Саха сиригэр 2024 сыл олунньу 1 күнүнээҕи туругунан РФ ИДьМ СӨ Миграция боппуруостарыгар управление чахчытыгар олоҕуран 22 542 араас омук киһитэ кэлэн үлэлии сылдьар.
Екатерина Егорова, А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин ресурснай киинин салайааччыта:
— РФ Омуктар дьыалаларыгар Федеральнай ааҕыныстыбата Киин Азия эрэгийиэннэриттэн үлэлии кэлэр миграннарга анаан сырдатыы үлэтин оҥорбут торума (адаптационный курс) дойду биэс эрэгийиэнигэр: Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр, Краснодарскай уонна Пермскэй кыраайдарга, Калининград уонна Москва уобаластарыгар тарҕанна. Манна Арассыыйаҕа үлэлии кэлбит дьон тустаах сокуоннары тутуһууларын, экстремизм уонна терроризм боппуруостарыгар холуобунай эппиэтинэһи сүгэллэрин, уопсастыбаннай сирдэргэ оттомноохтук сылдьыы нуорматын быһааран биэрэллэр. Миграннарга сырдатыы үлэтин сүрүн соруга — миграция эйгэтигэр тыҥааһыны кыччатыы уонна сокуону билиилэрин таһымын үрдэтии буолар.
Соторутааҕыта үгүс омук түөлбэлээн олорор уонна үлэлиир сиригэр Хаҥалас улууһун Мохсоҕоллооҕор Омуктар дьыалаларыгар Федеральнай ааҕыныстыба Киин Азия эрэгийиэннэриттэн кэлэр миграннарга сырдатар куурус чэрчитинэн кэккэ тэрээһиннэрэ торумнаммыттара.
А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин иһинэн тэриллибит көһө сылдьар “Доҕордоһуу куолаһа” диэн араас омугу сомоҕолуур Арт-этэрээт айар үлэтин билиһиннэрдилэр.
“Мигрант чааһа” (“Час мигранта”) диэн тэрээһин чэрчитинэн култуура үлэһиттэрэ кыттыылаах узбектар общиналарыгар анаан туспа көрсүһүүнү эмиэ ыыппыттара. Онон национальнай общиналар миграннары кытта үлэни эмиэ өйүүллэр, араас тэрээһиннэри көҕүлүүллэр.
Дьокуускай Соборнай мечетигэр Саха сиригэр олорор омук дьонугар анал сырдатыы үлэ ыытыллыбытыгар тыһыынчаттан тахса киһи кыттыыны ылбыта.
А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ араас омук дьонун сомоҕолуур үлэтин туһунан тэрилтэ сүрүн исписэлииһэ Василий Аргунов бэрт ылыннарыылаахтык уонна кэрэхсэбиллээхтик кэпсээтэ. Бу тэрээһиҥҥэ Ил Дархан 220 №-дээх Ыйааҕын уонна да атын үлэ миграциятын тиэмэлэрин сырдаттылар.
Сотору кэминэн маннык сырдатар үлэ Томпо, Алдан уонна Мииринэй оройуоннарыгар олорон үлэлиир миграннарга ыытыллара былааннанар.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.
Елена Потоцкая