Өймөкөөн улууһунааҕы Култуура уонна туризм сайдыытын управлениета бу дьыл алтынньы 20 күнүттэн сэтинньи 15 күнүгэр диэри уран тарбахтаах кэрэ аҥаардарга анаан куонкурус биллэрдэ.
Балаһыанньата
- Уопсай балаһыанньата
1.1. Балаһыанньа “Сылааһынан угуттуур үтүлүгүм” куонкуруһу тэрийии уонна ыытыы бэрээдэгин уонна усулуобуйатын быһаарар (салгыы – Балаһыанньа)
1.2. “Сылааһынан угуттуур үтүлүгүм” куонкуруһу (салгыы – куонкурус) тэрийэн ыытааччы – “Өймөкөөн улууһа” МТ Култуура уонна туризм сайдыытын управлениета.
1.3. Куонкурус “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” событийнай туризм бэстибээлин чэрчитинэн ыытыллар, бырааһынньыгы тэрийээччи – Томтордооҕу Оҕо ускуустубатын оскуолата.
- Куонкурус сыала уонна соруга
- Национальнай тигии маастарыстыбатын, уус-уран үгэстэрин чөл хаалларыы;
- Хотугу норуоттар национальнай таҥастарын харыстааһын уонна тарҕатыы;
- Норуот төрүт үгэстэригэр олоҕуран иистэнэр маастардары киэҥ эйгэҕэ таһаарыы уонна өйөөһүн, кинилэр айар дьоҕурдара арылларын көҕүлээһин.
- Куонкурус усулуобуйата уонна болдьохторо
3.1. Куонкуруска сааһыттан тутулуга суох киһи кыттар. Соҕотоҕун биитэр бөлөҕүнэн эмиэ кыттыахха сөп.
3.2. Куонкуруска үгэскэ кубулуйбут биитэр аныгы моһуоннаах үтүлүктэринэн кыттар көҥүллэнэр.
3.3. Куонкурус номинациялары:
- “Сылааһынан угуттуур маанылаах үтүлүк” – үгэскэ кубулуйбут ньымалары тутуһан, оһуордаан-мандардаан тигиллибит үтүлүктэр;
- “Сылааһынан угуттуур аныгылыы үтүлүк” – аныгы моһуоннаах, креативнай киллэһиктээх үтүлүктэр;
- “Сылааһынан угуттуур үлэ үтүлүгэ” – үлэҕэ-хамнаска аналлаах үтүлүктэр.
3.4. Куонкуруска кыттарга анкета толоруллар уонна бэлэм тигиллибит үтүлүк тэрийээччилэргэ тиксэриллэр.
3.5. Куонкурска кыттааччы анкетатын maksimova79@internet.ru электроннай аадырыска биитэр 89618676333 нүөмэринэн ватсапка 2024 с. сэтинньи 15 күнүгэр диэри ыытар.
3.6. Куонкуруска кыттыы босхо төрүөккэ олоҕурар.
3.7. Куонкурус кыайыылаахтара дипломнарынан, сертификаттарынан уонна сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнар.
3.8. Куонкурус 2024 сыл алтынньы 20 күнүттэн сэтинньи 15 күнүгэр диэри ыытыллар.
3.9. Куонкурус түмүгэ 2024 с. ахсынньы 1 күнүгэр “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл чэрчитинэн тахсыаҕа.
3.10. Куонкурус оҥоһуктара улуус олохтоохторугар уонна “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” событийнай бэстибээл ыалдьыттарыгар көрдөрүүгэ туруохтара.
- Куонкуруһу тэрийии уонна ыытыы
4.1. Куонкурус дьүүллүүр сүбэтэ:
— Оҥоһуктары көрөн-истэн сыаналыыр;
— Куонкурус түмүгүн таһаарар;
— Кыайыылаахтары наҕараадалыыр.
4.2. Дьүүллүүр сүбэ састаабыгар култуура эйгэтин, декоративнай-прикладной ускуустуба сүрүннүүр уонна аптарытыаттаах исписэлиистэрэ киирэллэр.
4.3. Куонкурус түмүгэ дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан ылыллар, кыайыылаахтар уонна призердар талыллаллар.
4.4. Куонкуруска киирбит үлэ критерийдэрэ:
Ѵ куонкурус тиэмэтигэр уонна усулуобуйатыгар сөп түбэһиитэ;
Ѵ уус-уран таһыма (уһулуччута, композия, уобараһын, өҥүн-дьүһүнүн таба тайаныы);
Ѵ ааптар уратыта уонна толоруута;
Ѵ оҥоһук ааптарын сааһыгар сөп түбэһиитэ.
4.5. Кыттааччылар куонкурус кэнниттэн оҥоһуктарын төттөрү ылар бырааптаахтар.
- Тэрийээччилэр бырааптара
5.1. Куонкурус иитинэн оҥоһуллубут хаартыскалары, видео-матырыйааллары бэйэ көрүүтүнэн тутталлара көҥүл.
“Сылааһынан угуттуур үтүлүгүм” куонкурус кыттыылааҕын анкетата:
Кыттааччы уонна куонкуруска кыттар үлэ туһунан сибидиэнньэлэр:
- Аата, аҕатын аата, араспаанньата
- Төрөөбүт күнэ, ыйа, сыла
- Кыттааччы олорор нэһилиэнньэлээх пуунун аата
- Контактара:
— Төлөпүөн
— Электроннай аадырыс
- Куонкуруска кыттар үлэтин аата
- Номинация
- Үлэтин ойуулааһына
Тэрийэр хамыыһыйа