Таба иитиитинэн дьарыктанар “Үчүгэй” ААУо 1989 с. сэтинньи 15 күнүгэр “Үчүгэй” сопхуос базатыгар тэриллибитэ. Генеральнай дириэктэр удьуор табаһыттар Громовтар сыдьааннара – Павел Сивцев.
“Үчүгэй” ААУо тэриллибитэ 35 сыллаах үбүлүөйүнэн табаһыттар, чуум үлэһиттэрэ сыралаах, ыарахан үлэлэрэ сыаналанан, араас наҕараадалары, анал ааттары туттулар. Кинилэр бу сыллар усталарыгар өбүгэ саҕаттан кэлбит төрүт дьарыктарын ыһыктыбакка таһаарыылаахтык үлэлээн-хамсаан кэллилэр, улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар тус кылааттарын киллэрэллэр.
Ол курдук, тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Павел Сивцев СӨ судаарыстыбаннай племенной сулууспатын сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин “Сахаагроплем” ГБУ анал бэлиэтинэн наҕараадаланар чиэскэ тигистэ.
Чуум үлэһиттэрэ, эбээн норуотун чаҕылхай бэрэстэбиитэллэрэ Ульяна Алексеевна Громова, Мария Егоровна Громова, Василий Семенович Баишев, Анна Ивановна Винокурова, Александра Иннокентьевна Черкашина, Павел Гаврилович Баишев о.д.а. Махтал суруктарынан, Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаланнылар.
Табаһыттар Сергей Попов, Петр Соколов уонна Прохор Громов СӨ Тыа хаһаайыстыбатын туйгуна үрдүк ааты ыллылар.
Үбүлүөйдээх тэрээһин бочуоттаах ыалдьыттарынан СӨ хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар бырааптарыгар боломуочунай Константин Роббек, СӨ Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччыта Прокопий Николаев, АГАТУ ректора Валерий Федоров о.д.а. буоллулар.
Таба бырааһынньыгар ыытыллыбыт күрэхтэһиилэргэ ботуччу бириистэр турдулар. Комбинированнай күрэхтэһии кыайыылааҕар турбут “Буран” снегоход спонсордара – “Водоканал”, “Пушнина Якутии”, “Сургутнефтегаз” тэрилтэлэр. 2-с миэстэҕэ – гладкоствольнай саа (спонсор “Барс” булт кулууба). 3-с миэстэҕэ – бензининэн үлэлиир генератор (спонсор “Якутэнерго” ПАО).
Табаһыттар комбинированнай күрэхтэһиилэрин кыайыылааҕынан Томпо улууһун Тополинайыттан кэлбит Виктор Слепцов таҕыста. Иккис миэстэни Үчүгэйтэн Петр Неустроев ылла. Оттон үһүс миэстэ эмиэ Тополинайтан сылдьар Гаврил Голиковка тигистэ.
Табанан сыарҕалаах сүүрдүү күрэхтэһиитин кыайыылааҕа Виктор Слепцов (Тополинай) “Өймөкөөн улууһа” МТ дьаһалтата туруорбут “Буран” снегоходун хаһаайынынан буолан, муҥутуур кыайыылааҕынан таҕыста, сүрүн бириистэри тутан, үөрэ-көтө дойдутугар илдьэ барда. Кини биир дойдулааҕа Гаврил Голиков иккис миэстэҕэ таҕыста уонна улуус дьаһалтатын бирииһин хаһаайына буолла.
“Үчүгэй” ААУо табаһыта Петр Неустроев үһүс бириистээх миэстэни ылан, “Үчүгэй нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатын бирииһинэн – күн уотунан үлэлиир ыстаансыйанан наҕараадаланна.
Хаартыскалар: Семен Сивцев уонна социальнай ситимнэртэн
Любовь Кривошапкина