Суруналыыстар Сойуустарын кытта эт саастыы

Быйыл Саха сирин Суруналыыстарын Сойууһа тэриллибитэ 65 сыллаах үбүлүөйдээх кэрдииһэ. Бэчээт эйгэтигэр түөрт уон үһүс сылын үлэлии, СӨ Суруналыыстарын Сойууһун салайса сылдьар, Галина Алексеевна Бочкарева Сойууспутун кытта эт саастыы.

Галина Алексеевна дьоно Томпоҕо олорбут буоланнар, Хаандыгаҕа нуучча кылааһыгар үөрэммитэ. Оҕо эрдэҕиттэн лиидэр хаачыстыбалаах кыыс кылааһыгар ыстаарысталыыра. Оскуола кэнниттэн Саха судаарыстыбаннай университетын историко-филологическай факультетын нуучча тылын салаатыгар киирбитэ Үһүс кууруска үөрэнэ сырыттаҕына, Свердловскайга суруналыыстыка салаатыгар үөрэттэрэ ыытаары кэпсэппиттэрин кыыс буолумматаҕа. 1987 с. хомсомуол үрдүкү оскуолатын суруналыыстыкаҕа салаатын бүтэрбитэ.

Кини Уус Алдан улууһун “Мүрү саһарҕата” хаһыатыгар эрэдээктэри солбуйааччынан, Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Эркээйи” хаһыатыгар эрэдээктэрдээбитэ. «Эркээйигэ» үлэлии сырыттаҕына, 1998 с. өрөспүүбүлүкэбит Бастакы Президенэ М.Е. Николаев ыҥыран ылан кэпсэтэн, “Республика бүттүүнэ-Вся республика” диэн өрөспүүбүлүкэ олоҕун ырытан сырдатар саҥа хаһыакка эрэдээктэринэн анаабыта. Саҥа кэлэктииби тэрийии, материальнай-техническэй базатын оҥоруу, айар соруктарын олоххо киллэрии салайааччыттан элбэҕи эрэйэр. Галина Алексеевна каадырдарын өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан түмэн, улуустан кэлбит суруналыыстар дьиэлэрин-уоттарын быһааран улахан кэлэктииби салайан үлэлэппитэ. Сүнньүнэн орто саастаах, бары да өрөспүүбүлүкэ, улуус хаһыаттарыгар үлэлээбит дьон этилэр.

Галина Бочкарева ол кэнниттэн өрөспүүбүлүкэ кырдьаҕас, баай үгэстэрдээх “Якутия” хаһыакка эрээдээктэри солбуйбута. Манна үлэлиир сылларыгар саҥа сүүрээни киллэрэн, ”Вторая половинка” өрөспүүбүлүкэ салайааччыларын кэргэннэрин кытта кэпсэтии рубрикатын тэрийэн утумнаахтык суруйбута.

Онтон «Сахабэчээт» тэрилтэни иилээн-саҕалаан тэрийбитэ. Бу кини “Республика бүттүүнэ-Вся республика” хаһыат кэнниттэн иккис тэрилтэтин тэрийиитэ этэ.

Салгыы тыыллан-хабыллан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруналыыстарын Сойууһугар бэрэссэдээтэлинэн талыллан, 2008-2023 сс. диэри икки болдьоххо үлэлээбитэ. Билигин бэрэссэдээтэли солбуйааччы быһыытынан үлэлээбит уопутунан салгыы үлэлэһэр. “Ил Түмэн” СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын хаһыатын кылаабынай редактора.

