһан, бииргэ ыллаан, кыра ВИА оҕотун тэрийэн оонньуу сылдьыбыппыт. Мин гитараҕа оонньуу-оонньуу ыллыырым, бас-гитараҕа — Владимир Солдатов, клавишаҕа Григорий Атастыров, ударнайга Сэмэн Березкин охсоро. Онон “бастакы учууталларбар” махталым сүҥкэн, — диэн кэпсиир Алексей Петрович.
Алексей уонна Ксения Вензеллэр уол оҕону иитиигэ улахан уопуттаах дьон быһыытынан элбэх оҕону иитиигэ маннык сүбэлииллэр:
— Бастатан туран, олох кыра эрдэхтэриттэн бэрээдэги күүскэ хонтуруоллуубут. Элбэх оҕолоох ыалларга судаарыстыба көмөтө, өйөбүлэ үгүс буолан, абыранабыт. Кылаабынайа, туох, хайдах хаһан көрүллэрин, оҥоһулларын билиэххэ-көрүөххэ наада. Ону таба көрөн, эккирэтиһэн, тустаах докумуону кэмигэр толорон, сөптөөхтүк туһанабыт. Онон судаарыстыбабытыгар, Ил Дархаммытыгар, улууспут баһылыгар махталбыт муҥура суох.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.
Елена Потоцкая