Дьиэ кыылын-сүөлүн иитии – тыа хаһаайыстыбатын тутаах салаата. Бу салаа дьаһалларыгар быйыл 4 млрд 426,9 мөл. (өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн – 4 млрд 94,1 мөл., федеральнайтан – 332,8 мөл.) солкуобай көрүллүбүтүттэн 9 ый түмүгүнэн 4 млрд 68,8 мөл. солкуобай тиксэриллэн, 91,9 бырыһыана туолбут. Оттон үлэни-хамнаһы көрдөрөр сүрүн сыыппаралар тугу кэпсииллэрий?
Отчуоттанар кэмҥэ (2023 сыл тохсунньу – балаҕан ыйдарын түмүгүнэн) ынах сүөһү ахсаана 218,4 тыһ. төбө баара, ол аата былырыыҥҥы туһааннаах кэмҥэ баар сүөһү ахсааныгар 6,1 бырыһыанынан тиийбэт. Чуолаан, бааһынай хаһаайыстыбаларга уонна урбаанньыттарга балачча көҕүрээбит (-16,3%), кинилэр 64,2 тыһ. сүөһүлээхтэр. Ыаллар кэтэх хаһаайыстыбаларын 10,4 бырыһыанынан сарбыйбыттар, ол эбэтэр бу кэмҥэ 126,6 тыһ. сүөһүнү иитэн тураллар. Улахан хаһаайыстыбаларга, кэпэрэтииптэргэ эмиэ көҕүрээбит эрээри, быдан кыратык (-2,1). Баларга бүттүүн ынах сүөһү чиэппэриттэн ордуга (27,4 тыһ.) иитиллэр.
Ити иһигэр ынах ахсаана эмиэ аҕыйаата: б.дь. алтынньы 1 күнүгэр бары киэптээх хаһаайыстыбаларга 74,2 тыһ. төбө баар. Бу сыыппараны ааспыт сыл туһааннаах кэмин кытта тэҥнээтэххэ, 5,4 бырыһыанынан кыра. Чуолаан, бааһынай хаһаайыстыбаларга уонна урбаанньыттарга күүскэ көҕүрээбит (-9,1%). Ыаллар ынахтарын 3,9 бырыһыанынан аҕыйаттылар. Билигин кэтэххэ 40,6 тыһ. ынахтаахтар. Тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр (кэпэрэтииптэргэ, ХЭУо-ларга) 3 бырыһыан көҕүрээбит. Улахан тэриллиилээхтэргэ 11,1 тыһ. ынахтаахтар.
Быйыл буоһатыллар араҥаҕа 61,3 тыһ. ынах киирэриттэн 62,6 бырыһыанын (38,4 тыһ. ынаҕы) искусственнай сиэмэлээһининэн хабарга былаанныыллар. “Сахаагроплем” СБТ дааннайынан, отчуоттанар кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 22,9 тыһ. ынах уонна тиҥэһэ искусственнайдык сиэмэлэннилэр. Онон сыллааҕы былаантан 59,7 бырыһыана туолан иһэр. Улахан хаһаайыстыбаларга 6,4 тыһ. ынах уонна тиҥэһэ хабылыннылар. Бу көрдөрүү бааһынайдарга уонна урбаанньыттарга – 5,4 тыһ., кэтэх хаһаайыстыбаларга – 11,1 тыһ. төбө. Инньэ гынан искусственнай сиэмэлээһиҥҥэ хапсар араҥаттан 21 эрэ бырыһыана сиэмэлэннэ.
Былаантан хаалыы төрүөтүн министиэристибэ исписэлиистэрэ нэһилиэктэргэ сиэмэлээччи тиэхиньиктэр тиийбэттэринэн уонна тыа сиригэр аттаммакка, көҥүл-босхо сылдьан, талбыт ынахтарын сабар оҕус борооскулар, тыһаҕастар дэлэйбиттэринэн быһаараллар. Ыаллар ынахтара төрөөтүн-төрөөбөтүн “төбө харчытын” ылар уонна үүт туттаран харчыласпат буоланнар, сүөһүлэрин төрүөҕэ төрөлкөй буоларыгар, элбэх бородууксуйаны биэрэригэр интэриэстэрэ сүппүтэ эмиэ сабыдыаллыыра саарбаҕа суох.