Уон биэс сыл Суруналыыстар Сойуустарын салайыыга

1959с. Суруналыыстар бүтүн Сойуустааҕы сийиэстэрэ ыытыллар буолбутугар Саха сириттэн дэлэгээттэри талар уонна Саха сиригэр Суруналыыстар сойуустарын тэрийэр соруктаах ити сыл кулун тутар 16-17 күннэригэр бастакы мунньаҕы ыыппыттара. Манна барыта аҕыс уон бэчээт үлэһитэ, суруналыыстар, селькордар, партия, хомсомуол, идэлээх сойуустар тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ кыттыбыттара. Сүрүн дакылааты ССКП обкомун бастакы сэкирэтээрэ С.З. Борисов оҥорбута. Бу мунньахха өрөспүүбүлүкэтээҕи Суруналыыстар Сойуустара тэриллибитэ, устаабы билиһиннэрбиттэрэ, бырабылыанньа чилиэннэрин, сийиэс дэлэгээттэрин талбыттара. Сойуус бэрэссэдээтэлинэн Иван Александрович Аргунов талыллыбыта. Кини СӨ Суруналыыстарын сойууһун уон биир сыл устата салайбыта. Салгыы Сойууһу “Кыым” хаһыат редактора Савва Константинович Томскай, “Социалистическая Якутия” хаһыат редактора Альбина Анатольевна Антропова, эмиэ бу хаһыат редактора Олег Дмитриевич Якимов, “Илин” сурунаал редактора Олег Гаврильевич Сидоров, Иван Васильевич Борисов салайбыттара.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруналыыстарын сойууһа Саха сиригэр саамай элбэх, 2022с. түмүк көрдөрүүүтүнэн 1118 чилиэннээх Сойуус, Россия саамай бөдөҥ региональнай салааларыттан биирдэстэрэ. 1959 сыллаахха тэриллиэҕиттэн Сойуус сытыы бөрүөлэринэн норуокка өйү-санааны тиэрдэн кэлбит сүүһүнэн суруналыыстары, хаһыат, телевидение, радио үлэһиттэрин, публицистика уонна уран тыл маастардарын түмэн кэллэ. 65 сыл устатыгар өрөспүүбүлүкэ суруналыыстыката ааҕааччылар, телевизоры көрөөччүлэр, радионы истэччилэр  арахсыспат аргыстара буолан, дьон-сэргэ билиниитин ылбыттара. Галина Бочкарева СӨ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ буолаат, Сойуус докумуоннарын бэрээдэктээһиҥҥэ ылсыбыта, устаабын саҥардан, юстиция министерствотыгар регистрациялаппыта. Сойуус баара эрэ биир бэчээттиир массыыҥкалааҕа эрэ. Массыыҥкаҕа охсуллубут суруналыыстар учуоттарын карточкалара баара. Уһун кэм устата компьютерга суруналыыстар дааннайдарын базата оҥоһуллубута.

Галина Бочкарева Суруналыыстар сойуустарын үлэтигэр судаарыстыбаннай таһаарыылар суруналыыстарын сэргэ, чааһынай, коммерческэй хаһыаттар суруналыыстарын тарпыта.

Сылын аайы суруналыыстар үлэлэрин куонкурустара, Россия Бэчээтин күнүгэр, тохсунньу 13 күнүгэр пресса Бала ыытыллар, онно «Золотое перо», «Золотой микрофон», «Дебют года», “Издание года” о.д.а. – барыта уон үс бириэмийэ туттарыллар үгэһэ олохтоммута. 2023 сыллаахтан  “СВОих не бросаем” диэн номинация билиҥҥи кэмнээҕи уустук быһыы-майгы хайысхатыгар ордук көхтөөхтүк уонна кырдьыктаахтык сырдаппыт суруналыыстарга ананар. Билигин Сойуус иһинэн Улахан дьүүллүүр сүбэ региональнайдааҕы салаата, бэтэрээн-суруналыыстар Сэбиэтэ, эдэр суруналыыстар кулууптара үлэлиир. Россия Суруналыыстарын Сойууһун кытта ситими олохтоон, ыкса үлэлэһэн, Россия Сойууһа ыытар тэрээһиннэригэр, үөрэхтэригэр, Уһук Илиннээҕи уонна Бүтүн Россиятааҕы таһымнаах медиафорумнарга уонна фестивалларга Саха сирин суруналыыстара көхтөөхтүк кытталлар.

