Сүөһүнү сиэмэлээһин боломуочуйата «Сахаагроплем» тэрилтэҕэ төттөрү бэриллэр буолла

Сүөһүттэн бородууксуйаны ылыыга силиэксийэлиир-племенной үлэ, боруоданы тупсарыы улахан оруоллаах. Бу үлэ биир сүрүн салаата ынаҕы искусственнай көрүҥүнэн буоһатыы, ол эбэтэр искусственнай сиэмэлээһин буолар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр силиэксийэлиир-племенной үлэни тэрийиигэ «Сахаагроплем» судаарыстыба бүддьүөтүн тэрилтэтэ эппиэттээх. Ынаҕы искусственнай сиэмэлээһин үлэтин тиэхиньиичэскэй өттө 2020 сылтан Бэтэринээрийэ департаменыгар бэриллибитэ. Инньэ гынан, бииргэ үлэлииргэ түһэрсиллибит сөбүлэһии быһыытынан, «Сахаагроплем» тэрилтэ бэтэринээрийэ сулууспатын искусственнай сиэмэлээһиҥҥэ туттуллар матырыйаалынан, убаҕас азотунан уонна тоҥоруллубут сиэмэнэн хааччыйар, тиэхиньик-сиэмэһиттэр идэлэрин үрдэтэр куурустары тэрийэн ыытар, оттон Бэтэринээрийэ департамена искусственнай сиэмэлээһин тиэхиньиичэскэй үлэтин толорор.

Ким сиэмэлиирий?

Племенной хаһаайыстыбалар бэйэлэрэ тиэхиньик-сиэмэһиттэрдээх буоллахтарына, табаарынай, бааһынай хаһаайыстыбалар уонна кэтэх ыаллар ынахтарын искусственнайдык сиэмэлээһиҥҥэ Бэтэринээрийэ сулууспата бигэргэтиллибит былааҥҥа олоҕуран, тиэхиньик-сиэмэһиттэри кытары дуогабар түһэрсэн үлэлэтэр. Ол курдук, дуогабар түһэрсэн, 2020 сыллаахха 224, иллэрээ сыл 234, былырыын 177 тиэхиньик-сиэмэһит үлэлээбит. Бу дьон хайа тыырбыт аҥаардара урукку сыллартан ынаҕы искусственнайык буоһатыыга үлэлээн кэлбит бэтэринээрдэр. Холобур, быйылгы сылга дуогабар түһэрсибит 178 тиэхиньик-сиэмэһиттэн 102 киһи идэлэринэн бэтэринээрдэр.

Дуогабар быһыытынан, тиэхиньик-сиэмэһит төһө ынаҕы уонна хаһан сиэмэлээбитин туһунан отчуотун бэтэринээрийэ сулууспатыгар түһэрэр, онуоха ынах буоһаабытын биитэр буоһаабатаҕын бэрэбиэркэлиир анал ректальнай көрүү ыытыллар. Ол эрэ кэнниттэн, бэтэринээрийэ сулууспатын үлэһитин уонна олохтоох дьаһалта тыа хаһаайыстыбатыгар исписэлииһин илии баттаан бигэргэппит докумуоннарыгар олоҕуран, тиэхиньик-сиэмэһиккэ төлөбүр оҥоһуллар.

Онуоха биир ынаҕы сиэмэлээн, буоһатыы иһин бүддьүөттэн 1504 солк. харчы көрүллэр, онтон араас хомуурга (13 %-наах физическэй сирэй дохуотун нолуогар, 22 %-наах страховка усунуоһугар уонна 5,1 %-наах мэдэссиинэ страховкатыгар) тутуллан, илиигэ 1000 солк. кэриҥэ харчы бэриллэр.

Сыыппара тугу кэпсиирий?

Сылларынан түмүллүбүт сыыппара чахчыта көрдөрөрүнэн, былаан ситэ толоруллубат, инньэ гынан, көрүллүбүт харчы ситэ туһаныллыбат эбит. Холобур, 2020 сыллаахха 22 220 ынаҕы искусственннай сиэмэлээһининэн хабар былаан ылыллан баран, 18 033 ынах сиэмэлэнэн, былаан 81,1 % толоруллубут. Бу сыалга бүддьүөттэн 20 мөл. солк. харчы көрүллүбүтүттэн, сорудах ситэ толоруллубатаҕын быһыытынан, 3 мөл. 768 тыһ солк. харчы бүддьүөккэ төннөрүллүбүт.

2021 cылга 17 698 ынах сиэмэлэнэн, былаан 77,9 %-на толоруллубут, туһаныллыбатах 2 мөл. 677 тыһ. солк. харчы төннөрүллүбүт. 2022 сылга 19 667 ынах сиэмэлэммит, ити былаан 82,5 %-а. Көрүллүбүт 34 мөл. 827 тыһ. солк. харчыттан 6 мөл. солк. харчы төннөрүллүбүт. 2023 сылга 17 764 ынах сиэмэлэнэн, былаан 77,2 %-а толоруллубут. Туһаныллыбатах 8 мөл солк харчы төннөрүллүбүт.

Быйыл 23 677 ынаҕы сиэмэлиир сорук турар.

Былаан тоҕо туолбатый?