Ынах сүөһү бүттүүн ахсаана түһэригэр быйыл бары киэптээх хаһаайыстыбаларга 58,4 тыһ. ньирэй төрүөҕэ ылыллан, былырыыҥҥы таһымҥа 9,6 бырыһыанынан тиийбэтэҕэ – биир сүрүн төрүөт. Төрүөх биэриэхтээх төбөттөн 76,9 %-нара (былырыын 82,3% этэ) төрөөтө.
Исписэлиистэр ынах сүөһү ахсаана таҥнары түспүтүн уонна төрүөх намтаабытын кырыымчык аһылыктаах икки кэлиҥҥи кыстык кыһалҕалаахтык, ыараханнык ааспытын кытта ситимнииллэр. Онон, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ 2023 сылы 171 тыһ. (былырыын сыл бүтүүтэ 170796 баара) ынах сүөһүлээх уонна ол иһигэр 71943 (былырыын сыл бүтүүтэ 71661 баара) ынахтаах түмүктүүргэ былаанныыра туолбат туруктанна.
Сылгы ахсаана ааспыт сыл туһааннаах кэмин кытта тэҥнээтэххэ, 0,1 бырыһыанынан эбиллэн, 240,7 тыһ. тиийдэ. Сылгыларын бааһынай хаһаайыстыбалар уонна урбаанньыттар 5,8 бырыһыан эптилэр. Ити гынан баран, быйыл кулун төрүөҕэ былырыыҥҥытааҕар эмиэ мөлтөх: биэ бүттүүн ахсааныттан 50,8 бырыһыана төрүөх биэрдэ (ааспыт сыл туһааннаах кэмигэр – 57% этэ). Барыта 62,3 тыһ. кулун төрөөтө, ол эбэтэр былырыыҥҥыттан 8,9 бырыһыанынан аҕыйах.
Министиэристибэ сылы 182301 сылгылаах түмүктүүргэ, ол аата идэһэҕэ туттубут кэннэ бачча төбөнү кыстатарга былаанныыр. Былырыын сыл бүтүүтэ 182114 төбө кыстаан турара. Отчуоттанар кэмҥэ кыратык чорбойорунан итиэннэ быйылгы кыстыкка от хасааһа баарынан, былаан толоруллар кыахтаах. Ону тэҥэ, төрүөх аҕыйаҕынан, хаһаайыстыбалар солбук буолар сылгыны иитэр санаалаахтар. Ол оннугар убаһа этин сыаната балачча үрдээтэ: киилэтин 6-7 мөһөөхтөн түһэрбэттэр.
Сибиинньэни иитии салаата өтөрүнэн өрүттүбэт чинчилээх. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 18655 сибиинньэ баарын туһунан отчуоттууллар. Бу көрдөрүү былырыыҥҥы туһааннаах кэмҥэ баартан 14,5 бырыһыанынан аҕыйах. Онон, саҥа сылга 17817 сибиинньэлээх үктэнэр туһунан былаан кумааҕыга эрэ хаалара илэ. Былырыын сыл бүтүүтэ 17757 төбө баара.
Көтөрү иитии салаата “көтүөн кыната ситэ илик” эбэтэр “көтөргө бэлэмнэнэр” диэххэ сөп. Ааспыт сылга 9 ый түмүгүнэн 1006010 көтөр иитиллэн турбут буоллаҕына, быйыл алтынньы 1 күнүгэр 915761 көтөр баар. Бары киэптээх хаһаайыстыбаларга көтөр ахсаана 9 бырыһыан аҕыйаабытын көтөр фабрикаларын производственнай эбийиэктэригэр саҥалыы сөргүтүү үлэтэ ыытылла турарынан быһаараллар. Ити кэмҥэ көтөрдөрүн ахсаанын бааһынай хаһаайыстыбалар 14,1 уонна ыаллар кэтэхтэригэр 0,4 бырыһыанныынан эптилэр.
