Сүөһү-сылгы кыстыга: хотоҥҥо хорҕойооччу аҕыйыыр, сыһыыга сылдьааччы эбиллэр

Саха сирин киин улуустарыгар уонна Бүлүү сүнньүн сорох түөлбэлэригэр дьыл баччатыгар диэри кыс хаар түһэ илик даҕаны буоллар, сүөһү хотоҥҥо хорҕойбута ыраатта. Улуустардааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалталара нэдиэлэ ахсын биирдэ хомуйан биэрэр дааннайдарынан, алтынньы 12 күнүнээҕи туругунан, бары киэптээх хаһаайыстыбаларга 219 309 ынах сүөһү уонна 240 942 сылгы этэҥҥэ сайылаан, тоҥ сиргэ үктэннилэр.

Үгэс курдук, балартан идэһэ саҕана хастара эрэ “сүүһэ тыаһыа” турдаҕа. Онон билигин бачча ахсааннаах сүөһү-сылгы кыстыа диэн этэргэ эрдэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ынах сүөһүнү уонна сылгыны холбуу ааҕан, үүммүт дьылга 186,2 тыһ. усулуобунай төбө кыстыаҕын сабаҕалаабыта. Онно олоҕуран, улуустар 459 307 туонна оту (былырыын сайын оттоммут кээмэйтэн 15 бырыһыанынан элбэх) бэлэмнииллэригэр былаан-сорудах тиэрдибитэ. Быйыл сайын от үүнэн уонна оттуурга тоҕоостоох күн-дьыл туран биэрэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 463 338 туонна оттоох (100%), 28 252 туонна сиилэстээх (былаантан 118%), 14 171 туонна сенажтаах (былаантан 110%) сүөһү-сылгы кыстыгар киирэнэрэллэрин туһунан министиэристибэ эрдэ иһитиннэрбитэ.

Онон кэлиҥҥи сылларга наар ханна эрэ курааннаан, аһыҥа ыһан эбэтэр арахпакка уһуннук түспүт ардах ууга ыытан, хаһаайыстыбалар уонна ыаллар кыстыкка кырыымчык оттоох киирэннэр, тастан атыылаһан эбинэр буоллахтарына, быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны хаһаастаах кыстык күүтэр. Ол эрээри, кыһалҕалаах төрүт суох буолбатах: Өймөкөөн уонна Эбээн Бытантай хаһаайыстыбалара кыстыыр отторун ситэ булуммаккалар, эбии аһылыкка уотурба тиэйиллэрин туруорсаллар. Итиэннэ кэлиҥҥи сылларга ойуур уотун содулугар сир мууһа-чэҥэ ирэн, ходуһалара ууга былдьаммыт, алдьаммыт хаһаайыстыбалар мобильнай биригээдэлэри туруоран, 34,5 тыһ. туонна кэриҥин ыраах, хотуур түспэтэҕэ үйэ буолбут үрэхтэр бастарыгар тиийэн оттоотулар. Министиэристибэ туһааннаах департамена иһитиннэрэринэн, мобильнай отчуттар айаҥҥа, уматыкка, сапчааска, о.д.а. тэрээһин ороскуоттарын толуйарга анаан 14 мөл. солкуобайы эрдэ ыыппыттарын кэнниттэн аны 2-с траншка былааннаммыт 29 мөл. солкуобайы хайа биригээдэ төһө туонна оту бэлэмнээбититтэн таһааран, сотору Ил Түмэҥҥэ көрүллэн бигэргэннэҕинэ, тиксэриэхтэрэ.

Дьэ, аны баайбытыгар төннүөххэ. Ынах сүөһү бүттүүн ахсаана ааспыт сыл баччаҕа баартан 4,8, ол иһигэр ынах төбөтө 3,2 бырыһыанынан аҕыйаабыт. Сүөһү ахсааныгар кэлиҥҥи икки кырыымчык аһылыктаах кыстыктар охсубуттара чахчы. Ол курдук, быйыл саас-сайын бары киэптээх хаһаайыстыбаларга 58 428 ньирэй төрөөтө (былырыыҥҥыттан 9,6 %-нан аҕыйах). Оттон төрүөх биэриэхтээх ынахтан 76,9 бырыһыана ньирэйдэннэ (ааспыт сылга 82,3 бырыһыана этэ). Ол гынан баран, ханна даҕаны сүөһү-хотон көрөөччү сааһырбытын аахсыбат буолуохха сатаммат. Кэтэх сүөһүлээх ыаллар ортолоругар “төбө харчытын” инниттэн эрэ онуоха-маныаха диэри хотоннонооччу элбэх. Этэргэ дылы, “сүрэх баҕатын сүһүөх уйбата” сааһырдах аайы чугаһаан иһэрэ мэлдьэх буолбатах.

Ол оннугар сылгы ахсаана сыыйа эбиллэр: былырыын баччаҕа баартан 0,6 бырыһыанынан элбэх. Ити иһигэр биэ ахсаана 122 691 төбөҕө тиийэн, 2,2 бырыһыанынан чорбойбут. Сылгы бүттүүн ахсаана балачча эбиллиэҕин төрүөх мөлтөҕө атахтаабыта биллэр: 62 294 кулун төрүөҕэ ылыллыбыт (былырыыҥҥыттан 8,9 %-нан аҕыйах). Ааспыт сылга баар биэттэн 57 бырыһыана төрөөбүт эбит буоллаҕына, быйыл саас – хайа охсубут аҥаара эрэ (50,8%). Этэргэ дылы, кырыымчык аһылык, халыҥ хаар, тымныы кыһын суола-ииһэ суох ааспатылар.

Убаһалаахтар онон быйыл төһө кыалларынан кыстата сатыыр буолуохтаахтар. От даҕаны дэлэй. Ол оннугар идэһэҕэ анаммыт убаһа этэ кэмчитийэн, сыаната тахсара сабаҕаланар. Сыананы ырыынак сүрүннүүр. Сүөһүлээх-сылгылаах дьон быйылгы курдук от хаһаастаах кыстыгы туһанан, баайдарын иитэ, тэнитэ сатыырга дьулуһуох тустаахтар.

Василий Никифоров 

Читайте дальше