Бу биричиинэтэ элбэх эбит. Бастатан туран, боломуочуйалаах тэрилтэ азоту таһар массыыната алдьанан биитэр азот-кислород ыстаансыйатыгар быстах саахал тахсан, убаҕас азоту уонна атыыр оҕустар тоҥоруллубут сиэмэлэрин тустаахтарга тиэрдии кыраапыга кэһиллэн хаалар. Онуоха эбии Дьюар иһитин хаппаҕа мөлтөх буолан, убаҕас азот тохтон хаалара эмиэ баар. Ити иһин, тустаах тэрилтэ исписэлиистэрэ Дьюар иһиттэрин собуоттан бэрэбиэркэлээн эрэ баран ылаллара ирдэнэр эбит.

Иккиһинэн, үгүс дьоҕус бааһынай хаһаайыстыбалар уонна кэтэх ыаллар ынахтарын искусственнайдык буоһатары наадалааҕынан аахпаттар. Ону таһынан, сайыҥҥы өттүгэр сүөһүлэрин наһаа ыраах сирдэргэ сайылаталлар, сорохтор ынахтарын эмньик илдьэ сылдьаллар.

Үсүһүнэн, нэһилиэк ахсын боруодата биллибэт, атыыр оҕус тыһаҕастар элбэхтэр, сиэмэлэммит да ынаҕы «хатылаан» кэбиһэр түбэлтэлэрэ үгүстүк тахсар. Дьэ ити иһин, бэтэринээрдэр сыл тахсыбыт оҕус борооскулары аттатарга сыл ахсын сиэрдээхтик туруорсаллар. Хас сыл ахсын ыам ыйын саҕаланыытыгар, эрдэттэн биллэрии таһаараннар, кыстаабыт оҕус тыһаҕастары (былырыыҥҥы ньирэйдэри) тэрээһиннээхтик аттыыллар, онуоха үгүс ыаллар ороһулаан төрөөбүт биитэр ырыганнаабыт оҕустары аттаппакка хаалларара сайын ынахтары моһуоктуур эбиттэр.

Төрдүһүнэн, кэккэ улуустарга, ол иһигэр, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Ньурба улуустарыгар уонна Дьокуускай таһынааҕы бөһүөлэктэргэ тиэхиньик-сиэмэһиттэр тиийбэттэр. Урукку сыллартан үлэлээн кэлбит бэтэрээннэр сүрэхтэрин баҕатынан үлэлии-хамсыы сатыыллар, оттон эдэр дьоннор хамнас намыһаҕыттан олуйтаран, бу үлэҕэ сыстыбаттар.

Дьэ бу барыта түмүллэн, үлэни-хамнаһы атахтыыр, көрдөрүүнү мөлтөтөр эбит.

44 №-дээх сокуонунан

Маны таһынан, сокуон өттүнэн ылан көрдөххө, дуогабардары түһэрсии кэккэ уустуктардаммыт. Бэтэринээрийэ департамена тиэхиньик-сиэмэһиттэри (физическэй сирэйдэри) кытары гражданскай быраап майгылаах (ГПХ) дуогабары биитэр дьоҕус кээмэйдээх атыылаһыы туһунан быһа дуогабары, тиэндэрэ суох түһэрсэр. Инньэ гынан, «Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай наадыйыыны хааччыйыыга табаары, үлэни уонна өҥөнү атыылааһын (закупка) эйгэтигэр хантараах тиһигин туһунан» 44 №-дээх федеральнай сокуон ирдэбиллэрин кэһэргэ күһэллэр эбит.

Биллэрин курдук, бары судаарыстыбаннай тэрилтэлэр атыылаһыы былаан-кыраапыгын оҥостоллоругар үп-хаһаайыстыбаннай үлэ былааннарыгар сөп түбэһиннэрэн көрүллүбүт бүддьүөт лимиитин киллэриэх тустаахтар. Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүгэр сүөһүнү искусственнай сиэмэлээһин дьаһалларын тэрийиигэ «атын тус сыаллаах субсидия» быһыытынан көрүллэр лимиит атыылаһыы былаан-кыраапыгар киллэриллиэхтээх тустаах. Ол гынан баран, биэдэмистибэ иһигэр сылдьар тэрилтэ миэстэҕэ (муниципальнай тэриллиилэргэ) маннык өҥөнү оҥорор тэрилтэлэр суохтарын быһыытынан, «атын тус сыаллаах субсидия» чахчыларын киллэрбэт.

Оттон дьоҕус кээмэйдээх атыылаһыы туһунан быһа дуогабар өҥөнү соҕотох оҥорооччуну, толорооччуну кытары 2 мөл. солк. харчы иһинэн түһэрсиэхтээх. Былааннанар атыылаһыы кээмэйэ 2 мөл. солк харчыттан тахсар түбэлтэтигэр, сакаасчыт 44 №-дээх федеральнай сокуон ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн, тиэндэр ыытыахтаах. Бу түбэлтэҕэ искусственнай сиэмэлээһин дьаһалларын тэрийиигэ «атын тус сыаллаах субсидия» быһыытынан көрүллэр үлэ кээмэйэ 2 мөл солк харчыттан быдан тахсар эбит. Инньэ гынан, тустаах сокуон ирдэбиллэрэ кэһиллэр буоланнар, ыстараап түһэриллэр кутталлаах эбит.

Хаартыска СИА

Эрэдээксийэ

 

 

 

 

Читайте дальше