Суруналыыстар Сойуустара «Пресса Земли Олонхо» МИС фестивалын, Суруналыыстар Ыһыахтарын, эдэр суруналыыстар Медиафорумнарын, норуоттар икки ардыларынааҕы пресс-турдары тэрийэр. Пресса “Земли Олонхо” фестиваль алта төгүл ыытылынна, манна киин МИС суруналыыстара уонна суруналыыстар бырааптарын көмүскүүр Киинтэн исписэлиистэр маастар-кылаастары ыытан кыттыбыттара. Кытайга, Японияҕа, Монголияҕа, Казахстаҥҥа, Беларуська, Арменияҕа, Грузияҕа пресс-турдар тэриллибиттэрэ. Улуус хаһыаттарын үлэһиттэригэр араас спорт күрэхтэһиилэрэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи типографияҕа, ирбэт тоҥ институтун музейыгар, о.д.а. эбийиэктэргэ экскурсиялар тэриллибиттэрэ.

«Журналисты Якутии» энциклопедия оҥоһуллан биир тыһыынча ахсаанынан бэчээттэммитэ. Аҥара Национальнай библиотекаҕа, куорат уонна тыа сирин библиотекаларынан тарҕаммыта. Энциклопедияҕа суруналыыстыка эйгэтигэр уон биэс сыл үлэлээбит 891 суруналыыс кылгас биографията суруллан киирбитэ.

Бэчээт дьиэтин ойоҕоһугар буойун-суруналыыстар искибиэрдэрэ арыллыбыта. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр саа-саадах тутан кыргыспыт хорсун суруналыыс-буойуннар ааттара өйдөбүнньүк дуоскаҕа үйэтитиллибитэ. Стеланы Кыайыы уордьана уонна суруналыыс бөрүөтэ ситэрэн биэрэр. Былаһаакка оҥоһуллан тротуар билииккэтэ ууруллубута. Сылын аайы Улуу Кыайыы күнүгэр буойун-суруналыыстар ытык ааттарыгар, албаннаах суолларыгар сүгүрүйэн сибэкки ууруута тэриллэр.

Өрөспүүбүлүкэбит Суруналыыстарын Сойууһун килбиэннээх историятын үйэтитэн, Саха Сирин суруналыыстыкатын музейа үөрүүлээхтик арыллыбыта. Музейга матырыйаал хомуйуу Суруналыыстар Сойуустарын 55 сылыттан саҕаламмыта. Манна сыаналаах историческай экспонаттар – суруналыыстар докумуоннара уонна тус маллара бааллар. Холобур, радио суруналыыһа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Николай Алексеевич Кондаков учуотун карточката ураты экспонат.  Москватааҕы судаарыстыбаннай университет суруналыыстыкатын салаатын бүтэрбит  суруналыыс Эдуард Волков-Тараҕай Бөрө диплома эмиэ баар. Эргэ, саһарбыт хаһыаттар, хаартыскалар, хаартыскаҕа түһэрэр аппарааттар, радиорепортер, массыыҥкалар, кинигэлэр, остуол, олоппостор музей экспонаттара буолбуттара. Манна оннооҕор “Якутск вечерний” хаһыат редакцията ыыппыт экспэдииссийэтэ булбут Аляска-Сибирь трассатыгар сууллубут сөмөлүөт бүлүмүөтүн сорҕото кытта баар.

