Сүгүрүйэбит, кэриэстиибит, махтанабыт!

Өймөкөөн нэһилиэгэр Кыайыы 79 сылын өрөгөйдүү көрүстүбүт. Ол курдук Н.О. Кривошапкин аатынан орто оскуолаҕа оҕолорго «Кыайыы уруога», бырааһынньыктааҕы линейка уонна «Георгиевская лента» аахсыйалар буоллулар.

Нэһилиэк олохтоохторо уонна тэрилтэлэр бырааһынньыктааҕы парадка кыттыһан, Кыайыы скверигэр диэри сэлэлээн хааман тиийдилэр. Колоннаны үгэс быһыытынан ытыктанар киһибит Андрей Иванов салайбыта.

Үөрүүлээх миитиҥҥэ «Дьоруой саллаат пааматынньыгар» өйдөбүнньүк венок ууран баран, дьон Кыайыы вальсыгар пааранан эргийдилэр. Ону тэҥэ кыайыы оһуохайыгар кыттыһан эһэлэрбитин, эбэлэрбитин, биһиги эйэлээх олохпут иһин олохторун олук уурбут буойун саллааттары ахтан-санаан, махтанан аастыбыт.

Олохтоох дьаһалта аатыттан баһылык Павел Васильев эҕэрдэ тылын эттэ, кини итиэннэ үлэ-тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии сылын оҕолоругар дьиэлэринэн сылдьан өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттартаата.

Киэһэ «Тымныы Оройо» култуура дьиэтигэр түөлбэлэр икки ардыларыгар Кыайыы күнүгэр аналлаах ырыа-үҥкүү күрэҕэ, эҕэрдэ кэнсиэр бэрт сэргэхтик ыыттылынна. Ол түмүгүнэн 1-кы миэстэ — «Түмсүү» түөлбэ, 2-с «Сайдыы», 3-с миэстэ — «Кытыл» уонна «Кэскил» түөлбэ аатырдылар.

Кыайыы скверигэр өйдөбүнньүк чүмэчилэри уматан, уостан түспэт урукку ырыалары ыллаан, кэрэ-бэлиэ күммүтүн түмүктээтибит. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!

Күннэй ОКОНЕШНИКОВА, 

9-с кылаас, Өймөкөөн

 

Читайте дальше