Ил Дархан түргэнник ситэр салаа кыылын-сүөлүн тарҕатан, нэһилиэнньэ этинэн, сымыытынан хааччыныытын таһымын улаатыннарар дьаһалын толоруу сүнньүнэн өрөспүүбүлүкэ көтөр иитэр фабрикалара 340 тыһ. сымыыттыыр кууруссаны уонна чоппуусканы батарбыттар. Мантан нэһилиэнньэҕэ быһаччы 72,6 тыһ. көтөрүн биэрбиттэр: ол иһиттэн Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката – 60,9 тыһ., “Сайсары” АУо (Нерюнгри) – 4,5 тыһ., “Сахаплемхолбоһук” АУо (Мииринэй) – 7,2 тыһ. ахсааннааҕы. Ону тэҥэ “Хатастааҕы сибиинньэ комплекса” ХЭУо уонна “Сибиир” бааһынай хаһаайыстыба 1,5-2 ыйдаах 2,26 тыһ. сибиинньэ оҕотун улуустарга тарҕаттылар.
Аны бородууксуйаны оҥорон таһаарыыны көрүөххэ. Сыл 9 ыйыгар баалабайынан 126,95 тыһ. туонна үүт ыаныллыбыт, ол эбэтэр ааспыт сыл туһааннаах кэминээҕэр 0,2 бырыһыанынан элбэх. Соторутааҕыта Уопсастыбаннай палаата аграрнай кэмитиэтигэр ыытыллыбыт мунньахха “отчуот сыыппаралара нэһилиэктэртэн саҕалаан салгынтан ылыллалларын” кириитикэлээбиттэрэ. Даарыйалар-маарыйалар үүт туттаран харчыласпат буоланнар, ньирэйдэрин ус сайын эмньик ыыталларын бары көрө-истэ сылдьабыт уонна үүт хантан эбиллэн кэлэрин киһи өйдөөбөт. Арай, кумааҕы барытын тулуйан эрдэҕэ…
Сүөһү уонна көтөр этин тыыннаах ыйааһынынан эккэ туттуу 4240 туоннаҕа тэҥнэстэ диэн отчуокка суруйбуттар. Бу сыыппара былырыыҥҥы 9 ыйдаах көрдөрүүтүттэн 5,6 бырыһыанынан итэҕэс. Сыллааҕы былаан – 37769,9 туонна. Ааспыт сылга 37603,2 туонна эт идэһэҕэ туттуллубута. Быйыл ону куоһарара саарбах. Хаһаайыстыбалар даҕаны, ыаллар даҕаны сүөһүлэрин-сылгыларын быр курдук кыстатар оттоохтор.
Сымыыты оҥорон таһаарыы 12 бырыһыан улааппыта бэлиэтэннэ. Барыта холбоон 129,6 мөл. сымыыт ылыллыбытыттан тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ 117,9 мөл. ахсааннааҕы оҥорон, 12,4 бырыһыан эбиллиини ситистилэр. Бааһынай хаһаайыстыбалар 1,6 мөл. (+37,1%), нэһилиэнньэ 10,2 мөл. (+5,5%) сымыыттаахтар. Көтөр фабрикалара алтынньы 1 күнүгэр диэри 1 млрд тахса солкуобайга 109 мөл.сымыыты батардылар. Инньэ гынан былырыыҥҥы көрдөрүүлэрин 13,3 бырыһыанынан аһара түстүлэр. Ол түмүгэр оҥоһуллар бородууксуйа харчыга туруута 92,6-тан 93,8 бырыһыаҥҥа диэри улаатта.
Василий Никифоров
Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин пресс-сулууспатын
(Анна Сергучева) хаартыскаҕа түһэриилэрэ уонна интернет ситимиттэн