Бэтэрээн суруналыыстар сырдык ааттарыгар, сыралаах айар үлэлэригэр сүгүрүйэн, кинилэри холобур оҥостон, аҕа көлүөнэ уон үс чулуу суруналыыһын — Кондаков Николай Алексеевич – радио суруналыыһа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, Протопопова Нина Иннокентьевна – «Бэлэм буол» — «Кэскил» — «Юность Севера» хаһыаттар кылаабынай эрэдээктэрдэрэ, 51 сыл эрэдээктэрдээн Россияҕа рекорд оҥорбут киһи, Рыбаковскай Эдуард Михайлович – «Якутия» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ, Кириллин Василий Васильевич – «Саха сирэ» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ, Аргунов Иван Александрович –  Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруналыыстарын сойууһун бастакы бэрэссэдээтэлэ, Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылаҕа, Емельянов Олег Новомирович –  «Якутия», «Неделя Якутии» хаһыаттар кылаабынай эрэдээктэрдэрэ, Левин Леонид Ирмович – «Норд-Пресс» медиахолдинг тэрийээччитэ, «Якутск вечерний» бастакы тутулуга суох, арбаан хаһыатын эрэдээктэрэ, суруналыыс династия аҕа баһылыга, Степанов Вячеслав Гаврилович – саха Озерова диэн ааттаммыт биллиилээх спорт комментатора, Миронова Елена Степановна – биллиилээх телесуруналыыс, Егорова Федора Петровна – «Кыым» хаһыат эрэдээктэрэ, Баишев Макар Афанасьевич – радио суруналыыһа, «Саха сирэ» хаһыат корреспондена, Порядин Еремей Никитович – фотохудуоһунньук, Дадаскинов Степан Егорович – радио суруналыыһа, суруйааччы — ааттара музей «Легенды якутской журналистики» галереятыгар үйэтитиллибитэ.

Национальнай өрөспүүбүлүкэлэргэ барыларыгар кэриэтэ Национальнай бэчээт күнэ баара, биһиэхэ суоҕа. Онтон өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев Ыйааҕынан Бэчээт күнэ тэриллибитэ, онон 2021 сыл от ыйын 1 күнүгэр Национальнай бэчээт күнэ аан бастаан тэриллибитэ. Галина Бочкарева Национальнай МИС ассоциациятын Президенэ Мария Христофоровалыын саха тыллаах хаһыаттарга анаан “Уһун Дьурантаайы” диэн куонкуруһу тэрийбиттэрэ.

Саха сирин Суруналыыстарын сойууһун кытта эт саастыы Галина Алексеевна Бочкарева сойуус бэрэссэдээтэлин быһыытынан итинник үлэлэри тэрийэн ыыппыта.

Суруналыыс үлэтэ умсугутуулаах

Галина Бочкарева суруналыыс идэтин, билиҥҥи балаһыанньатын туһунан санааларын үллэстэр:

— Суруналыыс үлэтэ чэпчэкитэ суох, үрдүк эппиэтинэстээх, кэлиилээх-барыылаах өй үлэтэ. Урукку кэмҥэ айаны-сырыыны кыайар, хамнаһа да үгүөрү буолан суруналыыстыка, бэчээт эр дьон эйгэтэ этэ. Билигин бу үлэ сөптөөхтүк төлөммөт. Бэчээт үлэһиттэрэ госсулууспаҕа да, культура да эйгэтигэр киирбэттэр — онтон да атыттар диэҥҥэ киирэллэр. 90-с сыллартан суруналыыстыкаҕа актыыбынай позициялаах, сытыы-хотуу дьахтар аймах киирбитэ. Уопуттаах каадырдар сааһыран иһэллэр, ыччат дьон хоту улуустарга барыан баҕарбат, учууталларга, медиктэргэ курдук социальнай чэпчэтии суох, хамнас кыра, дьиэнэн-уотунан хааччылыы суох. Тыа сирин суруналыыһын туһунан туруорса сатаабыппыт да, билигин хамсааһын суох.

Идэлээх бырааһынньыгы чуолкайдааһын туһунан элбэхтэ боппуруос көтөҕө сылдьыбытым. Россия Бэчээтин күнэ – тохсунньу 13 күнэ бэчээт, типография, кинигэ таһаарааччылар, МИС күнэ диэн. Маны сэргэ ыам ыйын 7 күнэ – радио күнэ, телевидение аан дойдутааҕы күнэ, Саха телевидениетын күнэ диэн эмиэ туспа күн эмиэ баар. Кинилэр күннэригэр хаһыат үлэһиттэрэ сылдьыбаттар эбээт. Оттон Бэчээт күнүгэр телевидение, радио тэҥинэн бэлиэтэнэллэр. Онон Бэчээт күнүн бэчээт күнүн курдук бэчээт үлэһиттэригэр анаан ыытыллара сөптөөх этэ.

Саха сирин олохтоохторо олус ааҕаллар. Урукку кэмнэргэ биир ыал элбэх хаһыаты, сурунаалы сурутан ааҕаллара.  Почтальоннар ыарахан суумкаҕа таһан тарҕатан тиэрдэллэрэ. Хаһыат киоскаларыттан төһөлөөх атыылаһан ааҕар этилэрий? Ыччат хаһыаттара саҥа кэм рупордарынан буолаллара.

Редакцияларга көтөх муҥунан суруктар киирэллэрэ. Саха сирин олохтоохторо ааҕалларын да, суруйалларын да сөбүлүүллэр. Билигин социальнай ситимнэргэ бэйэлэрин суруналыыс курдук сананан суруйуу элбэх. Блогердары этэ да барбаккын. Урут чопчу редакцияҕа суруйаллара. Уопсастыбаннай корреспонденнар элбэхтэрэ, кинилэр, кыраайы үөрэтээччилэр, араас идэлээх кыһалҕаҕа даҕаны, ситиһиигэ да туора турбат дьон араас хайысха кыһалҕаларын, үлэ дьонун, араас тэрээһиннэр, күрэхтэһиилэр тустарынан сырдатан суруйаллара.    

90-с сылларга Россия атын регионнарыгар үгүс МИС сабыллан сүтэр кэмигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай тэрилтэлэрэ элбэх таһаарыыны – хаһыаты, сурунаалы харыстаан хаалларбыттарын сэргэ «Чуораанчык», «Забота-Арчы», «Илкэн», «Далбар Хотун» курдук саҥа таһаарыыларынан байыппыттара.

Суруналыыс үлэтэ чэпчэкитэ суоҕун иһин, олус умсугутуулаах. Ааҕааччы бэйэтэ сэргээн ааҕар тиэмэлээх, ааптардаах. Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үгүс көрдөрөр-иһитиннэрэр уонна информацияны киэҥник тарҕатар эйгэ тэрилтэлэрэ, элбэх портал баар. Ааҕааччы бэйэтэ талан ааҕар, көрөр. Интернет үйэтигэр хаһыаттар, сурунааллар ааҕааччыны тардар курдук күүскэ үлэлээтэхтэринэ эрэ сурутааччылаах буолар кэмнэрэ. Бэчээт үйэлээх. Электроннай, сыыппара эйгэтэ бигэ диэн бигэргэтэр кыахпыт суох. Вирустар эһиэхтэрин, хакердар атаакалыахтарын сөп. Этэргэ дылы, «суруллубут — суоруллубат». Былаас официальнайы барытын хаһыатынан бигэргэтэн таһаарар. Хаһыат, сурунаал – материальнай, илиигэр тутан, арыйан ааҕаҕын. Бу барыта архыыптанар, ууруллар. Хаһан баҕарар библиотекаттан ааҕыахха сөп. Ол иһин дьоһун тыллаах, дириҥ ис хоһоонноох таһаарыыны араҕас таһаарыыттан арааран сэргээбэт таһымнаах ааҕааччыны иитиэхпитин наада. Суруналыыс уопсастыбаны иитиигэ оруола улахан. Ааҕааччы болҕомтотун тарда эрэ охсоору, иннин-кэннин быһаарсыбакка эрэ, сурах хоту кэлтэйдии быһа-бааччы көтүмэх суруйуулар элбээтилэр. Суруналыыс ааҕааччы иннигэр эппиэтинэһи сүгэрин хайа да түгэҥҥэ умнуо суохтаах.

Галина Алексеевна – олоххо

Галина Бочкарева эрчимнээх, туруу үлэһит, тэрийээччи, салайааччы. Ханнык да дьыаланы тиһэҕэр тиэрдэр эппиэтинэстээх киһи. Кини“Саха сирэ” хаһыат редактора Василий Васильевич Кириллин мэктиэлээһининэн улуус хаһыатыттан өрөспүүбүлүкэ бэчээтигэр кэлэн үүммүтэ. Түөрт уон түөрт сыл устата суруналыыстыка, саха бэчээтэ сайдыытыгар, салайааччы быһыытынан өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар тус бэлиэ кылааттаах.

Галина Алексеевна аныгы кэми кытта тэҥҥэ хардыылыыр. Суруналыыстартан «сетевой» – ситимнээх атыынан дьарыктанар киһи уонна бэйэтэ блогтаах суоҕун кэриэтэ, баар да буоллаҕына, аҕыйах буолуо.  Кини уһун кэмҥэ “Цептеринэн” дьарыктанан кэллэ. Аны күннэтэ телеграм-ханаалтан Галина Алексеевна ханна сылдьыбытын, кими көрсүбүтүн, тугу астаабытын, оҕуруота хайдах үүммүтүн, сиэнчээнэ тугу гыммытын, о.д.а. суруйбутун, быһата, олоҕор туох буола турарын ааҕан, көрөн билиэххэ сөп. Аны уран хараҕынан хаартыскаҕа түһэрэр. Дьэ маны барытын хаһыат матырыйаалларын эрэдээксийэлээһинтэн, дьиэ-уот түбүгүттэн быыс булан суруйарын үгэс оҥостубут. Матырыйаалынай эйгэ кэрэ, тупсаҕай буоларыгар улахан болҕомтотун уурар. Ол да иһин “Цептеринэн” дьарыктанар буоллаҕа. Дьиэтин, тэлгэһэтин сибэккилэринэн симиир. Таҥнара даҕаны өрүү истииллээх. Дьаһаллаах хаһаайка. Урут Галина Алексеевна сурунаалга Юрий Никулин олорор дьыбаанын көрөн, ол дьыбааны ыйан көрдөрөн, оруобуна оннук миэбэли оҥорторбутун кэпсээбитэ.

Галина Бочкарева аны туран өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр коллекционер. Аккырыыккалары, кэмбиэр мааркаларын мунньар, быыстапкалаан көрдөрөр. Кини муспут аккырыыккалара ааспыт кэм кэрэһиттэрэ буолан аккырыыкка искусствота сайдан иһиитин кэпсиир.

Аны меценат. “Республика бүттүүнэ-Вся республика” хаһыакка үлэҕэ киирээт, Дьокуускай куорат “Журавлик” оҕо дьиэтигэр кэлэктиип үлэһиттэриттэн оонньуурдары хомуйан туттарбытын өйдүүбүн. Кини үөрэммит Тиэлигитин оскуолатын попечителэ.Өрөспүүбүлүкэ Суруналыыстарын Сойууһа ыытар тэрээһиннэригэр бэйэтиттэн үбүлээбитэ элбэх. Онуоха барытыгар кэргэнигэр Михаилга махтанар.

«Кэргэним хайа да түгэҥҥэ саамай өйдүүр-өйүүр киһим. Бааҥҥа үлэлиир, миигиттэн быдан үрдүк хамнастаах да буолан көмөтө элбэх, үбүнэн буоллун, массыынатынан буоллун, куонкурустарга бириистэри атыылаһан, тиэйэн-таһан…», — диир Галина Алексеевна.

Галина Алексеевна тэрээһиннээх, омос көрдөххө, сымнаҕас, холку курдук эрээри, иһигэр бүтүннүү оргуйа сылдьар буорахтаах киһи.

Валентина Бочонина

Читайте дальше